Ойуунускайы уруйдаатылар, Алампаны айхаллаатылар

Ааптар: 
18.11.2018
Бөлөххө киир:

Бөдөҥ судаарыстыбаннай диэйэтэл, саха литературатын төрүттээччи Былатыан Ойуунускай уонна саха литературатын төрүттэспит, тыл сүдү маастара, бэйиэт, прозаик Алампа төрөөбүт бэлиэ дааталарынан, ытык Тааттаҕа тэрээһиннэр тиһиктээхтик тэриллэн ыытылыннылар.


Дьохсоҕон нэһилиэгэр былаанынан ыытыллыбыт үлэҕэ олохтоохтор көхтөөхтүк кыттыбыттар. Бу туһунан биһиэхэ нэһилиэк бибилэтиэкэрэ Галина Другина кэпсээтэ. Ол курдук, Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 125 сылыгар анаммыт быыстапка, “Эбэм, ийэм уонна мин —Ойуунускайы ааҕабыт”  ааҕар дьиэ кэргэттэр литературнай киэһэлэригэр дьиэтээҕи бибилэтиэкэни аҕалан көрдөрүү, уруһуйдар, илиинэн оҥоһуктар кэрэхсэбили ылбыттар.

—“Эн ырыаҥ алыба, эн туойар тойугуҥ илбиһэ” КВЕСТ-оонньуу улахан болҕомтону тарта, диэн кэпсээнин Галина Николаевна салгыыр. — Манна бары көлүөнэлэри, тэрилтэлэри хабан “Олоҥхоһуттар”, “Илгэ”, “Эйгэ”, “Саһарҕа”, ТХПК, “Мичил” хамаандалар тэрилиннилэр. Онуоха күрэстэһээччилэр эрдэттэн сыал-сорук туруорунан бэлэмнэммит буоланнар, хамаандалар эгил-тэгил кииристилэр. Хас биирдии күрэхтэһиигэ анал эппиэттээх агеннар араас эриирдээх-мускуурдаах, толкуйдатар ыйытыылары биэрбиттэрэ, сорудахтары толотторбуттара оонньууну өссө сытыырхатан, тупсаран биэрдэ.

Күрэхтэһии бастакы  түһүмэҕэ (агент А.Попов) олоҥхо дойдутун олохтоохторун иһиттэрин, туттар тэриллэрин таайыыттан саҕаланна.  Салгыы Былатыан Ойкуунускай хаартыскаларын көрөн хаһан, ханна түспүтүн таайдылар (агент М.Сивцева). Ол кэннэ бибилэтиэкэттэн орто оскуолаҕа хомуллан тиийэн, бастакы мэндиэмэҥҥэ  иһиккэ кистэммит Ойуунускай хоһооннорун тиэкиһин булан,  көтүтүллүбүт тылларын ситэрдилэр (агент Л.Саввина).  Онтон Алампа аатынан Норуот айымньытын дьиэтигэр Ойуунускай тылларыгар ырыалары толордулар.  Ол кэнниттэн бибилэтиэкэҕэ тиийэн Ойуунускай судаарыстыбаннай политическай үлэлэриттэн  ыйытыыларга хоруйдаатылар. «Ньургун Боотур» олоҥхо дьоруойдарын  иллюстрацияларыттан пазл таһаарыы түһүмэҕэ (агент М.Макарова) эмиэ бэртээхэйдик ааста. Күрэхтэһээччилэр Ойуунускай айымньытынан диктант суруйууларын агент С.Яковлева хонтуруоллаата. Түмүккэ,  хамаандалар оскуолаҕа тиийэннэр күрэхтэһэн тириттилэр-хоруттулар. Манна бастаан капитаннар тахсаннар тоҕус былас суһуоҕу өрдүлэр. Ол кэнниттэн хамаанданан тутуспутунан “ойбон көһөрөн” бодьуустастылар. Хамаандаттан биирдии киһи бэриллибит бириэмэҕэ тиэтэлинэн собо хатырыктаан, ыраастаан очукуо эптэ. “Оҕо куйуурдуу турара” тиэмэҕэ биирдии киһи төһө сатыырынан, кыайарынан уруһуйдаата. “Күлүүс тыллары булууга” Ойуунускай хоһоонноруттан быһа тардан көтүтүллүбүт тыллары ситэрэн-хоторон түбүгүрдүлэр. Дьэ, ол кэнниттэн уопсай түмүккэ, “Саһарҕа” хамаанда хомуйбут баалынан инники чорбойон тахсан бастаата, бэрт аҕыйах очукуонан хаалан “Илгэ” иккистээтэ,  “Дьохсоҕон олоҥхоһуттара” үһүс бириистээх миэстэҕэ тиксэн үөрдүлэр. Истиэнэ хаһыатын оҥорууга күрэс туспа сыаналанна. Манна бары хамаандалар ис сүрэхтэриттэн кыһаллыбыттара өтө көстөр. Улуу Ойуунускай өлбөт-сүппэт хоһоонноруттан быһа тардыылары киллэрбиттэрэ хаһыаттарын ис хоһоонун дириҥэтэн биэрбитэ кэрэхсэннэ.  Бииртэн биир үчүгэй хаһыаты көрөн баран, дьүүллүүр сүбэ манна кыайыыны “Победа” ТХПК хамаандатыгар биэрдэ. Тэрээһиҥҥэ кыттыбыт бары дьоммутугар дохсун ытыс тыаһынан доҕуһуоллатан Махтал суруктары туттардыбыт.

Бу өрүкүппүт, сомоҕолообут күрэхтэһиибит түмүгүнэн, “Дьоһун дьохсоҕоннор” диэн түөрт киһилээх ыччат хамаанда тэриллэн, “Олоҥхоҕо саамай сыаналааҕа – тылын күүһэ, этиитин күүһэ” диэн улуус киин бибилэтиэкэтин тэрийбит интерактивнай күрэстэһиитигэр кыттаннар, бастакы бочуоттаах миэстэни ылан барыбытын улаханнык үөртүлэр.

Нэһилиэк оскуолатыгар Алампа аатынан Ытык Күөл 1 ньүөмэрдээх оскуолатын учууталлара уонна олохтоох оскуола бибилэтиэкэ аһаҕас уруоктары ыыппыттар, үөрүүлээх линейка тэриллибит. Ытык дьоҥҥо Алампалаах Ойуунускайга сүгүрүйэн, Дьохсоҕон уонна Ытык Күөл орто оскуолатын оҕолоро кэнсиэрдээбиттэр.

Тэрээһини Алампа аатынан Норуот айымньытын дьиэтэ уонна М.А.Петров аатынан нэһилиэк бибилэтиэкэтэ тэрийбиттэр. Дьон-сэргэ бэртээхэй, ураты нэдиэлэттэн сүргэлэрэ көтөҕүллүбүт. Тэрийээччилэргэ, күрэхтэһиини көҕүлээччилэргэ, агеннарга уонна хамаандаларга махтаммыттар. Бырайыак үтүө үгэс буоларыгар баҕаралларын, сыл ахсын ыытыллара олус туһалаах буолуоҕун, эдэр ыччат билиитэ-көрүүтэ хаҥыырыгар олук ууруоҕун бэлиэтээбиттэр.

Сардаана БАСНАЕВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0