Ойуур баһаардарын умуруорууга 603 киһи үлэлиир

Бөлөххө киир:

Атырдьах ыйын 16 күнүнээҕи туругунан, өрөспүүбүлүкэҕэ 11 ойуур баһаара бэлиэтэннэ.

Ол иһигэр Өймөкөөҥҥө  — 1, Орто Халымаҕа  — 3, Томпоҕо — 1, Өлүөхүмэҕэ — 1, Аллараа Халымаҕа  – 1, Уус Маайаҕа  — 4 ойуур баһаара.

Ааспыт сууккаҕа Өймөкөөҥҥө 7 га иэннээх биир  1 ландшафтнай баһаар умуруорулунна.

Былырыын бу кэмҥэ уопсайа 4,5 мөл. га иэннээх  159 ойуур баһаара баара.

Билигин Уус Маайаҕа уонна Өлүөхүмэҕэ 56 133 га иэннээх үс баһаары умуруорууга үлэ ыытыллар.

Уоту утары охсуһууга 603 киһи уонна 8 техника үлэлиир.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0