Саха сирин Суруйааччыларын сойууһа “Арассыыйа чулуу ааттара” куонкуруска Былатыан Ойуунускай аатын иҥэрэргэ бачыымы саҕалаабыта. Салгыы Сойуус бырабылыанньата таһаарбыт суругун бэчээттиибит.
Үйэ-саас тухары төрөөбүт дойдутугар автономия кэлэрин туһугар, норуоту көмүскүүр сиэрдээх бэлиитикэ олохтоноругар, олох-дьаһах, наука, литература, үөрэх, спорт, доруобуйа харыстабыла, сибээс, авиация, онтон да атын эйгэлэргэ сайдыы суолларын тэлбит Платон Алексеевич Ойуунускай быйыл төрөөбүтэ 125 сылын өрө күүрүүлээхтик, дорҕоонноохтук бэлиэтээтибит. Дьон-сэргэ хайдахтаах курдук Былатыан Ойуунускайга сүгүрүйэрин, кини аатын уостан түһэрбэккэ илдьэ сылдьарын “Триумф” спортивнай комплекска ыытыллыбыт дьоро киэһэ да көрдөрдө.
Платон Алексеевич олоҕо хаһан даҕаны чэпчэки, нус-хас буолбатаҕа. Ону ол диэбэккэ, кыра-хара норуота атын сайдыылаах омуктартан хаалсыбакка, өйүн-санаатын түмэн сардаҥалаах олоҕу тутарыгар сырдык тыынын биэрбитэ. Бүгүн кини биир санаалаахтарыныын суохтан суоран акылаат уурбут өрөспүүбүлүкэтэ күннэтэ тупсан, сайдан иһэрэ хайдах курдук кэрэний! Платон Алексеевич дойдутун, бар дьонун муҥура суох таптыыра уонна доҕордоһуу күүһүгэр итэҕэйэрэ. Ону бу строкалар да кэрэһилииллэр:
“П.А.Ойунский исходил из глубоко интернационалистических позиций и заявил на первом губернском съезде, что “задачей трудящихся Якутской губернии является установление братских отношений между трудящимися якутами и русскими (1921 г.)”.
“П.А.Ойунский писал о необходимости постоянной заботы о судьбах малых народностей. Принял специальное постановление об освобождении их от уплаты сельхозналогов. По инициативе П.А.Ойунского Президиум ЯЦИК 20 сентября 1924 г. образовал Комитет по делам малых народностей”.
“П.А.Ойунский, находясь на постах Председателя ЦИК ЯАССР, а затем наркома просвещения и здравоохранения (1928-1929 гг.) внес большой вклад в деле организации советской школы и ликвидации неграмотности взрослого населения, борьбу с социальными болезнями. В 1924 г. организовал Совет по физической культуре при Президиуме ЯЦИК, председателем был избран он же” (М.М.Федоров).
“Особенности П.А.Ойунского состоит в том, что он был разносторонним феноменом. Поэтому в его чувствах и мыслях, борьбе и деятельности, в его литературном наследстве отражены наиболее характерные черты его эпохи”. (Г.П.Башарин)
“Наша история в том, чтобы свою литературу сделать общечеловеческим достоянием”, — диэн суруйбута эдэркээн Платон 1917 сыллаахха эрэнэр, итэҕэйэр доҕоругар Максим Аммосовка.
“Кини, бэл, дакылааттыын үөрэ-дьүөрэ хоһоон буолара. Ылан көрүҥ кэпсээннэрин: “Имииһит түүлүн”, “Иирбит Ньукууһу”, “Сүрэҕи” – барыта поэзия. Кини бүтүн олоҕо даҕаны ыллана илик поэма, сурулла илик драма, көрдөрүллэ илик трагедия”, — диэн ахтар Суорун Омоллоон.
Ойуунускай төрөөбүт тылын муҥура суох таптыыра: “Саха тыла сайдыан баҕарабын, сайдыа диэн бэккэ эрэнэбин. Оҕо төрөөбүт тылын кытта норуот муудараһын, норуот олоҕун уопутун, кини сурукка суруллубатах сокуон буолбут моральнай кодексын этигэр-хааныгар ыкса иҥэринэн үүнэр,”— диирэ.
Ити курдук Платон Алексеевич норуотугар таптала ийэҕэ таптал тэҥэ этэ. Саханы, улуу мөҥүөннээх суоллары ааһан муус-хаар дойдуну тапталынан муоһалаабыт чулуу, муударай омугунан ааҕара. Ол иһин, норуот Олоҥхотун кыһарҕаннаах кэмнэргэ күөн түөһүнэн көмүскээн норуотугар хаалларбыта. Бэл, өлөр-хаалар күнүгэр дойдутун эрэ буорун булар баҕалааҕа уонна оннук да буолбута.
Онон бар дьоно, норуота махталбытын, ытыктабылбытын биллэрэн, кини аатын Дьокуускай авиапордугар иҥэрэр бачыымы өйөөн, кини килбиэннээх аатын киртитээри хоруотуур тылы-өһү ылыммакка, биир санаанан өйүөххэйиҥ диэн ыҥырабыт. Олоҥхо дойдутун Аан Аартыгын Алгысчыта Платон Ойуунускай бэйэтинэн буоларын куоласпытынан бигэргэтиэҕиҥ! Улуу убайбыт эппитин курдук, өрөйөн-чөрөйөн биэриэҕиҥ!
Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньата.