Ойуур баһаара — кытаанах хонтуруолга

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бэс ыйын 21 күнүттэн Өймөкөөн улууһугар ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ биллэриллибитэ.

Бүгүҥҥү балаһыанньаны Өймөкөөн улууһун баһылыга Иннокентий Сивцев маннык билиһиннэрдэ:
— Бары болҕомто ойуур баһаарыттан нэһилиэнньэлээх пууннары харыстааһыҥҥа, тыын суолталаах эбийиэктэри, социальнай тэрилтэлэри элэктэриичэстибэ уотунан хааччыйыыга ууруллар.
Улууска үс ойуур баһаара бэлиэтэммититтэн, иккитин умуруордулар. Ол курдук, «Халыма» федеральнай айан суолун илин эҥэригэр уот бара сырытта. Бүгүҥҥү күҥҥэ Уус Ньараттан 9 км сиргэ 3650 га сиргэ ойуур баһаарын умуллара сылдьаллар. Манна полиция, баһаарынай сулууспа, «Богуславец» ХЭУо үлэһиттэрэ ойуур баһаарын умуруорууга сырыттылар. Баһаары умуруорууга «Ромис», «Поиск Золото», «Сарылаах-Сурьма», «Западная» көмүс хостуур тэрилтэлэр улахан кыамталаах тиэхиньикэнэн көмөлөһөллөр.
Дьокуускай куораттан «Якутлесресурс» ГАУ 20 үлэһитэ көмөҕө кэлэн, ойуур баһаарын умуруора сылдьаллар. Баһаары умулларыыга күүстээх тыал мэһэйдиир. Уот турбут сиригэр 15-18 м күүстээх тыал түһэн, баһаары бохсууну уустугурта. «Магаданэнерго» ПАО анал биригээдэтэ уот сиэбит остуолбаларын тута чөлүгэр түһэрэн, саҥардан иһэр буолан, кинилэргэ нэһилиэнньэлээх пууннар олохтоохторо махталлара сүҥкэн.
Ойуур баһаарын туһунан нэһилиэктэртэн иһитиннэриилэри күн аайы хомуйа олоробут. Бүгүҥҥү күҥҥэ
улууска балаһыанньа хонтуруолланар буолан, барыта этэҥҥэ.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaa.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0