Саха сиригэр 7 ойуур баһаарын умуруорууга миэрэ ылыллар, онтон үһэ бохсулунна диэн СӨ Айылҕа харыстабылын министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Уот уопсайа 502,50 га иэннээх сири ылбыта биллэр. Ааспыт сууккаҕа Горнай биир баһаары умуруордулар. Оттон хонтуруолланар зонаҕа — 15 баһаары.
Ойуур баһаарын умуруорууга барыта 189 киһи уонна 42 тиэхиньикэ үлэлээтэ.
Хонтуруолланар сиргэ, уустук суоллаах уонна ыраах сытар сирдэргэ 27 816,00 га иэннээх 32 термотуочука баар. Маны куйаартан кэтээн көрөллөр.
edersaas.ru
Хаартыска — СИА.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1