Эрэгийиэннэргэ ойуур баһаардарын умулларыы тэҥник үбүлэммэтэ сотору кэминэн быһаарыллыаҕа.
Өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата бу боппуруоһу өр кэмнэргэ туруоруста. Дойду үрдүнэн биир гектар ойуурга ортотунан 190 солкуобай көрүллэр. Онтон сорох эрэгийиэннэргэ бу сыыппара 500 солкуобайга тиийэр. Онтон Саха сиригэр биир гектар ойуурга 6 солкуобай 90 харчы.
Муус устар 28 күнүгэр дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин эрэгийиэн баһылыктарын кытты видео-кэмпириэнсийэтигэр Ил Дархан Айсен Николаев бу боппуруоһу көтөхпүтэ. Кини эрэгийиэннэр үбүлэниилэрин тэҥниир туһунан көрдөһүүтүн бэрэсидьиэн ылынан, бу боппуруоһу быһаарарга тустаах министиэристибэлэри сорудахтаабыта.
Экология миниистирин солбуйааччы, өрөспүүбүлүкэ сүрүн лесничэйэ Алексей Агеев этэринэн, бу ыйаах олоххо түргэнник киирбэт, баар сокуоннары уларытарга бириэмэ ирдэнэр, онон үбүлээһин саҥа ньымата 2021 сылтан үлэлиэҕэ.
Ньургуйаана Иванова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска Sakha.gov.ru