Ойуур баһаардара: хоту улуустарга балаһыанньа хайдаҕый?

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Атырдьах ыйын 26 күнүнээҕи туругунан, өрөспүүбүлүкэҕэ ааспыт өрөбүллэргэ хааччыйыы тас өттүгэр сытар зонаҕа 42 баһаары хаптаттылар.

Бүгүҥҥү туругунан ойуурга 4 сиргэ турбут уоту умулларыыга үлэ ыытыллар. Итилэртэн 3 сиргэ — Абыйга, Дьааҥыга, Орто Халымаҕа баһаар умулла илик. Өлөөҥҥө биир баһаар бохсулунна.
Ойуурга турбут баһаардары умулларыыга 166 киһи үлэлиир, 14 тиэхиньикэни туһаналлар.
Өрөспүүбүлүкэҕэ киһи кыайан тиийбэт сирдэригэр уот көрдүгэнин 35 сиргэ кэтээн көрөллөр.
Саха сирин Экологияҕа министиэристибэтэ ойуурга сэрэхтээхтик сылдьаргытыгар сүбэлиир.
Ойуурга уот турбутун көрдөххүтүнэ, 8-4112-44-74-76, биитэр ойуур харыстабылын суһал линиятыгар 8-800-100-94-00 эрийэн, биллэриҥ.

СӨ Экологияҕа министиэристибэтин пресс-сулууспата

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0