Германия Зуль диэн сиригэр үөскээбит «Зауер» саа историята быйыл 465 сылга тэҥнэстэ. Ньиэмэстэр Сэбиэскэй Сойууска бултуурга эрэ анаммыт 60-с сыллар сыаналарыгар тэҥнэһэр удамыр сыаналаах 2-с “Цапля” (160 солк.) уонна 8-с “Ястреб” (145 солк.) моделлара акционернай уопсастыба нөҥүө 1925 сылтан 1931 сылга диэри Наркомторг хонтуруолун аннынан экспортаммыттара. Үрдүк кылаастаах саалара эмиэ Наркомторг хонтуруолун нөҥүө биирдиилээн сакааһынан аҕалыллыбыттара. 1932 сыллаахха дойдуну индустриациялааһын уонна аан дойдуга экономическэй кириисис саҕаламмытынан Германияттан булт саатын аҕалтарыы бобуллубута. Ол да буоллар 1941 сыллаахха диэри ырыынакка киирэ турбуттара сабаҕаланар.
2003 сыллаахха уопсастыбаннай диэйэтэл, төлөннөөх революционер, саха сэбиэскэй литературатын төрүттээччи Платон Алексеевич Слепцов-Ойуунускай төрөөбүтэ 110 сылын көрсө, улуус хаһыатын ыам ыйын 30 күнүнээҕи тахсыытыгар Күп нэһилиэгин олохтооҕо Роман Дмитриевич Атласов “П.А. Ойуунускай Эдьээннээҕи аймахтара” диэн кэрэхсэбиллээх ыстатыйата бэчээттэммитэ. Онно автор Эдьээн нэһилиэгиттэн тахсыбыт эдэр көлүөнэ Бачьевтары Платон Алексеевич Ойуунускай бииргэ төрөөбүт быраата Кууска Баһылай кыыһын Зинаида Васильевна Слепцова (Бачьева) оҕолоро буолалларын, ууһу төрүттээччилэр туох ханнык дьылҕанан Уус Маайа улууһугар кэлэн олохсуйбуттарын дьон-сэргэ билиитигэр таһаарбыта уонна Ойуунускай күтүөтэ Афанасий Романович Бачьевтыын истиҥ сыһыаннарын таарыйбыта.
Чинчийээччи Роман Атласов ол ыстатыйатыгар Ойуунускай күтүөтүн кытта истиҥ-иһирэх сыһыаннарын кэрэһэлээн маннык түгэни ахтан аһарбыта. “Ойуунускай күтүөтүн, Афанасий Романович Бачьевы, кини мындыр уус уонна сатабыллаах булчут быһыытынан биллэрин, наһаа холку, үчүгэй, эйэҕэс майгылааҕын иһин улаханнык ытыктыыра, убаастыыра үһү. Ол да иһин буолуо, П.А. Ойуунускай анаан-минээн Москваттан атыылаһан аҕалан Афанасий Романович Бачьевка, “мааны күтүөппэр” диэн “ Зауэр 3 кольца” бултуур, ол кэмҥэ эриэккэс сааны бэлэхтээбитэ биллэр.
Бу сааны А.Р.Бачьев көһөллөрүгэр илдьэ кэлэр. Онтон кэлин быраатыгар Николай Романовичка биэрбитэ үһү. Билигин бу саа ханна тиийбитэ биллибэт. Автор: «Дьиҥинэн эттэххэ, бу саа көстөрө буоллар, улахан эриэккэс мал буолуо эбитэ буолуо этэ”, — диэн Улуу Ойуунускай бэлэҕэ биһиги кэммитигэр туохха да кэмнэммэт норуот баайа буолуон туһунан ыйан суруйбута.
Ыстатыйаны кытта билсээт, мин эмиэ: “Саа ханна тиийбитэ буолуой?” диэн санаалаах хаалбытым. Онтон салгыы бэйэбэр: “Бээ эрэ, Ойуунускай бэлэҕин туппут буолуохпун сөп ээ”, — диэн уорба санаа кылам гынна.
Мин өйбүттэн дьиэбитигэр, ааспыт үйэ 70-с сылларын саҥаларыгар ааттаах-сурахтаах омук доруоп саатын туһунан кэпсэтии күдэпчилэнэн ааспыта. 80-с сыллар бүтүүлэригэр дылы биһиэхэ онтон ыла көрдөххө судургу, икки уостаах 12-лээх горизонталка “ Зауэр 3 кольца” сылдьыбыта арахсыбата. Обургу буолан баран ол саанан мин эмиэ кустаабытым. Элбэхтэ ыппыт уонна үгүстүк сииккэ-силбиккэ сылдьыбыт саа тэбиитэ мөлтөөбүтэ биллэр этэ. 60-ча, 70-ча миэтэрэттэн куһу хаптаччы биэрэр саа, 40-ча миэтэрэ иһинэн нэһииччэ суулларар буолбут этэ.
2003 сыл кэннэ Ойуунускай саата ол сылдьыбыта диэҕи уонна бигэргэтиини ылыаҕы, сааны Элдьикээнтэн киһи илиититтэн атыылаһан аҕалбыт аҕам Семен Дмитриевич Лугинов 2001 сыллаахха күн сириттэн барбыт кэмэ этэ. Иккиһинэн, саа аатын-суолун, оҥоһуллубут сылын, калибрын, нүөмэрин туоһулуур туттуллубат буолбут саа көҥүлэ, туттуллубут саа бары даннайын илдьэ сылдьар булдун билиэтэ (Охотбилиэтэ) ханна эрэ бүк сиргэ хараллан Ойуунускай олоҕун бу сонун сирэйэ ситэ чинчиллибэккэ, ирдэниллибэккэ хаалбыта. Ол да буоллар, сиик-тамах тардыһан, аҕабын кытта 50-н тахса сыл олохторун дьолун холбоон олорбут ийэбиттэн Анна Евсеевнаттан, үгүһү умуннар да, дьиҥ чахчы бигэргэтиини ылбатарбын да, 2007 сыллаахха ыйыталаһан, бу Ойуунускай күтүөтүн быраата Николай Романович Бачьевтан атыылаһыллыбыт саа буолуон сөп эбит диэн санааҕа кэлбитим.
Ойуунускай 70-с сылларга Николай Романович биһиэхэ, оҕолорго Баачыйап оҕонньор диэн аатынан биллэрэ. Оҕонньор Уус Майа лесхоһун Элдьикээннээҕи учаастагар үлэлиир быһыылааҕа. Мин аҕам Күпкэ ойуур харабылынан үлэлиирэ. Кырдьаҕастар хам-түм да буоллар, бэйэ-бэйэлэригэр сылдьыһан ыалдьыттаһаллара. Көрдөөх-нардаах кэпсэтии кэһии бытыылката суох ааспат буолара. Онон буоллаҕына, Николай Романович кыайан сааламмат буолбутун кэннэ, аҕам, бэйэтэ даҕаны биирдэ эмэ сааскы куска сылдьар, түөрт туран эрэр уолаттардаах киһи, оҕонньору тылыгар киллэрэн Ойуунускай “Зауэрын” атыылаһан ылбыт буолуон сөп.
Саа кэнники дьылҕатын туһунан кэпсээтэххэ, 1987-1988 сылларга сааскы сааны тутуу эрэсиимин, саа көҥүлүн бэрэбиэркэлээһин саҕана, Элдьикээннээҕи милиция салаатын сааны бэрэбиэркэлиир үлэһитэ (ол кэмҥэ Лекон оҕонньор уола Ефремов быһылааҕа, эбэтэр ол иннинээҕи киһи) Күпкэ кэлбитигэр, аҕам саатын докумуоннары илдьэн көрдөрбүт. Онно саа прикладын нүөмэрин кытта уоһун нүөмэрэ сөп түбэспэтэх, онон ол үлэһит саатын тутан ылбыт. Аҕам, онно эрэ өйдөөбүт саа иккис саппаас уостааҕын. Дьиэтиттэн баран иккис бэйэтин уоһун булан аҕалбыт уонна үргүлдьү саата эргэрбитинэн, ыттахха иккис уоһа хос түсүһэн эстэринэн, эбэтэр онн-манна охсулуннаҕына, иитиилээх кэмигэр эмиэ предохранителэ туппакка эстэ сылдьар буолан хаалбытынан сэдиптээн, дэҥ-оһол тахсыа диэн сэрэхэдийэн туттаран кэбиспит этэ.
Ити курдук биһиги ханныгын да иһин бастыҥ моделлара анал сакааһынан эрэ оҥоһуллар, күндүгэ-мааныга сылдьар, халыҥ соҕус үптээх аан дойду улахан сааһыттара коллекция оҥостон киэмсийэ кэпсиир сааларын инилэрэ илиибит иһинэн кэлэн ааспытын өйдөөбөккө да хаалбыппыт.
Саа кэнники дьылҕатын, үчүгэй өттүттэн сабаҕалаатахха, маннык омук саата хайдах да мээнэ ууга тимирдиллибэтэх, уокка уматыллыбатах (утилизацияҕа барбатах) буолуохтаах. Күн санаа күлүм гыммыт буоллаҕына, ким эрэ аатыгар докумуон оҥоһуллан эбэтэр, этэргэ дылы, ким эрэ чулаанын иһигэр туора хаһыллан билигин даҕаны хараллан сытар буолуон сөп. Онон бу саа кэлиҥҥи дьылҕатыгар туочука тура илик.
Саа Ойуунускайынан Москваттан атыылаһыллан аҕалыллыбыта туспа өйү-санааны үөскэтэр. Бу репрессия тыына ааҥнаан, адаҕыйар, омук тэрилин ыллахха омук сирин үспүйүөнүн дьаралыга соҥнонуллар кэмигэр, Зауэр дьиэ кэргэнин фабрикатын оҥорор саата, ханнык эрэ үрдүк былаастаах киһи көмөтүнэн ылыллыбыт буолуохтаах. Табылыннаҕына, Күн Ыстаалын илии баттааһына, эбэтэр тус туттарыыта эмиэ хайыллан, чинчийиллиэн сөп. Дьиҥ история хайдах эргиллэн тахсыбатаҕа баарай?
Евсей ЛУГИНОВ.
Ааптар 2010 с. оройуонун хаһыатыгар таһааттарбыт ыстатыйатын ыытта.
Хаартыска — pohudeem.msk.ru