«Ойуһардаахха (Орто Халыма) оҕо эрдэхтэн дьүөгэлии икки ийэ: эбээ, үлэһит бэрдэ далбар хотуттар олороллор», — диэн нэһилиэк бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Галина Егоровна Шкулева сырдатар.
– Түгэнинэн туһанан, сөбүлүүр «Саха сирэ” хаһыатым саайтын нөҥүө олус көхтөөх икки дьүөгэлиилэри эҕэрдэлиэхпин баҕарабын. Ол курдук, Евдокия Алексеевна Бандерова уонна Татьяна Егоровна Шкулева иккиэн төрөөбүт сопхуостарыгар отуттан тахсалыы сыл күүстэрин харыстаабакка үлэлээбиттэрэ. Иккиэн саастарын тухары бу сопхуоска ыанньыксыттаабыттара, 2000 кирбиини ылан ону биэс сыл бигэргэтэн, кинилэр үлэлэрэ элбэх грамотанан наҕараадаламмыта. Татьяна Егоровна бэтилиэккэ «Эдэр гвардееһа» бэлиэлээх, Евдокия — тыа хаһаайыстыбатын туйгуна. Кинилэр билигин да кэтэх хаһаайыстыбаны туталлар, оҕолорун, сиэннэрин үрүҥ аһынан аһаталлар. Быйыл кинилэр үбүлүөйдээх саастарынан нэһилиэк бэтэрээннэрин сэбиэтин аатыттан эҕэрдэлиибит!
Биһиги, ойуһардаахтар, төһө да ыраах буолларбыт, олус көхтөөхтүк олоробут. Бэтэрээннэр сэбиэттэрэ ретро киэһэлэри тэрийэн, аҕам саастаахтарбытыгар аналлаах араас куонкурустары ыытабыт. Татьяна Егоровна Шкулева уолаттара иккиэн тустууга өрөспүүбүлүкэ призердара, оттон Евдокия Алексеевна уола ырыаһыт. Онон кинилэр туруу үлэһиттэрин таһынан оҕолорун үчүгэйдик ииппит далбар хотуттар буолаллар. Бэтэрээннэр сэбиэттэрин көхтөөх чилиэннэрин, Евдокиялаах Татьянаны 65 саастарын томточчу туолбуттарынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит!
Ульяна Захарова.