Ойоҕо түүннэри күүлэйдээн кэлбититтэн сылтаан

Ааптар: 
19.07.2017
Бөлөххө киир:

Ыал буолан олордоххо, кэргэнниилэр сыһыаннарыгар туох барыта буолуон сөп — үөрүүттэн, дьоллоох түгэннэртэн саҕалаан, хомолтоҕо, ыар буруйга тиийэ. Онно өссө арыгы «кыттыһар» буоллаҕына, киһилии олоҕу күүппэккин.

edersaas.ru

Ол кимиэхэ баҕарар биллэр суол — итирдэр утаҕынан үлүһүйэр буоллахха, онтон туох да үчүгэй тахсыбатын. Буруйу, үксүгэр, арыгы испит киһи оҥорор.

Мииринэй оройуонун Айхал бөһүөлэгэр биир ыалга алдьархай буолла. Ол барыта эмиэ арыгылааһынтан сиэттэрэн тахсыбыт.

45 саастаах дьахтар түүннэри доҕотторун кытта күүлэйдии, арыгылыы сылдьыбыт. Онуоха 43 саастаах кэргэнэ күүтэ сатаан баран, кинини бэйэтэ «сылгылыы» барбыт — онно тиийэн, ойоҕун күүһүнэн кэриэтэ дьиэтигэр дэллэритэн аҕалбыт. Бэйэтэ эмиэ холуочук эбит.

Аара суолга этиһэ испит дьон, дьиэлэригэр киирээт да, охсуһан турбуттар.  Күүстээх муҥутаан, эр киһи буолуохсут ойоҕун кырбаан киирэн барбытыгар, дьахтар бэйэтин көмүскэнэн, эрин уҥа хомурҕаныгар быһаҕынан анньыбыт.

Эрэ билигин балыыһаҕа сытар. Оттон полиция бу чахчынан процессуальнай бэрэбиэркэ ыытар. Ол түмүгүнэн, холуобунай дьыала тэриллэрэ сабаҕаланар.

Бу туһунан СӨ ИДьМ-тын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Вера МАКАРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: интэриниэттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0