Ойуун кырыыһа

Ааптар:  Тыал
13.04.2024
Бөлөххө киир:
Хаартыска: Мария Васильева (СИА)

Ылдьаа оһох иннигэр тугу эрэ толкуйдуурдуу көрөн олорон оргууй табахтаан бусхатар.  «Сарсын барыыһыбын. Дэриэбинэҕэ тиийэн тэринэн баран,  хаар халыҥыар диэри бултуурдуу оҥостон кэлиллиэ этэ. Эн оччоҕо хаалабын диэтиҥ дуу?», — диэн ыйытан баран, наара ороҥҥо истиэнэ диэки хайыһан сытар табаарыһын диэки эргиллэн көрдө.  Сытааччыта аат эрэ харата саҥа таһааран: «Ыыһык», — диэн хардарда.

Бу аҕыйах хонуктааҕыта күлэ-үөрэ сылдыбыт табаарыһа  эмискэ саҥата аҕыйаан, санааҕа ылларбыттыы сылдьар. «Ноо, Хабырыыс, ыарыйдыҥ дуу, тугуй? Сүрэҕиҥ хайдаҕый? Ааспыкка эмискэ-эмискэ быһыта туппахтыыр диэбитиҥ ээ. Дьиҥэр эн муус доруобай этиҥ эбээт. Туох диэҥий… Үөйбэтэх-ахтыбатах өттүгүттэн  киһиэхэ ол-бу араас буолааччы. Бээ, киһи сырыттаҕына сылдьар. Дэриэбинэҕэ иккиэн барыах. Эппитин киллэриэххэ. Манна сиирбитин бакаа хаалларан эриэхпит буоллаҕа.  Кэллэххэ, Байанай тосхойдоҕуна, бултуйар инибит», — диэтэ Ылдьаа.  Табаарыһа тугу да хардарбата.  Ылдьаа, быһыыта,  туһа тахсыа суох дии санаата. Оһоҕор уккунньах бырахта, тахсан чэпчэтинэн киирэн баран утуйардыы оҥостон сытта. Түүн Хабырыыс хаста да баттата сырытта быһыылаах.

Сарсыарда Ылдьаа эрдэ турда. Атын аҕалан ыҥыырдаан, ыттарын аһатан киирбитэ, Хабырыыһа чэйин, аһын сылытан, остуолун тардыбыт.

— Бүгүн эбитэттэн киэһэ халлаан уларыйбатаҕына, чуумпу күн буолсук, быһыыта.  Айаҥҥа бэрт күн үүммүт. Эн бөөлүүн баттата сырыттыҥ дуу?  Тугу түһээтиҥ? , — диэн Ылдьаа табаарыһыттан ыйытта.

— Ээ, сүрэхпин баттыы сыппыппын… уонна ити били…, — тугу эрэ этээри быктаран иһэн, Хабырыыс тохтоон хаалла. — Чэ, кэл, сыалаах эттэ сиэххэ, хоргуннаах мииннэ иһиэххэ. Айаныҥ да ыраах. Сэниэтэ киллэрин, —диэн киһитин аралдьытан кэбистэ.

Аһаан баран Ылдьаа сып-сап хомунан айаҥҥа турунна. Табаарыһа  тумус кэтэҕэр киирэн көстүбэт буолуор диэри Хабырыыс көрөн турда. Ол кэннэ киирэн чэй испитэ буолла,  бултаабыт табалара, тыа быыһыгар баар араҥас, түүлүгэр көстөр оҕонньор тымныы уоттаах харахтара өйүгэр эмиэ киирэн кэллилэр.

Хабырыыс бу Эбэҕэ Ылдьаалын быйыл күһүн саҥа тахсыспыта. Кырдьык, Ылдьаа кэпсээбитин курдук куһа, хааһа, мас көтөрө, балыга, кыра да, улахан да кыыла манна сөбүлээн олохсуйар, үөскүүр эбит.  Ол эрээри бу Хонтоҕо Эбэ  биир дьиктитин Ылдьаата эппэтэх дуу, эбэтэр билбэтэ эбитэ дуу… Бу Эбэҕэ сүрдээх күүстээх тоҥус ойууна олорон ааспыт. Кини аата Хабырылла диэн эбит. Хабырылла ойоҕунаан, уоллаах кыыс оҕотунаан  бултаан-алтаан, таба бөҕөтө ииттэн олорбуттар. Сүрдээх көҥөс, кырыыстаах, сиэмэх ойуун эбитэ үһү.  Дьон куттанан да аатын мээнэ ааттаабаттар эбит. Эгэ, манна бултуу кэлиэхтэрэ дуо?! Адьас биир эмэ сөбүлээбит киһитин эрэ бултатара үһү. Тоҥус ойууна кэлин, өлөрүн саҕана,  бу Эбэҕэ мин аатым курдук ааттаах дьон киирэн бултаатахтарына,  бүтэһик бултааһыннара, сырыылара буолуо диэн кырыыс тылларын эппит эбит.  Ол аата аат былдьаһар эбит, эппит кырыыһа туолан, ол дьон өлөллөрө үһү.

Хабырыыс дьиҥэр билэрэ, эбэтэр истибитэ эбитэ буоллар,  баҕар, кэлиэ суоҕа эбитэ буолуо.  Кини иччини, туора сырдык, хараҥа күүс баарын итэҕэйэр.

Булчуттар манна балаҕан ыйын ортотун диэки кэлбиттэрэ. Эбэ сүрдээх кыраһыабай айылҕатын, булда-алда да баарын Хабырыыс олус сэргээбитэ. Өрүс, күөл балыгын, куһу-хааһы айахтарыгар тото-хана сиэбиттэрэ.  Кырдьаҕас да баар дойдута эбит этэ.  Кэлэн баран аҕыйах хоноот,  үстээх-түөртээх сүрдээх эмис кырдьаҕаһы  бултаан үөрүү-көтүү бөҕө буолбуттара.  Хабырыыс бу улахан булка бастакы сүрэхтэниитэ этэ.  Ылдьаата кини үөрүүтүн тэҥҥэ үллэстибитэ. Ылдьаата сүрдээх кэпсээннээх, алта уонугар чугаһаан эрэр, бэйэтин кыанар, кытыгырас, булду да бултаабыт,  ыты, аты сүрдээҕин сөбүлүүр, майгыларын эндэппэккэ билэр киһи буоллаҕа.  Бэйэтигэр туохха барытыгар барар икки дэгиттэр ыттаах.  Онтон Хабырыыс биир сааһын саҥа ааһан эрэр үөрэтэр ыттаах. Онтуката кырдьаҕаһы бултуулларыгар куттаммакка олох тэҥҥэ үрсэн, тиистэһэн хаһаайынын үөрдүбүтэ. Элбэхтэ бултастаҕына, бултаттаҕына лаппа үчүгэй ыт тахсыыһык диэн буолбута.

Биир күн булчуттар хаамтара сылдьан, сүрдээх улахан суос-соҕотох табаҕа түбэспиттэрэ.  Онтулара ыттарар бокуой биэрбэккэ ыркый быыһынан ыстана турбута.  Ыттара кэнниттэн саппай уопсан түһүнэн кэбиспиттэрэ.  Ылдьаа ыттара таба тохтооботун билэр буоланнар, сырса түһэн бараннар, төттөрү кэлбиттэрэ. Оттон Хабырыыс ыта кэлбэтэҕэ.  Иккис да, үһүс да күнүгэр биллибэтэҕэ.  Онуоха булчуттар сүбэлэһэн баран,   тыаҕа саҥа тахсар эдэр ыт мунаах буолуон сөп  дии санааннар, баҕар, туора үрэххэ баар булчуттарга тиийбитэ буолуо диэннэр  көрдүү барарга санаммыттара.  Ол баран иһэн, дьүһүнүнэн көрдөххө, били, ааспыттааҕы соҕотох табаларыгар эмиэ кэтиллэ биэрбиттэрэ.  Ыраас сиргэ түбэһиннэрэннэр, ытыалааннар таптылар быһыылаах этэ да, табалара бааһыран баран охтубакка, ыттары батыһыннарбытынан ойо турбута.  Өр гыммакка ыттар ситэн тиийэннэр, үрэх элгээнигэр түһэрбиттэрэ.  Булчуттар тиийэн табаларын бултаабыттара. Таба тиһэх тыыныгар хараҕын муҥунан Хабырыыс диэки көрөн баран,  киһи эрэ этэ тардыах сүрдээх куһаҕаннык орулаабыта. Онно  Ылдьаалаах Хабырыыс бэйэ-бэйэлэрин саҥата суох көрсөн эрэ кэбиспиттэрэ.  Табалара аарыма буур буолан соһуппута. Өҥө даҕаны дьиктитэ,  моойугар баар түүтэ сүрдээх уһун, хоп-хойуу, муус маҥан этэ.  Ылдьаа киһитигэр хаһан даҕаны маннык кыылга түбэһэ илигин эппитэ.  Бултарын астаан үүтээннэригэр төннүбүттэрэ.

Киэһэ аһаан, утуйардыы оҥостон сыппыттара.  Хабырыыс уута кэлэн биэрбэккэ өр эрэйдэммитэ.  Табаны, ытын да саныы сытан, утуйан, түүл түһээн барбыта. Арай, үүтээнигэр соҕотоҕун баар эбит. Тоҕо эрэ, дьиктиргиэн иһин,  Ылдьаатын оронун таҥаһа баар, киниэнэ суох.  Чүмэчитин уота төрүт хамсаабакка, уруһуй курдук умайа турар дуу, сытар дуу эбит.  Тутан көрбүтэ тыбыс-тымныы. Ол кэмҥэ эмискэччи аан аһылла түһээт,  үүтээн ортотугар иһирдьэ  муус маҥан уһун бытыктаах, таба саҕынньахтаах, тыс этэрбэстээх, киһи кутун-сүрүн баттыыр, тыбыс-тымныынан  көрбүт харахтардаах оҕонньор баар буола түспүтэ. Уҥа илиитигэр туох эрэ маһын дуу, торуоскатын дуу тута сылдьара. Хабырыыска туһаайан: «Эн эмиэ сотору ити чүмэчи курдук тымныйыаҥ! Баар-суох сөбүлүүр табабын бултаатыгыт. Ити да киһиҥ уһун сонноммото буолуо. Ыккын мин ылбытым. Биирдиилээн мин ииппит айаларбар киирэн өлүөххүт», —диэн баран, били, торуоскатынан муостаҕа үстэ охсубута уонна хайдах киирбитин курдук түргэнник суох буолан хаалбыта.

Хабырыыс уһуктан кэлбитэ,  сүрэҕэ тэбэрэ сүрдэммит, быһыта туппахтыыр, тыынын хаайыах курдук буолбут.  Туох дьикти түүлү түһээтим диэн иһигэр дьиксинэ санаабыт. Сарсыарда аһыы олорон түүлүн кэпсээбитигэр Ылдьаата: «Оччоҕо ол оҕонньор ылбыт буоллаҕына, ыккын көрдөөбөт үһүбүт дуо?, — диэн итэйэбэтэхтии, сөбүлээбэтэхтии ыйыппыт.  Ыттарын көрдөөн нөҥүө үрэххэ тахса сылдьыбыттар да,  онно тиийбэтэх.  Төннөн иһэн баҕар аллараа үүтээҥҥэ тиийбитэ буолуо диэн, сүбэлэһэн баран, Хабырыыс Ылдьаа Моойторук диэн ытык доҕор оҥостон онно барбыт.  Киэһэлик ол үүтээҥҥэ тиийбитэ, ыта суох, кэлэ да сылдьыбатах эбит.  Хайыа баарай, хонон баран төннөрүгэр тиийбит.

Ол сытан түүн түһээтэҕинэ, ааспыкка табаны бултаабыт сирдэригэр баар эбит. Били оҕонньоро өссө кыыһыран кэлбит. Хабырыыс  билбэт тылларынан тугу эрэ саҥарбыт. Тумуска биир үрдүк сирдээх бэс чагданы ыйан көрдөрбүт уонна эмиэ сүтэн хаалбыт.  Сарсыныгар Хабырыыс төннөн иһэн, түүлүн санаан тумуска таарыйбыт, үөһэ тахса сылдьыбыт.  Бэс чагда быыһыгар, ырааһыйа курдукка,  эргэ баҕайы араҥас уонна ол аттыгар лаабыс баар эбит.  Хабырыыс онно чугаһаан иһэн өйдөөн көрбүтэ,  Моойторуга суох, ата биир кэм өрө хаһыҥыраан, таныытын тартаҥнатан, иннин диэки барыан баҕарбакка өһөспүт.  Онтон сүр эмискэ Хабырыыс этэ тымныйбыт, нукаай курдук буолбут.  Уҥуохтара, сүһүөхтэрэ халыр босхо барбыттар.  Ыксаан атын эргитэ тутарын кытта, ата ону эрэ кэтэспиттии түргэн үлүгэрдик тумустан аллараа үрэххэ киирэн түһэ турбут. Хабырыыс атыгар нэһиилэ тулуйан тутуһан олорбут.  Барбахтыы түһэн баран, арыый уоскуйан бытаарбыттар.  Хабырыыс тыын ылан өйүн-төйүн булан туох ааттаах дойдутай, тоҕо эмиэ тумуска тахсан, таах сибиэ кэлэн диэн санаталаан ылбыт.

Онтон анараа, Ылдьааҕа Моойторуга аҕылаан-мэҥилээн, тылын былас таһааран сүүрэн ахан кэлбитэ балачча ырааппыт.  Ону көрөн Ылдьаа:»Тыый,  бу ыт киһитин тоҕо быраҕан кэллэҕэй? Киһим аны онно-манна түбэһэн ол-бу буолла дуу» диэн ыксаан олордоҕуна, кэмниэ-кэнэҕэс Хабырыыһа тиийэн киһитин үөрдүбүт.  Чэйдии олорон Хабырыыс эмиэ түүлүгэр оҕонньору көрбүтүн кэпсээбит.  Ол да буоллар, араҥас, лаабыс туһунан тугу да быктарбатах.  Ылдьаата тугу да саҥарбатах. Чэйин иһэн сыпсырыйа-сыпсырыйа олорбут.  Ол кэнниттэн булчуттар тыаҕа хаста да тахсан хаамыталаан баран тугу да бултаабатахтар.  Ылдьаа ыттара тайаҕы тохтотор, хаайар бэйэлэрэ, наар мүччү туттарыы буолбут.  Онон табыллыбатахтар. Ол сылдьан Ылдьаа көрдөҕүнэ, Хабырыыһа туох эрэ санааҕа наһаа баттаппыт.  Онуоха «Баҕар ыраах үрэххэ саҥа тахсыбыт киһи  дойдутун, дьонун ахтыбыта буолуо» дии саныыр эбит.

-Дьиэлиэххэ. Эппитин илдьэн баран, хапкаанныырдыы оҥостон кэлиэххэ, — диэбитин киһитэ кыккыраччы аккаастаммыт. Хаалан от-мас бэлэмниэх, маннааҕы тэриллэри бэрийтэлиэх буолбут.

-Хата Өндөрөйү илдьэ кэлэриҥ буоллар, үһүөн кииһи кыайыа этибит буоллаҕа. Кини ыттара киискэ олох үчүгэйдик бараллар, — диэбит.

Ылдьаа инньэ гынан соҕотоҕун дэриэбинэлээбит. Оттон Хабырыыс ол хаалан баран араҥаһы, лаабыһы көрөр санааламмыт.   Ылдьаа барбытын кэннэ Хабырыыс Моойторугу кытта чугас эргин хаста да хааман  көрбүттэр да, туох да суох эбит.  Иһигэр «Тыый, тугун дьиктитэй!Бары ханна баран хаалбыт буоллахтарай?! Суоллара-иистэрэ эмиэ да баарга дылы дии. Эбэ бултатыан баҕарбыт дуу эбэтэр ити түүлбэр көстөр  оҕонньор тугу эрэ дьаабылыыр дуу» диэн иһигэр кыыһыра, үөхсэ санаабыт.

Биир киэһэ утуйаары сыттаҕына,  ыта эмискэ дьиэтин эргийэ сылдьан үрэн тоҕо барбыт.  Хабырыыс «Эһэ кэллэ быһыылаах. Аны аппын тыытыа» дии санаан банаардаах, саалаах таһырдьа ойон тахсыбыт.  Оттон ыта Эбэттэн тахсар аартык диэки баран үрэ-үрэ төннүбүт. Ата куттаммыт, сиргэммит көрүҥнээх эбит. Таныытын тыаһаппыт, сири табыйталаабыт. Хабырыыс банаарынан ол-бу диэки тыктаран көрбүт да, туох да баара биллибэтэх.  Ытын буойан баран үүтээнигэр киирэн хаалбыт.  Ити кэннэ ыта түүн хаста да үрэ сылдьыбыт. Ол аайы тахсан таһырдьа ону-маны көрө сатаабыт да, тугу да баардыылаабатах.  Инньэ гынан сарсыарданан биирдэ утуйбут. Уонна эмиэ түүл түһээбит.  Били оҕонньор: «Манна сытыйыаххын баҕарбат буоллаххына бара тарт!  Эн күнүҥ-дьылыҥ ааҕылла сылдьар», — диэбит.  Хабырыыс өлөрдүү куттанан уһуктубут. Онон били араҥаһын, лаабыһын туһунан санаатын киэр кыйдаабыт. «Арааһа табыллыа суохпун. Суолбун көннөрдөхпүнэ сатаныыһы» дии санаабыт уонна түргэн соҕустук хомунан бу дойдуттан тэскилээбит.

Дэриэбинэҕэ сүрэҕэ быһыта туппахтаан бэрт нэһиилэ тиийбит. Ылдьаатыгар таарыйбыта, Өндөрөйө оруобуна баар эбит. Хомунан, тэринэн аҕыйах хонугунан тыалаары сылдьалларыгар түбэһэ киирбит.

— Эбэ иччитэ, арааһа, сөбүлээбэтэ быһыылаах. Мин тахсыспат инибин, — диэбитин биирэ соһуйа истибит.

—Аҕыйах күн сынньана түс. Сылайбыт, илистибит көрүҥнээххин. Үһүөн барыахпыт, — диэн быһаарбыт. Ити күн Хабырыыс дьиэтигэр тиийэн кыратык хабыалаабыта буолан баран, олус сылайдым диэн эрдэ утуйбут. Оттон сарсыарда Ылдьаа тэлиэскэтин өрөмүөннүү сырыттаҕына  эмээхсинэ кэлэн:

—Табаарыһыҥ Хабырыыс бөөлүүн сүрэҕэ улаханнык ыалдьыбыт уонна сарсыарданан тыына быстыбыт үһү, — диэн  соһумар, куһаҕан сонуну иһитиннэрбит. Хабырыыс өлбүтүн кэннэ Ылдьаа эмиэ уһаабатаҕа. Эмискэ, соһумардык өлбүтэ.  Ойуун кырыыһа тиийэн эбитэ дуу, дьылҕалара эбитэ дуу…  Табаарыстыылар бу күн сириттэн иккиэн итинник утуу-субуу барбыттара.

Кэлин даҕаны Хонтоҕо Эбэҕэ булчуттар тахсан эмиэ бу кэпсээҥҥэ майгынныыр түбэлтэлэргэ түбэспиттэрэ. Ол аата, Эбэҕэ олорон ааспыт Хабырылла ойуун бэйэтэ баарын, эппит кырыыһа туоларын биллэрэр эбит буоллаҕа.

ТЫАЛ, Мэҥэ Хаҥалас, Чүүйэ.

+1
5
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
0
+1
0