Ойуур баһаара хотугу улуустарга кутталы үөскэтэр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Кураантан сылтаан ойуур баһаара туран, Абый, Аллараа Халыма, Эбээн Бытантай уонна Орто Халыма улуустарыгар өссө бэс ыйын 20-25 күннэриттэн саҕалаан олохтоох суолталаах ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ биллэриллэн, уоту бохсууга нэһилиэнньэ барыта туруммута.

edersaas.ru

Дьааҥы улууһугар Баатаҕай бөһүөлэгиттэн 5,3 килэмиэтир ыраах сиргэ турбут уоту бохсууга олохтоохторго көмөҕө Дьокуускайтан «Якутлесресурс» 17 байыаһа уонна МИ-8 бөртөлүөт тиийэн, бэс ыйын 3 күнүгэр умуруорбуттара, «Саханефтегазсбыт» баазатыгар куттал суоһуурун тохтоппуттара. Билигин олохтоох баһаарынайдар уот көрдүгэннээбэтин кэтииллэр.

Эбээн Бытантай улууһун Түгэһиир нэһилиэгэр, бөһүөлэктэн үс килэмиэтирдээх тыаҕа турбут уоту олохтоох баһаарынай сулууспа нэһилиэнньэ көмөтүнэн, бэс ыйын 28 күнүгэр умуруорбута. Өр өтөр буолбатаҕа, Алын Бытантай нэһилиэгэр икки сиргэ турбут баһаар Кустуур бөһүөлэгэр чугаһаабыта. Онуоха от ыйын 4 күнүгэр «Якутлесресурс» сэттэ байыаһа Хабаровскайтан кэлбит МИ-8 бөртөлүөтүнэн тиийэн көмөлөспүттэрэ. Бөртөлүөт 16 төгүл кырынан, биэстии туонналаах ууну үөһэттэн кутан, уоту уодьуганнаабыта.

Идэтийбит баһаарынайдар көмөлөһөннөр, санаабытын көтөхтүлэр, нэһилиэнньэни уоскуттулар, – диир нэһилиэк баһылыга Константин Старостин. – Уот бохсулунна эрээри, уоскуйарга эрдэ, хаһан баҕарар күөдьүйэн тахсыан сөп.

Абыраллаах ардах!

Бэс ыйын ортотуттан саҕалаан, Абый улууһугар ойуур уота 13 сиргэ турбута. Чуолаан, Ураһалаах нэһилиэгин Сутуруоха сэлиэнньэтигэр 1,7 көстөөх сиргэ чугаһаан, аймалҕаны таһаара сылдьыбыта. Ол эрээри, кэлиҥҥи күннэргэ улахан ардахтар түһэннэр, уот намырыйбытын, сабардаан турбут буруо да арыый сүппүтүн туһунан нэһилиэк олохтооҕо, Сынньалаҥ киинин үлэһитэ Галина Белоус кэпсиир.

Орто Халыма улууһугар I уонна II Хаҥалас нэһилиэктэригэр итиэннэ улуус киинин таһыгар, Лобуйа учаастагар, турбут ойуур уотун умуруорууга улуустааҕы баһаарынай чаас, быыһыыр-көрдүүр этэрээт байыастара, ойуур хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ уонна баҕа өттүлэринэн көмөлөһөөччүлэр үлэлээбиттэрэ. Нэһилиэктэргэ туох тиэхиньикэ уонна тэрил баарын (тыраахтардары, ууну хачайдаан ыстарар мотуордары, уу кутар улахан баахтары) барытын уоту утары охсуһарга туттубуттара. Уоту боһойор минерализованнай балаһалары оҥорбуттара, уот көрдүгэннээбэтин, салгыы барбатын манаабыттара.

Бу нэдиэлэҕэ хас да күннээх ардах түһэн, хата, уоту намыратта, диир I Хаҥалас нэһилиэгин «Өлөөкө Күөл сылгы собуота» хааһына тэрилтэтин дириэктэрин солбуйааччы Иван Винокуров. Ол эрээри, ардах ааста, күнүн көрдө да, уот өссө ханан күөрэйэн тахсара биллибэт итиэннэ ардах хаппатах сирэ да элбэх. Онон биһиги, ыраах тыаҕа сылгы баазалаах, сайылык пиэрмэлэрдээх, оттуур сирдэрдээх дьон, сэргэхпитин сүтэрбэппит, син биир көрө-истэ, кэтэнэ сылдьабыт.

Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0