Бу түбэлтэни миэхэ эбэм кэпсээбитэ. Эбэм иккис кылааһы бүтэрбит сайыныгар буолбут. Сайылык оҕолоро буоланнар куруук дьон көрбөт сиригэр тыаҕа тахсан оонньууллар эбит.
Биир күн оннук тыаҕа тахсан сасыһа оонньуу сылдьыбыттар. Саамай быһый уоллара Сэмэнчик: «Оҕолор, манна кэлиҥ!» — диэн хаһыытаан ыҥырбыт. Оҕолор сүүрэн тиийбиттэрэ, улахыан да улахан тиит үрдүгэр хоруоп сытар эбит. Оччолорго эбэлээҕим хоруоп эгин диэн толкуйдаабатахтар, кылаат буллубут дии санаабыттар. Били быһый Сэмэнчиктэрэ номнуо тииккэ ыттан эрэ эбит. Бары туох эрэ үчүгэйи булбут курдук соһуйуу-өмүрүү бөҕө буолбуттар. Сэмэнчиктэрэ чочумча буолаат хасыһан хоруобу арыйбыт. Арай арыйбыта саха быһаҕа, эмэгэт, дүлүҥ сытар үһү. Онон оҕолор былдьаһа оонньообутунан барбыттар. Биир кыыс ойуун кыырарын илэ көрбүт эбит, дүлүҥү ылан саайталаан барбыт. Ол хоруоптаах тииттэрин анныттан холорук эриллэн тахсыбыт даҕаны, Сэмэнчиги үөһэ көтүтэн таһаара-таһаара быраҕаттаабыт. Оҕолор куттанан ситэ оонньообокко бары дьиэлээн хаалбыттар. Били саха быһаҕынан, эмэгэтинэн уонна дүлүҥүнэн оонньуохпут диэн илдьэ барбыттар, Сэмэнчик ампаарын үрдүгэр кистээбиттэр.
Күһүн Сэмэнчик ыалдьан суорҕан-тэллэх киһитэ буолбут. Биир сыл иһигэр киһи билбэт гына дьүдэйэн, устунан босхоҥ буолан хаалбыт. Биирдэ оннук ыалдьа сытан дьонугар «арааһа ойуун буулаата быһыылаах» диэбит. Дьоно тута сураһан, туох буолбутун билбиттэр. Уол аҕата Баһылай били ампаар үрдүгэр кистэммит малы төттөрү ойуун уҥуоҕар таһааран уурбут. Сэмэнчик ол кэнниттэн, киһи албыннаабытын курдук, үтүөрэн хаалбыт. Кэлин Семен Васильевич ниэрбэ бырааһа буолбут, 70 сааһын ааһан баран өлбүт үһү.
Айыына.