“Ойуунускай сыла” П.А.Ойуунускай төрөөбүтэ 125 сылыгар аналлаах үбүлүөйдээх тэрээһиннэр былааннара
“Ойуунускай сыла” кулун тутар саҥатыгар Дьокуускайга, П.А.Ойуунускай аатынан Литературнай мусуойга “төгүрүк остуол” тула санаа атастаһыынан саҕаланыаҕа. Оттон үбүлүөйдээх сылга бырабыыталыстыба ылыммыт былаанынан, тэрээһиннэр хайыы-үйэҕэ бара тураллар.
Ол курдук, былырыын Таатта улууһугар Чөркөөххө П.А.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннас историятын мусуойугар өрөмүөн ыытылынна. “Платон Алексеевич Ойунский: “Был я сыном народа…” (А.Калашников, С.Тумат) саҥа кинигэ таҕыста.
Дьокуускайга П.А.Ойуунускай төрөөбүтэ 125 сылыгар аналлаах өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннаһын үөрүүлээх мунньаҕа буолуоҕа.
2018 сыл муус устар 27 күнүгэр Былатыан Ойуунускай төрөөбүт дойдутугар, Таатта улууһугар Чөркөөххө Судаарыстыбаннас күнэ бэлиэтэниэҕэ.
Сайын бэс ыйыгар Тааттаҕа П.А.Ойуунускай төрөөбүтэ 125 сылыгар аналлаах “Улуу ыһыах түһүлгэтэ туругурдун!” – Өрөспүүбүлүкэтээҕи ыһыах ыытыллыаҕа.
Балаҕан ыйын 27-28 күннэригэр Дьокуускайга ыытыллар “Олонхо в мировом эпическом пространстве: пророчество П.А.Ойунского” Бүтүн Арассыыйатааҕы научнай кэмпириэнсийэ ыраахтан-чугастан үгүс ыалдьыты түмүөҕэ.
“Ойуунускайы ааҕабыт ”
Култуура министиэристибэтин “Ойуунускайы ааҕабыт” бырайыагынан улуустарынан литературнай турдар, ааҕааччылар куонкурустара, быыстапкалар, литературнай киэһэлэр саҕаланыахтара.
Муус устар 8-9 күннэригэр өрөспүүбүлүкэ норуодунай тыйаатырдарыгар “Ойуунускай – улуу куйаар” диэн П.А.Ойуунускай айымньыларынан театрализованнай дьүһүйүүлэр фестиваллара ыытыллыаҕа.
Саха академическай тыйаатырыгар, Ньурба тыйаатырыгар, Үүнэр көлүөнэ тыйаатырыгар, П.А.Ойуунускай аатынан Тааттатааҕы норуодунай тыйаатырга испэктээктэр туруохтара.
Ем.Ярославскай аатынан судаарыстыбаннай мусуойга П.А.Ойуунускай олоҕун, үлэтин кэпсиир быыстапка үлэлиэҕэ.
“Истоки государственности народа саха” виртуальнай быыстапка тэриллиэҕэ.
Тааттаҕа, П.А.Ойуунускай мусуой-уһаайбатыгар, өрөспүүбүлүкэтээҕи “Ойуунускай ааҕыылара” буолуохтара.
“Былатыан Ойуунускай уонна мин нэһилиэгим” бырайыак саҕаланыаҕа. “Таатта улууһа” МТ.
П.А.Ойуунускай төрөөбүтэ 125 сылыгар анаан “Шаг в будущую профессию” өрөспүүбүлүкэтээҕи ХII научнай-практическай кэмпириэнсийэ тэриллиэҕэ.
Балаҕан ыйын 1 күнэ – Билии күнэ өрөспүүбүлүкэ оскуолаларыгар П.А.Ойуунускай 125 сылын чэрчитинэн ыытыллыаҕа.
Оскуолаларга П.А.Ойуунускай литературнай нэһилиэстибэтигэр анаммыт өйтөн суруйууга өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус ыытыллыаҕа, о.д.а.
Информационнай хааччыйыы, издательскэй үлэ
Бэчээккэ рубриканы аһыы, П.А.Ойуунускайга аналлаах тэрээһиннэри сырдатыы.
Федеральнай, өрөспүүбүлүкэтээҕи, улуустардааҕы ТВ уонна РВ ханаалларга теле-араадьыйа биэриилэрин таһаарыы.
“Слово об Ойунском” тэлэбиидэнньэнэн биэриилэр цикллэрэ.
“П.А.Слепцов-Ойунский. Жизнь и деятельность: сборник документов архива РС (Я)” иккис чааһын бэлэмнээн таһаарыы.
Буклеттары, баннердары бэчээттээһин.
“П.А.Ойуунускай 125 сыла” үбүлүөйдээх бэлиэни оҥоруу.
Тутуу, өрөмүөн, тупсарыы үлэлэри ыытыы
Дьокуускайга Орджоникидзе аатынан болуоссакка П.А.Ойуунускай пааматынньыгын докумуоннааһыны түмүктүүр үлэлэр.
Таатта улууһугар, Чөркөөххө “П.А.Ойуунускай 1924 сыллаахха Чөркөөх ыһыаҕар” стеланы тутуу.
Дэлбэрийбит диэн сиргэ П.А.Ойуунускай мусуой-уһаайбатын итиэннэ П.А.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннас историятын мусуойун экспозицияларын саҥардыы.
Ытык Күөлгэ П.А. Ойуунускай скверин өрөмүөннээһин.
П.А. Ойуунускай аатынан Тааттатааҕы норуодунай тыйаатырга өрөмүөн үлэлэрин ыытыы, о.д.а..