Ойуур баһаардарын умуруорууга үлэни күүһүрдэллэр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бүгүн, бэс ыйын 6 күнүгэр, Ньурба оройуонуттан куйаар ситиминэн СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников ойуур баһаардарын утары охсуһар суһал ыстаап мунньаҕын ыытта.

Бэлиэтэнэринэн, бэс ыйын 6 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 2 635,5 га иэннээх сиргэ турбут 16 ойуур баһаарын умулларыыга үлэ ыытыллар (Сунтаарга – 4; Ньурбаҕа – 3; Кэбээйигэ – 2; Бүлүүгэ – 2; Үөһээ Бүлүүгэ – 2; Хаҥаласка – 1; Ленскэйгэ – 1; Уус Маайаҕа – 1).  Билиҥҥи туругунан нэһилиэнньэлээх пууннарга куттал суоһаабат.
Үлэ бара турар сиригэр биир хонук иһигэр 90 га иэннээх сиргэ 6 ойуур баһаара умуруорулунна, 58,5 га иэннээх сири хаппыт 3 ойуур баһаара булулунна.
Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ойуур уотун умулларыыга 1 531 киһи үлэлиир. Авиалесоохрана — 310 киһи; «Якутлесресурс» ГАУ уонна ойуур хаһаайыстыбатыттан  — 146 киһи; ЫБММ — 30 киһи; олохтоох нэһилиэнньэттэн – 1029 киһи уонна 205 көлө.
Суһал ыстаап мунньаҕынан, суһал балаһыанньаттан көрөн, РФ ЫБММ БЕ-200 самолет-амфибия бүгүн Сунтаар оройуонугар үлэлиирэ быһаарылынна. Ньурбаҕа ууну кутар Ми-8 бөртөлүөт үлэтэ салҕанар.
Маны сэргэ, суһал быһыыттан-майгыттан сиэттэрэн, Үөһээ Бүлүү оройуонугар  Авиалесоохрана уонна атын суһал сулууспалар мобильнай бөлөхтөрүн үлэлэрин күүһүрдэр туһуттан, «Полярные авиалинии» авиахампаанньа Ми-8 бөртөлүөтүн көтүтэри тэрийии туһунан боппуруос көрүлүннэ.
Нэдиэлэ бастакы күнүгэр Хабаровскайтан уонна Владивостоктан парашютнай-десантнай баһаарынай сулууспа байыастара, уопсайа 160 киһи кэлиэхтээх. Кинилэр Үөһээ Бүлүү уонна Ньурба оройуоннарынан тарҕанан үлэлиэхтэрэ.
Суһал ыстаап чилиэннэрэ ойуур баһаардарын умулларыыга үлэни сүрүннүүргэ улуустарынан тарҕаһан үлэлииллэр.
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0