Ойуунускай төрүт өбүгэтин алааһыгар — Тохтобулга

30.11.2018
Бөлөххө киир:

Былырыын сайын Тааттаҕа тиийэ сырыттахпытына, Суорун Омоллоон аатынан Чөркөөхтөөҕү история-этнография музейын дириэктэрэ Николай Попов айан суолуттан туораан, Тохтобул диэн алааска батыһыннара сылдьан ойуун пааматынньыгын уонна ыһыахха Былатыан Ойуунускай тыл эппит тырыбыынатын көрдөртөөбүтэ.


Алаас ортотугар скульптордар Ильян Павлов уонна Николай Огонеров ойуун пааматынньыгын оҥорбуттара күрүөлэнэн-хаһааланан турар. Ол төрүөттээх эбит: былыр манна Былатыан Силэпсиэп өбүгэтэ Кээрэкээн ойуун Хаҥалас сириттэн кэлэн олохсуйбута үһү. Ойуун мөссүөнүн уолаттар худуоһунньук Иван Васильевич Попов уруһуйунан сирдэтэн оҥорбуттар. Онон, тыл илбиһин баһылаабыт улуу бэйиэт, судаарыстыбаннай диэйэтэл ойуун төрүттээх буолан Ойуунускай диэн ааттаммыта чахчы.

Мантан тэйиччи соҕус ойуур саҕатыгар үрдүк сиргэ тырыбыына турар. “Эмэҕирэн сууллубутун 2006 сыллаахха үтүгүннэрэн, чөлүгэр түһэрбиттэрэ”, — диэн быһаарар Николай Ефимович. Ол 1920 сыллаахха «кыһыл бандьыыт» Куоста Сокольников тэрийсибит ыһыаҕар Амматтан, Чурапчыттан, Уус Алдантан, Томпоттон өрөпкүөмнэри ыҥыран мунньан малааһыннаабыттар (бырааһынньыктаабыттар). Онно Былатыан Ойуунускай саҥа олоҕу айхаллаан,  быстар дьадаҥыларга абыраллаах былаас кэлбитин туһунан ыһыах дьонугар туһаайан уоттаах-күөстээх тыл эппит.

Василий НИКИФОРОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0