Ыам ыйын 14 күнүгэр «Арчы Дьиэтэ” духуобунай култуура киинигэр Бүтүн аан дойдутааҕы дьиэ кэргэн, таптал, бэриниилээх буолуу күнүн көрсө бэрт интэриэһинэй тэрээһин буолан ааста.
edersaas.ru
Талааннах худуоһунньук, СӨ култууратын туйгуна Ньургуйаана Никифорова-Ойууна «Харысхал» живопиһынан хартыынаны уруһуйдуурга авторскай бырайыага, бэрт интэриэһинэй маастар-кылааһа ыытылынна. Онуоха уруһуй кэрэ эйгэтин сэҥээрээччилэр, дьарыктанааччылар, уруһуйдьуттар кэрэни кэрэхсээн тоҕуоруһа муһуннулар.
Ааптар маастар-кылааһы ыытыан иннинэ бастаан күн ойуулаах харысхал хаартыынатын ис хоһоонун итэҕэтиилээхтик тириэртэ, кэпсээтэ. Уруһуйун саха норуотун итэҕэлинэн, Үрүҥ күнү өрө тутуутун хас биирдии киһиэхэ хараҕынан көрөн итэҕэтиилээхтик уруһуйдаабытын күннээҕи харысхал буолан кэрэҕэ уһуйан, угуйан, судургутук кэпсээн көрдөрдө.
“Бу бэйэни сааһылыырга олус табыгастаах, сөп түбэһэр эбит. Живопиһынан уруһуйдааһын, быһаччы эттэххэ, анал уруһуй нөҥүө билиини-көрүүнү салайарга, сайыннарарга, саҥаны тобуларга уонна тула эйгэни атынннык ылынарга уһуйда. Бу уруһуйдуур ньыманан туһанан уоскуйан, ыра санаабытын этэн туран харысхал оностон уруһуйдаатыбыт”, — диэн маастар-кылаас кыттыылаахтара махталларын эттилэр, уруһуй араас кистэлэҥнэрин биллилэр, кэрэ эйгэҕэ сыстан дуоһуйа сынньаннылар.
«Саха сирэ», edersaas.ru саайтка анаан Любовь КОНСТАНТИНОВА