Ойуур баһаара: нэһилиэк баһылыгын санаата

Ааптар: 
22.08.2021
Бөлөххө киир:

Быйылгы айылҕа иэдээнигэр – ойуур баһаардарыгар ордук улуустар уонна нэһилиэктэр баһылыктара үлэлэрин түмүгэ, салайар уопуттара, дьоҕурдара арылхайдык көһүннэ.

Бэс ыйын саҥатыгар ойуур баһаардарын бастакынан Ньурба улууһун нэһилиэктэрэ көрсүбүттэрэ.

Бүгүҥҥү ыалдьыппыт – Ньурба улууһун Үөдэй нэһилиэгин баһылыга Мария НИКОЛАЕВА.

Бэйэ холобура

— Мария Пудовна, эн, дьахтар-баһылык киһи, бастатан туран, туох ыарахаттары көрсүбүккүнүй?

— Ойуур баһаарын үлэтэ хайдаҕын билээри биир-икки күн күннэри-түүннэри бэйэбинэн сылдьыбытым. Онуоха өрүү аттыбар сүбэ-ама буолар уолаттарым Прокопий Григорьев, Айаал Аммосов уонна ытыктыыр киһим Юрий Николаев миэхэ уҥа-хаҥас сылдьан, ыччаттары, дьону көҕүлээбиттэрэ. Туох кистэлэ кэлиэй, улахан баһаары көрбөтөх дьон буолан, бастаан утаа уолуйуу да баара. Онтон холкутуйан, анаан сааһыланан, толкуйдаахтык дьаһанан, нэһилиэкпитин уокка быдьаппат соругу туруорбуппут. Дьэ, ол кэнниттэн дьаһалтабар олорон эрэ каарта уруһуйдаан баран, уолаттарбын кытта “бүгүн маннык, сарсын маннык гынабыт” диэн былааннаан, лесхозтарга, атын наадалаах сиргэ былааммытын ыытан, балаһыанньаны кэмигэр билиһиннэрэ олорбутум. Ол мин баһылык буоллум да, эбэһээт күрдьэх  тутан баран, ойуурга баһаары утары охсуһа сылдьыахтаахпын диэн буолбатах. Салайар үлэ төрдө — олох атыҥҥа. Сөпкө дьаһаныахха наада  уонна сэниэлээх соҕустук «ээх-ыых» дэппэккэ, «эн манна бараҕын, кини онно барар» диэн балаһыанньаны көрөн дьаһайыы наада.

Дьоммор, баһаар саҕаланаатын кытта, “батсаапка туох да куһаҕаны суруйумаҥ, ол-бу сураҕы-садьыгы итэҕэйимэҥ, нэһилиэк группатыгар барытын иһитиннэрэ-биллэрэ олоруом” диэн эппиппин, дьонум ылыммыттара. Онтон Ил Дархан Айсен Николаев,  улууспут баһылыга буола турар балаһыанньаны бэйэлэринэн кэлэн, көрөн-истэн барыылара санаабытын көтөхпүтэ. Уоппутун этэҥҥэ тохтоппуппут эрээри, уоскуйар эрдэ. Хаар түһүөр диэри кэтии-маныы сылдьыахпыт.

Эрдэттэн бэлэмнээх буолуохха

— Билигин барыта уоскуйбутун кэннэ, туох санаа, толкуй үөскээтэ?

— Биһиги эрэ буолуо дуо, үгүс нэһилиэккэ бу күннэргэ ардаан, баһаар уота тохтообутун кэннэ, түмүк, былаан оҥостор кэммит үүннэ. Бастатан туран, “спецтиэхиньикэни” булунар, хааччынар сорук турар. Холобура, биһиги дьаһалтаҕа булууктаах буолан, дьонум түргэн үлүгэрдик сүүстэн тахса килэмиэтири тыыран, минерализованнай балаһа оҥорбуттара.

Атын нэһилиэктэргэ бу маннык тиэхиньикэ суох буолан, ону көрдүүллэригэр элбэх бириэмэни сүтэрбиттэрэ. Маныаха биир өрүтү бэлиэтиэх тустаахпын. Улуус баһылыга Алексей Иннокентьев саамай тыҥааһыннаах кэмҥэ үбүлээһини оҥорон, суһаллык эбии мотопуомпа ылынан, тыраахтар көлүөһэтин саҥардан, бэркэ тэриммиппит.

Биһиги минерализованнай балаһаны ыам ыйыгар эрдэ тардыбыппыт. Ол эрээри “верховой” уот буоллаҕына, итинник балаһа туһалаабата көһүннэ. Тоҕо диэтэххэ, үөһээнэн кэлэр уот саккырыы турар кэмигэр, балаһаҕын нөҥүөлээн, тыаны солоон сиэн, үөһээнэн дьиэ үрдүгэр түһүөн сөп. Ол иһин биһиги бастакы-иккис күммүтүгэр сайыҥҥы уу турбалаах буолан, онон туһанан уонна бары кэтээн-манаан олорон, “верховой” уот кэлэригэр эмиэ бэлэм олорбуппут. Онон икки өттүнэн – сиринэн (минерализованнай балаһа) уонна үөһэнэн (мотопуомпанан) бэлэмнээх буолар наада эбит.

Олох тыастаах-уустаах үөһэнэн истиэнэ курдук уот кэлэригэр күрдьэҕинэн кыайбаккын. Маннык түгэҥҥэ баһаарынай массыынаны кытта  мотопуомпа баара олус абырыыр эбит. Улахан уокка утары элбэх ууну ыытан, маннык эрэ тэрилинэн быыһанар эбиккин. Холобура, ыаллыы сытар Хаҥалас нэһилиэгэр мотопуомпалаах буолан, хас да тэрилинэн (айан суолун кытыытыгар уу баар буолан абыраабыта) истиэнэ курдук уоту утары ыстара туран, нэһилиэктэригэр уоту киллэрбэтэхтэрэ. Онон итинник уустук балаһыанньаҕа сөптөөхтүк дьаһаныахха наадатын олох бэйэтэ көрдөрбүтэ.

Саамай кылаабынайа, аныгы кэм сиэринэн дрон, спутниковай төлөпүөн, спецтиэхиньикэ улуус аайы кыра-кыра анал бааза (урукку МТС курдук тэрилтэ) тэринэр олох наадалааҕын биллибит. Биир күрдьэҕинэн уонна санныгар сүгэ сылдьар уу кутар суумканан кэнэҕэс баһаары кыайар кыахпыт суох. Онон мотопуомпа, “рукав” уонна “водораздатчик” диэн олус наадалаах диэн тэриллэр эбит.  “Водораздатчик” көлүөһэтэ олох ханна да суох эбит. Онон тиэхиньикэни олох эрдэ булунан кэбиһиэххэ наадатын олох көрдөрдө. Хаар уулунна даҕаны, ойуур баһаарыгар бэлэмнэниэххэ наада. Биһиги өссө эрдэттэн син бэлэмнээх буолан өрүһүннүбүт.

Кэнэҕэс хайдах дьаһаныахха?

— Миэстэтигэр үлэлии олорор баһылык быһыытынан үрдүкү салайааччыларга сүбэҥ тугуй?

— Ойуур кытыытыгар олорор ыалларга кыра кыамталаах тута сылдьар чэпчэки мотопуомпаны түҥэтэр буоллар. Холобура, ыалларга  баһаар буоллаҕына, “сигналлаан” биллэрэр тэрили босхо олордуталаабыттара  дии, ол курдук кыаммат, элбэх оҕолоох ыаллары оннук тэрилинэн хааччыйбыт киһи. Оччотугар  сайын баһаар иһэрин биллилэр да, истиэнэлэрин ыстаралларыгар наада этэ. Биир-икки биэдэрэнэн ыстаран, туһа суоҕа чахчы. Билигин ол соругу толорорго үлэлэһиэхпит.

Сокуоннарга уларытыы киллэриэххэ наада. Өрөспүүбүлүкэҕэ, эрэгийиэннэргэ көҥүлү бэйэлэригэр биэрэн, өртөөһүнү күүскэ ыытыахха.

Анал бэлэмнээх этэрээти тэрийиэххэ наада. Ити надзорҥай тэрилтэлэр курдук. Үлэ саамай үгэнигэр, тыҥааһыннаах кэмҥэ бэрэбиэркэ оҥорон, ити куттаан, бу куттаан, «мантыгыт суох буоллаҕына, ыстараап, интигит суох буоллаҕына, хаайыы” дии-дии,  маныыр-кэтиир тэрилтэ элбээтэ. Ол оннугар ыксаллаах-быһыы майгы буоллаҕына, анаан сүбэлиир-амалыыр, көмөлөһөр этэрээти тэрийиэххэ наада дии саныыбын.

Аймалҕан, хоп-сип — утары үлэ

Саамай кылаабынайа аймалҕан тахсыа суохтаах. Мин дьонум субу-субу «атын нэһилиэктэргэ ыксаллаах быһыы-майгы буолла, хайыыбыт?” диэн айманаары гыммыттарыгар: “Балаһыанньаны хонтуруолга олох тутан олоробут. Туох эмэ буолар түбэлтэтигэр эрдэттэн сэрэтиэхпит, барытын холкутук быһаарыахпыт. Мин этэрбин кэтэһиҥ«, — диэбиппин истэн, холкутуйбуттара. Ыксаллаах быһыы-майгы сэрэппэккэ эрэ эмискэ кэлэр. Айылҕа иэдээнин биир сүбэнэн быһаарыахха наада. Анаан айдааны күөдьүтүү олох наадата суох. Киһини ыыстаан да, дьону үөҕэн да уоту умулларбаккын.

“Салалтабыт таах олорон биэрдэ” диэн тылы-өһү олох ылыммаппын. Салалта салайыахтаах. Быһаарыы ылынан, сөптөөх ирдэбили туруоруохтаах. Баһаары бохсууга анал идэлээх туспа үлэлээх исписэлиистэр: лесниктэр, “мчстар”, “авиалесоохраналар” бааллар. Эбэһээт Ил Дархан дуу, улуус  дуу, нэһилиэк  дуу баһылыктара биэдэрэлээх сылдьан, уу кутуохтаахтар диэн буолбатах.

Ыксаллаах кэмҥэ, киһи уйулҕата уйбат кэмигэр аймалҕан — сүрүн моһол. Социальнай ситиминэн кэлэр сонуннары киһи бэйэтин толкуйунан сиидэлиир кэмэ кэллэ. Киэҥ көҕүстэнэн, бары  уопсай кыһалҕабытыттан тахсыахпыт диэн эрэнэбин.

Мария Николаева батсаапка тарҕаммыт сүбэтэ

  •  Хас биирдии муниципальнай тэриллиигэ спутниковай телефон, дрон баар буолара наада.
  • Минерализованнай балаһа төһөнөн кэтит да, соччонон туһата улахан.
  • Аймалҕаны, айманыыны таһаарбат туһуттан, нэһилиэнньэҕэ балаһыанньаны билиһиннэрэ турар наада.
  • Уу турбатын (водопровод) үлэтин болҕомтоҕо ылыы.
  • Ханнык да түгэҥҥэ көһөрүүгэ бэлэм буолардыы, докумуоннары биир суумкаҕа түмүҥ, ыксал суоһаатаҕына чопчу булар сиргэ ууруҥ.
  • Ыксаллаах кэмҥэ төлөпүөҥҥүтүн толору ииттэ сылдьыҥ. Тыал хайысхатын кэтии сылдьыҥ.
  • Тыынарга мааска, маарыла хайаан да наада.
  • Дьиэ таһыгар буочукаларга, бассейыҥҥа уута хаһааныҥ. Дьиэҕэ уот суоһаатаҕына ол ууларынан дьиэ истиэнэтэ инчэйиэр диэри ыстараҕыт. Мотопуомпа чэпчэки, табыгастаах.
  • Дьиэ аттыгар баар мастары хайаан да кэрдиҥ.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0