Оһуокайдьыт, алгысчыт, мас ууһа Иван Бурцев-Сэргэ Уйбаан 80 сааһын туолла

Ааптар: 
15.04.2023
Бөлөххө киир:
Хаартысканы М.Николаева тиксэрдэ.

Оһуокай өрөспүүбүлүкэтээҕи уопсастыбатыгар бэйэлэрин олохторунан холобур буолар оһуокайдьыттар элбэхтэр. Бары бэйэ-бэйэлэригэр майгыннаспат уратылаахтар. Муус устар 14 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх оһуокайдьыта, 40-тан тахса сыл педагогическай ыстаастаах бэтэрээн учуутал, медодист, алгысчыт, мас ууһа Уйбаан Уйбаанабыс Бурцев 80 сааһын чугас дьоно мустан бэлиэтээтилэр.

Бу истиҥ иһирэх киэһэҕэ Уйбаан Уйбаанабыстыын Чараҥ начальнай оскуолатыгар бииргэ үөрэммит кылааһынньыктара, Нам педучилищетыгар үөрэммит доҕотторо уонна биир дойдулаахтарын сэргэ Оһуокай уопсастыбатыттан кэлэн эҕэрдэлээтилэр. Кини өрөспүүбүлүкэ айар сойууһун көхтөөх чилиэнинэн буолар. Ол курдук, Оһуокай уопсастыбатын таһынан ырыа айааччылар сойуустарын биир көхтөөх мелодиһынан буолар. 40-тан тахса айбыт ырыалардаах. Суруйааччы Петр Тобуруокап тылларыгар «Маарыйалар дорооболоруҥ», Степан Дадаскинов «Мин ырыа кэһиилээх кэлиэҕим» ырыалара уостан түспэккэ ылланар, сүүс бастыҥ ырыаҕа киирбит ырыалар буолаллар.

Ырыа айарын таһынан кэрэ куоластаах ырыаһыт быһыытынан 65 сылы быһа сыанаттан түспэт ырыаһыт быһыытынан биллэр. Өр сыллаах үлэтин түмүгүнэн СӨ култууратын туйгуна аат иҥэриллибитэ.

Уйбаан Уйбаанабыс 2011 сыллаахха норуот маастара диэн үрдүк ааты ылбыта. Мастан сувенирдары оҥорорун таһынан, сэргэ комплексын оҥоруутунан утумнаахтык дьарыктаммыт мас ууһунан буолар. Биир сүрүн үлэтэ Суотту түмэлигэр сэргэ комплесын туппута буолар. Ол иһин дьонугар-сэргэтигэр Сэргэ Уйбаан диэн ааттаммыта.

Оскуолаҕа өр сыллаах үлэтин сыаналаан, миниистир Ирина Любимова ыйааҕынан, СӨ учууталларын учууталлара анал аат иҥэриллибитин оскуола кэллэктиибин салалтата киирэн туттарда. Үлэлээбит оскуолатыгар попечитель-меценат быһыытынан үрдүктүк сыаналанар эбит.

Оһуокайдьыт быһыытынан эттэххэ, Уйбаан Уйбаанабыс бүлүүлүү этэр, хас биирдии киһи куолаһыгар барытыгар барсар үчүгэй куоластаах, тыла-өһө хомоҕойун этэ да барыллыбат. Мин Уйбаан Уйбаанаьыстыын 2015 сыллаахха улуу оһуокайдьыппыт Сергей Зверев төрөөбүтэ 115 сааһын туолар үбүлүөйдээх сылынан «Сибиэрэп Улуу Москубаҕа айар ыллыктаах суолунан» диэн ааттаах бырайыак толкуйдаан, Москваҕа бара сылдьыбыппыт. Москва куорат күннэрин бырагырааматыгар  киирсэн, Оһуокай күнэ ыытыллыбыта. Бу тэрээһиннэргэ олус көхтөөхтүк кыттан, СӨ үтүөлээх этээччитин аатын ылбыта.

Уйбаан Уйбаанабыс күрэхтэргэ кытта, бириистээх миэстэлэргэ тиксэ сатаабат үгэстээх. Ол оннугар Уус Алдантан анаан-минээн кэлэн өрөбүллээҕи оһуокайдарбытыгар мэлдьи кыттар.

Бары өттүнэн талааннаах оһуокайдьыппыт култуураҕа, үөрэҕириигэ үлэтэ сыаналанан, Байаҕантай, Өспөх нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо, СӨ үөрэҕириитин уонна култууратын туйгуна буолар, аны төрөөбүт күнүгэр СӨ учууталларын учууталлара анал бэлиэ аатынан наҕараадаланна.

«80 сааспын үөрэ-көтө, ыллыы-туойа, чэпчэкитик сэгэйэн үктэнним, аны 90 сааспар тайахха да баттатан көрсүбүт киһи», — диэн кини баҕа санаалаах.

Күндү киһибит, эдэрдии эрчимҥин ыһыктыбакка айар талааҥҥынан бар дьоҥҥун үөрдэ сырыт!

Марта Николаева. уопсастыбаннай кэрэспэдьиэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0