Бүгүн бэс ыйын 28 күнүгэр Өймөкөөн улууһа төрүттэммитэ 100 сыла бэлиэтэнэр.
edersaas.ru
ВЦИК ыйааҕынан Өймөкөөн улууһа төрүттэммит даататынан 1931 с. ыам ыйын 20 күнэ ааҕыллар этэ. Ол эбэтэр быйыл өймөкөөннөр уруккунан улуус 89 сылын бэлиэтиэ этилэр. Ол эрээри улуус кыраайы үөрэтээччилэрэ архыып докумуоннарыгар хаһыспыт чинчийиилэригэр олоҕуран, Өймөкөөн улууһа хаһан төрүттэммитин чопчулуурга кыах үөскээбитэ.
Оройуон тэриллибит сылын чопчулуур үлэ 2016 сылтан саҕаламмыта. Улуус салалтата бу кэм иһигэр Өймөкөөн оройуона төрүттэммит сылын чуолкайдаары үгүс инстанцияларга: өрөспүүбүлүкэ үрдүкү салалтатыгар, Ил Түмэҥҥэ, Саха сирин национальнай архыыбыгар, РАН СО Гуманитарнай чинчийии уонна хотугу сир аҕыйах ахсааннаах норуоттарын кыһалҕаларыгар институкка, Култуура министиэристибэтигэр үгүс суругу ыыппыта.
Улууска биллэр кыраайы үөрэтээччи, Өймөкөөн улууһун Бочуоттаах олохтооҕо Тамара Васильева Саха сирин Национальнай архыыбыгар тиийэн, Өймөкөөҥҥө сыһыаннаах докумуоннары дьаныһан туран үөрэппитин түмүгэр, Максим Аммосов бэрэссэдээтэллээх Дьокуускай Оройуонунааҕы Ревком 1920 сыл бэс ыйын 28 күнүнээҕи мунньаҕын 17-с №-дээх боротокуола көстүбүтэ. 1920 сыл бэс ыйын 26 күнүнээҕи 16 №-дээх уонна 1926 сыл сэтинньи 15 күнүнээҕи 35 №-дээх боротокуолларыгар эмиэ Өймөкөөн оройуона туспа территориальнай единица быһыытынан ыйыллыбытын бигэргэтэр докумуоннар бааллар.
Ол онтон кылгастык тылбаастаабакка докумуону бэйэтинэн холобурдаатахха маннык: “Выделение Борогонского, Оймяконского наслегов со всеми родами в самостоятельную волостную единицу утверждается. Исполкомом распускается, назначается Ревком из трёх лиц. На Оймяконскую волость временно возлагается содержание Оймяконо-Борогонского тракта. Учреждение милицейского участка возлагается на заведующего Райотделом Милиции Ревкома, о чём довести до сведения завотдмилиции т. Киренского« (протокол № 17 от 28 июня 1920 г.). Бу докумуоҥҥа Максим Аммосов илии баттаабыт.
Кыраайы үөрэтээччи, суруналыыс Сергей Егоров эмиэ 2006 с. “Бичик” кыһаҕа бэчээттэнэн тахсыбыт “Оймяконский улус. История. Культура. Фольклор” диэн кинигэ 57 стр. “Установление Советской власти и повстанческое движение” диэн салааҕа Өймөкөөн улууһа 1920 сыллаахха төрүттэммитин туһунан ыйар.
Онон устуоруйаттан уонна архыып дааннайдарыттан көрдөххө, Өймөкөөн улууһун төрүттэммит даатата 1931 сыл ыам ыйын 20 күнэ буолбакка, 1920 сыл бэс ыйын 28 күнэ диэн буолан тахсыбыта.
Ити кэмтэн ыла лоп курдук 100 сыл ааста! Биир үйэ анараа өттүгэр Тымныы полюһунан аан дойдуга аатырар Өймөкөөн устуоруйатын өҥөйөн көрдөххө, көмүс буукубанан суруллар түгэн, событие үгүс: Томторго Үрэх Төрдүгэр Өксөкүлээх Өлөксөй Ыһыах ыһыыта, бастакы геологтар кэлиилэлэрэ, көмүсчүттэр бастакы эспэдииссийэлэрэ кэлин улуус киинэ буолуохтаах Уус-Ньара бөһүөлэгэ турар өрүһүгэр Индигииргэ көтөр аалынан кэлэн түһүүтэ, “Дальстрой” ГУЛАГ лааҕырдарын хаайыылаахтарынан Халыма трассатын туттарыыта, Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр АЛСИБ байыаннай сөмөлүөттэрэ Томтор аэропордугар тохтоон ааһыылара, Өймөкөөҥҥө буолбут 1945 сыллааҕы Кыайыы Ыһыаҕа, холхуостар сопхуостар буолуулара, Өймөкөөн улууһун дорҕоонноохтук ааттатыыга көлүөнэни көлүөнэ солбуйуута…
Бүгүн сарсыардаттан Өймөкөөн улууһун нууччалыы тыллаах «Северная заря» уонна сахалыы тыллаах «Хотугу сардаҥа» хаһыаттар социальнай ситимнэригэр уонна улуус нэһилиэнньэлээх пууннарын батсааптарыгар Өймөкөөнтөн төрүттээх, улуус сайдыытыгар олохторун анаабыт араас омук дьоно дойду араас куораттарыттан, улуус нэһилиэктэриттэн, Дьокуускайтан эҕэрдэ бастыҥын ыыта олороллор. Холобур, үдүкү категориялаах офтальмолог, ХИФУ клиникатыгар үлэлиир Наталья Малышева Өймөкөөн улууһа киниэхэ, эдэр исписэлиискэ, бэйэтин идэтин баһылыырыгар кынат үүннэрбитин, олоҕун аргыһын булунан, дьиэ-уот тэриммит сиринэн буолбутун бэлиэтээтэ.
Улуус баһылыга Иннокентий Сивцев икки тылынан — сахалыы уонна нууччалыы улуус олоҕун-дьаһаҕын, үбүлүөйдээх тэрээһиннэринэн сибээстээн туох үлэ ыытылларын туһунан подкаст-интервьюта тарҕанна. Бу улуус салайааччытын сонун сүүрээнин Өймөкөөн улууһун олохтоохторо сөбүлүү, сэргии ылыннылар. Баһылык бу маннык подкаст-интервьюну ый аайы биэрэн, биир дойдулаахтарыгар тирээн турар боппуруостары кэпсиэҕэ, санаатын атастаһыаҕа.
Интервьюну манна истиҥ:
Баһылык оройуон киинигэр уонна нэһилиэктэргэ туох үлэ ыытылларын сиһилии сырдатта.
Ол курдук, улуус киинигэр Ньараҕа Ленин уонна Мацкепладзе уулуссалары бетоннуохтара, искибиэрдэри саҥардыахтара, бөһүөлэк ханаалаларын ыраастыы сылдалларын кэпсээтэ.
Томторго АЛСИБ сөмөлүөттэрэ тохтоон ааспыт сирдэригэр стела оҥоһуллан туруоҕа.
Аэрнонавигация сирэ-уота саҥардыллан оҥоһулунна, тула өттүттэн тимир күрүөлэннэ.
Олохтоохтор эргэ дьиэлэри көтүрүүгэ субуотунньуктууллар. Туту сирин-уотун ыраастыыллар.
Үчүгэйгэ ыһыахтыыр, сынньанар түһүлгэлэрин сахалыы тыыннаатылар, сынньанар пааркаларын саҥартылар.
Нэһилиэк уулуссаларыгар билииккэ тротуардарынан тупсардылар.
Үбүлүөйдээх күн хас биирдии нэһилиэккэ улуус 100 сылыгар анаммыт «100 үтүө дьыала аахсыйаҕа» араас тэрээһин ыытылла турар. Биирдиилээн дьон актыыбынай кыттыыны ылаллара кэрэхсэбиллээх. Ол курдук, Хара Тумул олохтооҕо Семен Сивцев Аҕа дойду Улуу сэриитигэр биир дойдулаахтарын аччыктааһынтан быыһаабыт булчуттарга пааматынньык оҥордо.
Сыстыганнаах дьаҥ өрө туран, улуус суолталаах үбүлүөйдээх тэрээһиннэрэ — кулун тутарга ыытыллыахтаах кыһыҥҥы туризм бэстибээлэ, улуустааҕы үүбүлүөйдээх ыһыах курдук улахан бырааһынньыктар тохтотуллан, сыл иккис аҥарыгар көстүлэр.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru