ОЙУУННАР

Ааптар: 
11.07.2017
Бөлөххө киир:

Андреев Алексей Петрович-Мөлөкө. Кэргэннэнэн элбэх оҕоломмут эрээри, бары өлүтэлээн испиттэр. Онно ытаан-соҥоон хараҕа суох буолбут, ыалдьан ороҥҥо сыппыт. Онтон мэнэрийэн, кутуран, устунан харахтанан, ойуун буолан турбут. Бэйэтин кэмигэр хотунан-соҕуруунан сылдьыбыт. Улахан уҥуохтаах, хараҕынан көрбөт буолан, хантаччы тутта сылдьар сөҥ саҥалаах кырдьаҕас этэ диэн кэпсииллэр эбит. Алыһардааҕы кытта бииргэ кэриэтэ үөскээбит. Тыын ууларын уйалара биир маска, биир мутукка бигэммиттэрэ үһү. Онон хара өлүөхтэригэр диэри бииргэ тутуспуттар.

Мөлөкө элбэхтик айанныыр, барар-кэлэр буолан, иирсэрэ-булсара элбэҕэ үһү. Бэйэтэ кыайымаары гыннаҕына, Аана абааһыларын ылан барар эбит. Онон икки улахан ойуун хайа да бэйэлээх улахан ойууну аҕыйах хонугунан үлтү сөрүүллэрэ үһү. Аана эмээхсин дьиэҕэ олорон: «Мөлөкө обургу били баҕайылары эмиэ ылан барда. Бэйэлэрэ даҕаны кэлэргэ-барарга баҕалара диэн сүрдээх, буойсан туһа суох», — диирэ үһү. 1969 сыл сааһыгар Үөһээ Бүлүүттэн Алексеев диэн киһи Мөлөкө уҥуоҕун уоттаары анаан-минээн кэлбит. Сарсыҥҥы күнүгэр ыараханнык ыалдьан, аҕыйах сылынан өлбүт, утума быстыбыт. Оҕонньор өлбүтэ төһө да ырааппытын иһин, барытын билэ-көрө сытар, атаҕастаппат кырдьаҕас эбит диэн сөхпүттэр.

СИЭРИ-ТУОМУ ТОЛОРБУТ СИРДЭРЭ

Аммаҕа Алтан нэһилиэгэр Ньыла диэн сиргэ тоҕус ойуун көмүллүбүт дииллэр. Ойууннар, улахан удаҕаннар үксүлэрэ көтөр, сүүрэр аргыстаах буолаллара уруккуттан биллэр. Кыырар кэмнэригэр ол харамайдары көрдөрөллөрө үһү. «Дьобуруопа диэки олорор ойууннар маннык дьоҕурдара суох» — диэн Кондаков В. А. суруйбута баар. Манна суруллубут ойууннар, удаҕаннар арыалдьыттара: оҕус, мохсоҕол, чыычаахсыт, хаххан, мэкчиргэ, кыталык, туруйа, куба, хаас, суор, тоҥсоҕой, кыһыл саһыл, куоҕас, кэҕэ, күөх эбириэн оҕус, чооруос, боруллуо, хотой, кырбый, хатыыс, хаахынай, кыырт, курупааскы, таба, куртуйах, улар, кукаакы, тииҥ, атыыр эһэ, тыһы эһэ, чөкчөҥө, бөрө, о.д.а.

Бу уонна да атын чахчылары “Бичик” кыһатын “Ойууннар, удаҕаннар, норуот эмчиттэрэ» кинигэтигэр тахсарын күүтүҥ.

Кинигэҕэ Саха сирин бары улууһун айылҕаттан айдарыылаахтарын, ураты дьоҕурдаахтарын ааттара-суоллара, былыр да, билигин да дьону соһутар, дьиктиргэтэр сорох түбэлтэлэрэ, интэриэһинэй чахчылара киириэхтэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1