Бороҕон (баһылык Андрей Иванов) – Кэбээйи улууһугар айанныыр аартык төрдүгэр сытар, Бүлүү улууһун тимэх нэһилиэгэ.
Өрөспүүбүлүкэ суолталаах айан суола нэһилиэк киинин, Чай сэлиэнньэтин, хабыллар хаба ортотунан ааһар. Манна саха норуодунай учуутала Николай Афанасьев аатынан агро-оскуола баар, онон бороҕоттор үөрэҕи да, үлэни да тэҥҥэ дьүөрэлээн сайдаллар.
Быйыл сайын этиҥ чаҕылҕаныттан аҕыс сиргэ ойуур баһаара күөдьүйэн, бэркэ ыксаталыы сырытта. Сэттэ сиргэ турбут уоту нэһилиэк олохтоохторо бэйэлэрэ умуруорбуттара. Оттон 28 №-дээх уот кыайтарбакка, ону умуруорууга элбэх күүс түмүллүбүтэ. Ол уоту бэрт сыранан бохсон, кэтээн көрөр уонна көрдүгэннэри умуруорар үлэни «Авиалесоохрана» байыастарыгар туттаран бараннар, олохтоохтор отторугар уонча хонуктааҕыта эрэ туруммуттара.
Билигин Бороҕоҥҥо хас алаас, хас сыһыы ахсын от үлэтэ оргуйан олорор: ким охсор, ким мунньар, ким кэбиһэр. Үүнүү орто үчүгэй буолан, бу аҕыйах хонук иһигэр 300 туонна оту чөкөттүлэр.
Бүлүүттэн Андрей Яковлев-Чуос, «Саха сирэ» edersaas.ru сайтка анаан.