Ойуур баһаардарын утары үлэ хаамыыта

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бүгүн, бэс ыйын 17 күнүгэр, СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Садовников ойууру баһаартан харыстыыр суһал ыстаап уочараттаах мунньаҕын ыытта.

Мунньахха ойуур баһаарын умуруоруу үлэтэ хайдах баран иһэрин дьүүллэстилэр. Бүгүҥҥү күҥҥэ 23 585 га иэннээх 10 ойуур баһаарын умулларыы үлэтэ ыытылла сылдьарын экология, айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын  миниистирин солбуйааччы Алексей Агеев иһитиннэрдэ.

Үөһээ Бүлүү улууһугар турбут баһаарга 156 киһи, 14 тиэхиньикэ үлэлии сылдьар. Ми-8 бөртөлүөт 14 төхтүрүйэн 42 тонна ууну кутта.

Ньурба улууһугар турбут баһаар бэҕэһээ 18.00 чааска умуруорулунна. Ону тэҥэ бэҕэһээ Дьиикимдэ сэлиэнньэтин сиригэр тахсыбыт умайыыны тута умуллардылар.

Сунтаар улууһугар бүгүҥҥү күҥҥэ икки ойуур баһаара бэлиэтэнэр. Бастакы баһаар уота тохтотулунна. Иккис баһаар Хоро нэһилиэгиттэн 41 км тэйиччи сиргэ умайар. Баһаары умулларыы үлэтэ бара турар, барыта 70 киһи үлэлиир.

Мииринэй оройуонугар бэҕэһээ куораттан 51 км тэйиччи сиргэ баһаар барда. Умулларыыга 11 киһи үлэлиир.
Ленскэй оройуонугар баһаары тохтоттулар, сарсыҥҥы күнү аһарбакка умуллараллара былааннанар.

Мэҥэ Хаҥаласка биир баһаар умулларылынна.

Томпо улууһугар Хаандыга аттынан биир ойуур баһаара бэлиэтэммитэ, бэҕэһээ умулларылынна. Ону тэҥэ Өймөкөөҥҥө Томтор сэлиэнньэтин аттыгар барбыт баһаар умулунна.

Уус Маайа оройуонун Бэлкэчи  сэлиэнньэтин таһыгар турбут баһаар тохтотулунна, аҕыйах суукка иһинэн умуллараллара былааннанар.

Дмитрий Садовников Хаандыга баһаарын умулларалларыгар уонна Мииринэйгэ турбут баһаар биричиинэтин быһаарарга сорудахтаата. Ону сэргэ вице-премьер баһаары умулларарга төлөбүрдээх үлэлии сылдьар олохтоох дьону кытары дуогабар үлэтин күүһүрдэргэ соруйда.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0