От ыйынааҕы куйаас күн үлэлиир хоспор паапкатыгар толору хаартыскалары хааламмыт саас ортолоох киһи киирэн кэллэ. Сүүһүнэн хаартыскалартан бииргэ хараҕа хатана түһээт, чочумча тохтоон баран: “Бу, Былатыан Ойуунускай 1936 сыллаахха Улахан Күөлгэ тыл этэригэр анаммыт түрүбүүнэ…” — диэн хааһахтан хостоон эрэрдии кэпсээн барар.
Ойуунускайга анаммыт түрүбүүнэ
“Улуу убайбыт Ойуунускай 1936 сыллаахха балаҕан ыйыгар Уус Алдан улууһугар тиийэн тыл эппит. Мин улааппыт дэриэбинэбэр, ийэм үйэтин тухары ыанньыксыттаабыт Улахан Күөлгэ Сантараат сайылыкка, Былатыан Ойунуускай Бороҕон кэнниттэн чурапчыларга тыл этэн ааһар диэн, “Коммунизм кыһата” холкуос 6 миэтэрэ үрдүктээх түрүбүүнэни тутар. Ол эрээри, биһиги баҕабыт хоту буолбат, ыгым үлэлээх киһи. Биир үксүн Бороҕоҥҥо олоҥхо истэн уһаан хаалар.
Оҕо сылдьан бу түрүбүүнэҕэ ытта оонньуурбут. Үрдүгэ бэрт буолан охтон түһүөхтэрэ диэн кирилиэһин ылбыттарын үрдүнэн иҥнэн турбат этибит, хатаастан тахсарбыт. Олус эргэрбитин иһин бырааппын кытта 2020 сыллаахха саҥардыахха диэн сүбэлэһэн, атырдьах ыйыгар оҥостон тиийдибит. Арай, көтүрээри гыммыппыт, алын өттүгэр кыраасканан “1936 сыл, бэс ыйын 23 күнэ” диэн суруктаах. Соһуйан эрэ хааллыбыт! Урут кулгааҕым таһынан истэр буоллахпына, Улуу Ойуунускайга анаммыта дьэ өйбөр тиийдэ. Устуоруйаҕа киирэр тутууну көтүрэр хайдах да табыллыбат диэн быһаарынан, олоччу хаалларарга сананныбыт. Хаһан көрбүппүт, икки иннинээҕи атахтара сытыйан хаалбыттар, икки кэннинээҕи бэркэ тураллар. Инньэ гынан сиэмэннээн көннөрөн кэбистибит. Түрүбүүнэни түөрт өттүттэн хаартыскаҕа түһэрбитим бу баар, — диэт хаартыскаларын салгыы көрдөттүүр.
— Федор диэн эһэбит маастардаан оҥорбуттар, манна кыттыспыт дьон ааттарын суруйан үйэтиттибит, — диэн бүгүн кэпсиир дьоруойум РСФСР тыатын хаһаайыстыбатын туйгунаСӨ үтүөлээх дальнобойщига, СӨ Тырааныспарын үтүөлээх үлэһитэ, Чурапчы улууһун, Сылаҥ, Кытаанах нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо, СӨ Ытык Сүбэ бэлиэ хаһаайына Николай Николаевич Пономарев ыпсаран биэрэр.
Төһө даҕаны дьаҥ турдар, устуоруйаҕа киирэр үлэни Судаарыстыбаннас күнүгэр сөп түбэһиннэрэн аҕыйах киһилээх бэлиэтииллэр. Силигин ситэрэн, Сылаҥ кулуубугар үлэлиир эр дьонтон биирдэстэрэ Ойуунускайдыы таҥнан, ачыкы иилинэн, былаас кэтэн, бартыбыал тутан бу түрүбүүнэттэн тыл этэр.
Коркиҥҥа уһуйуллуу
Эдэркээн Коля 1967 сыллаахха Сылаҥ аҕыс кылаастаах оскуолатыттан Чурапчытааҕы интэринээт-оскуолаҕа киирэн, Саха АССР, РСФСР уонна ССРС үтүөлээх тириэньэрэ Дмитрий Коркин салайыытынан тустуунан дьарыктанар. Уонча сылынан Монреаллааҕы олимпиадаҕа чөмпүйүөннүөхтээх Павел Пинигини кытта бииргэ үөрэнэр. “Дмитрий Петрович элбэх саҥата суох этэ. Бастаан эппитин-хааммытын сылытара, имитэрэ-хомутара онтон дьэ сыыйа дьарыкка киирэрбит. Дьон улаханнык ытыктыыра. Тус бэйэм салла көрөрүм. Ол гынан баран үөрэнээччилэр киниттэн биирдэ эмэ мөҕүллүбүппүтүн өйдөөбөппүн. Мин билигин махтана саныыбын — балтараа-икки чаас аҕылаан-мэҥилээн, тустан хадьыктаһыы кэнниттэн чаас устата ыыппакка олордоро. Биһиги сынньаныахпытын, уу иһиэхпитин баҕарарбытын билэр буолан тулуурга үөрэтэр эбит. Үөрэнэр кэммэр улахан көбүөргэ тахсыбатаҕым эрээри, улуу тириэньэргэ дьарыгым аармыйаҕа биллибитэ — чааспар тустууга тэҥээҕим суоҕа, Уһук Илин чөмпүйэнээтигэр иккис буолбутум”, — диэн ахтар.
Күн бүгүҥҥэ диэри илиитин уруултан араарбат
Үлэлээн кэлбит массыыналарын барыларын хаартыскаҕа түһэрэн үйэтитэр үгэстээх эбит. Ол туһунан бэйэтэ маннык кэпсиир:
— Аҕам эдэриттэн ат ыарыылаах киһи. Кини кэмигэр тыраахтардар, массыыналар хото кэлэн бараллар. Арай, кини, барытын оҕуһунан тиэйэн аҕалар киһи көрдөҕүнэ, тиэхиньикэлээх дьон отторо-мастара дьиэлэрин таһыгар бэрт судургутук тиэллэн кэлэр. Ол иһин аармыйаттан кэлбитим кэннэ суоппардар куурустарыгар үөрэттэрэ ыытар. Дьиҥэр, бэйэм баҕабынан успуорт диэки чарапчыланарым. Оччолорго Павел Пинигин — Киевкэ, Михаил Друзьянов — Душанбеҕа, сорохтор — Казахстаҥҥа. Кэлбитим, аҕам олохтоох “Саҥа олох” хаһыаты тутан олорор: “Одьулууннааҕы СПТУ-га суоппар кууруһугар киһи тиийбэт, кэлэн үөрэниҥ”, — диэн балаҕан ыйыгар ыҥырыы таһаарбыттар. “Билигин ахсынньы эбээт, түөрт ый ааспыт”, — диэбиппин, — “баран сэмээр ыйыталас”, — диэн модьуйбутун быһа гыммакка тиийдим. Ол тиийэн оскуола-интэринээти бүтэрбит, тустуук Гавриил Николаевы көрсө түстүм, СПТУ-га үлэлиир эбит: “Оо, бу Коляны, баһаалыста, ылыҥ. Аны саас 57 киилэҕэ тустар киһи бэйэтинэн тиийэн кэллэ”, — диэн көрдөһөн ылларда.
Билсэ тиийбит киһи ол күнтэн, ол курдук устудьуон буолан хаалар. Үөрэҕин кэнниттэн идэтинэн Кытаанах оскуолатыгар миэстэ тахсан үлэһит аатын ылар.
“Аан бастакы үлэлээбит массыынам бу турар” — диэн ойоҕоһугар “7576” суруктаах массыына хаартыскатын ыйар. “Оскуола үбэ-аһа кырыымчык, эргэ массыыналары ылан холбоон-илбээн оҥостон сүүрдэбин. Инньэ гынан, массыынаҕа бэркэ быһаарсабын. Аны гарааспыт тымныы, онно сытан өрөмүөннэнэбит, билиҥҥи курдук сырдатар лаампалар кэлиэхтэрэ дуо”, — диэн суоппар оччотооҕу сылларын ахтар. Салгыы 1975–1994 сс. Чурапчы улууһунааҕы холбоһукка ЗИЛ, Урал, КАМАЗ массыыналарга суоппарынан эҥкилэ суох үлэлиир. Итиннэ дии, баара-суоҕа 25 саастааҕар чурапчылартан бастакынан Дьааҥыга саппаас чаас тиэйиитигэр барсар. Онтон ыла уһун айаҥҥа тиһигин быспакка сылдьар.
Уһун айантан биир түгэн
Мүччүргэннээх сырыыларгыттан биир эмэ өйдөнөн хаалбыт түгэҥҥин ахтан ааһыаҥ буолаарай диэбиппэр: “Чурапчылар бэрт бэрээдэктээх дьоммут, онон, дьолго, улахан быһылааннарга түбэспэтэхпит. Биир сырыыбын умнубаттык өйдөөн хаалбыппын. 1979 сыл улахан ардахтаах сайын этэ. Үс массыынанан, толору тимир тиэнэн Большой Невергэ туруннубут. Мугудай таһыттан ардахха баттатан, аҕыйах килэмиэтир бараат турунан кэбистибит. Ол олордохпутуна Тааттаттан үс уол, Чурапчыттан икки РАЙПО массыыната кэллэ. Нэдиэлэни быһа хаайтаран олордубут. Хаһаас аспыт баранна. Чурапчы төлөпүөнүн лиинийэтин саҥарда сылдьар кэмнэрэ, сибээс суох. Сибээс тиэхиньикумун устудьуоннара бааллара, ардах саҕаланаатын кытта куораттаабыттар, 50‑ча киһи батар балааккалара хаалбыт. Чурапчыттан кэлбит маастар уол барарыгар тута Чурапчы АТС-гар тиийэр сибээс дьоно туттар аппараата баар диэбитин өйдүү биэрэн көрдөөн, илдьит ыыттыбыт. Икки хонон баран “Урал” массыынанан дьоммут тиийэн кэллилэр. Биир “Урал” соһон, күн устата икки эрэ килэмиэтири айанныыбыт. Ол курдук үстэ-түөртэ хонон Чаачыгыйы буллубут. Саамай эрэйдээх сырыым этэ”, — диэн кэпсиир.
Ити сыл аҥаардас Большой Невергэ үстэ баран кэлэр. 29 сааһыгар суоппардар ортолоругар улууска чөмпүйүөннээн лиэнтэ иилэллэр, кыраамата туттараллар, бэлэх ууналлар. Эдэркээн киһи хайҕанан: “Киһи үлэлээтэҕинэ сэҥээрэллэр эбит ээ”, — диэн түмүк оҥостон, күн бүгүҥҥэ диэри илиитин үлэттэн араарбакка 70 сааһыгар үктэннэ. 1980 сылтан халыҥ тэтэрээккэ күннэтэ тугу гыммытын, ханна баран кэлбитин, төһө, туох таһаҕаһы тиэйбитин, хас килэмиэтири сүүрбүтүн барытын тиһэн, хамнаһын аахсар эбит. Бэл диэтэр, ким-хаһыс буолбутун кытта сурунар эбит. “Билиҥҥи массыынам бу баар, 2001 сылтан олоҕум аргыһын Аксинья Светлановнаны кытта урбаан эйгэтигэр көспүппүт”, — диэт УАЗ массыынаҕа өйөнөн турар хаартыскатын диэки ыйан кэбиһэр.
Меценат
Дойдутун, Чурапчытын сайдыытын туһугар туруулаһар Николай Пономарев Дьокуускайга улахан күөллэр түмсүүлэрин салайар. Ол иитинэн үгүс үлэни ыытар, үбүнэн-харчынан көмөлөһөр, ыллыктаах тылын тиэрдэр. Үтүө дьыалаҕа, устуоруйаны үйэтитиигэ элбэхтик кыттар. Аҕата Николай Васильевич Пономарев, абаҕата Николай Васильевич Пономарев‑Унаар Уола, эбэтэ Евдокия Андреевна Макарова 1942 сыллаахха Булуҥҥа күүс өттүнэн көһүүгэ баран биэс сыл буолан кэлэллэр. Бэлиэ түгэни ыччакка өйдөтөр соруктаах төрөөбүт алаастарыгар мэҥэ таас туруорбуттар, ааттарын суруйбуттар.
Түмүк оннугар
Икки чаастаах кэпсэтиибит чаас аҥаарын кэриэтэ элэҥнээн ааһан хаалбыт. Тус бэйэм: “Өбүгэлэрбит туох үчүгэйдээхтэрэ удьуорунан бэриллэр эбит. Мин үчүгэйим диэбэппин, кинилэртэн кэлбит сатабылларым. Төрүттэрбитигэр өрүү махталлаах буолуохха”, — диэн этиитин биһирии иһиттим. Итиэннэ “үлэһит киһи туохтан да толлон турбат” эбэтэр “үлэ батыһа сылдьар киһитэ” диэн бэргэн этиилэр бүгүҥҥү дьоруойбар анаммыттарын бигэ итэҕэйэбин. Николай Николаевич, үбүлүөйдээх күҥҥүнэн!
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru