Ойуур баһаардарын умуруорууга 772 киһи уонна 35 техника үлэлиир
Бэс ыйын 28 күнүнээҕи туругунан, өрөспүүбүлүкэ сиригэр 60 ойуур баһаара бэлиэтэннэ.
Ол иһигэр Өлүөхүмэҕэ -5, Уус Маайаҕа -3, Ленскэйгэ -2,Бүлүүгэ -1, Сунтаарга -3, Хаҥаласка -1, Горнайга -2, Мииринэйгэ -13, Томпоҕо -7, Өлөөҥҥө -2, Алдаҥҥа -11, Үөһээ Дьааҥыга -1, Эдьигээҥҥэ -3, Нерюнгрига — 6 ойуур баһаара. Уопсай иэннэрэ 80986,5 га.
Суукка устата Бүлүү, Сунтаар, Хаҥалас, Өлүөхүмэ, Горнай, Мииринэй, Үөһээ Дьааҥы, Томпо, Эдьигээн, Алдан, Нерюнгри оройуоннарыгар уопсайа 1300 га иэннээх саҥа 34 баһаар көһүннэ.
Бүгүҥҥү туругунан 55592,5 га иэннээх 21 баһаары умуруорууга 772 киһи уонна 35 техника үлэлиир.
Ааспыт сууккаҕа ойуур пуондатын сиригэр Ньурба, Томпо, Алдан оройуоннарыгар үс баһаар умуруорулунна. Ленскэй, Өлүөхүмэ, Горнай, Уус Маайа оройуоннарыгар биэс баһаар бохсулунна.
Санатан эттэххэ, өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар баһаары утары ураты эрэсиим салҕанар. Ойуур баһаардарынан уонна ойуур баһаардарын кылааһа үрдээһининэн, бэс ыйын 23 күнүттэн ыксаллаах быһыы-майгы хамыыһыйатын (КЧС) быһаарыытынан өрөспүүбүлүкэҕэ уһулуччу бэлэмнээх буолуу эрэсиимэ киллэриллибитэ.
edersaas.ru