«Охсуу» кэнниттэн өрүһүнүү

23.08.2017
Бөлөххө киир:

Инсуллаабыт киһи хайдах эмтэнэрин, харыстанарын туһунан сахалыы тылынан суруллубут кинигэ аҕыйах диэн санааттан бу уодаһыннаах ыарыы туһунан кинигэ суруйан көрөргө санаммытым, – диэн Григорий Федотович Михайлов-Дьулҕан кэпсээнин саҕалыыр.

edersaas.ru

Дьэ, бу соторутааҕыта эрэ күн сирин көрбүт «Тымыр ыарыылара: гипертония, атеросклероз, инсульт» кинигэ ааптара Григорий Михайлов хара маҥнайгыттан бэйэтэ инбэлиит хараҕынан көрбүтүн-билбитин, доруобуйаны көннөрүүгэ туһаммыт ньымаларын кэпсииргэ сыал-сорук туруорунан үлэлээбит.

Кинигэ аан тылын суруйбут ХИФУ Мединститутун неврологияҕа уонна психиатрияҕа кафедратын сэбиэдиссэйэ, медицина наукатын доктора Татьяна Николаева кэлиҥҥи уонунан сылларга «охсор охсуута» элбээн иһэрин бэлиэтиир. «Гипертония, атеросклероз, инсульт ыарыылар аан дойду үрдүнэн сыллата мөлүйүөнүнэн дьону олохтон туораталлар. Хайдах көмүскэниэххэ? Бу боппуруоһунан научнай институттар, доруобуйа харыстабылын иһинэн тэриллибит сэрэтэр кииннэр дьарыктаналлар эрээри, ыарыы аҕыйаабат. Григорий Федотович маассабай ааҕааччыга туһуламмыт кинигэтэ ыарыыны сэрэтэргэ, инбэлииккэ тахсыыны, өлүүнү бохсорго туһалыа диэн эрэллээхпин», – диэн суруйбут.

Григорий Федотович билигин кинигэтин туппутунан бу уодаһыннаах ыарыыларга ылларбыт дьоҥҥо киирэн кэлэр. Кинилэри кытары кэпсэтэн, сүбэлээн-амалаан баран, кинигэтин көрдөрөр, «остуол кинигэтэ» оҥостоллоругар сүбэлиир.

Дьиҥэр, кини кинигэ таһаарыан быдан инниттэн, а.э. ыарахан ыарыы кэнниттэн дьаныардаахтык эмтэнэн үтүөрэн баран, бэйэтин холобурун аһаҕастык кэпсээн, төһөлөөх ыарыһахха эрэл кыымын сахпытын, олоххо иккистээн төнүннэрбитин тустаах эрэ дьон билэн уонна махтанан эрдэхтэрэ…

Кыл түгэҥҥэ инбэлиит аатырыы

«1986 с. медицинскэй хамыыһыйа хааным баттааһына үрдээн иһэрин быһаарбыта, эмтэнэрбэр сүбэлээбитэ. Ити сыл эмчиттэр көмөлөрүнэн хаан баттааһынын хонтуруоллуур үгүс эмтэниини ааспытым. Систиэмэ туруоруута, укуоллар, иннэлэтии, сахалыы эмтээх оттору иһии, ыраастаныы араас ньымалара, норуот эмчиттэрин өҥөтүнэн туһаныы, «Абалаах» эмтээх бадарааныгар сытыы – барыта баара. Эти-хааны эрчийии, спордунан утумнаахтык дьарыктаныы да умнуллубатахтара. Ол эрээри, гипертония бэриммэтэҕэ, устунан атын үлэҕэ көһөрбөр күһэйбитэ…

1987 с. ДОСААФ райкомун бэрэссэдээтэлинэн быыбарданан, түбүктээх үлэ күөстүү оргуйбута. Кыһыҥҥы кэмнэргэ баһаардары умулларыыга илии-атах силиилэрин, сүһүөхтэрин тоҥоруу арахсыбат аргыстарбытынан буолаллара. Онно эбии сыыһа-халты туттуулартан сэдиптээн, икки төгүл сиһим тоноҕосторугар эчэйиилэри ылбытым «олохсуйбуттарын» биллэрбиттэрэ.

1995 сылтан сиспинэн моһуогурар буолбутум. Гипертония үөскээбит төрүөтэ дьэ, «арыллыбыта». Эттиктэр атастаһыылара кэһиллэн, ыйааһыным сыыйа үрдээн испитэ. Атеросклероз «бляшкалара» тымырдарбын бүөлээннэр, мэйиим хаанынан тохтобула суох хааччыллыыта мөлтөөн, хаан баттааһына үрдээбитэ.

Кыра ыарыыны, күннээҕи быһаарыллар түбүгү аахсыбакка, үлэ-хамнас күөстүү оргуйа турдаҕына, тулаҕар барыта кэрэ, барыта кыаллар курдук. Оннук кэмҥэ бу миигин ыарыы обургу ытарчалыы ылыа диэн өйбөр да оҕустарбакка сырыттахпына, 1998 с.
«охсор охсуу» буулаабыта. Босхоҥнообут, ыарахан туруктаах киһини «суһал көмөнөн» Майа балыыһатыгар киллэрбиттэрэ. Күн бэҕэһээ сүүрэ-көтө, хамсана сылдьыбыт киһи кыл түгэнигэр эмискэ илиим-атаҕым истибэт, хамсаабат, кыайан саҥа таһаарбат буолан хаалбыппыттан ыксаан, улаханнык уолуйбутум.

Онтон балыыһаҕа сытан толору эмтэнэн, иккиһин төрөөбүт, олоҕу атын хараҕынан көрөр киһи дьиэбэр тахсыбытым. Тахсарбар ыйааһыным 31 киилэ түһэн, сыккырыыр тыыным эрэ хаалбыт этэ. Суостаах-суодаллаах ыарыыттан өрүһүйбүтүгэр бастакы бырааспар, невролог идэлээх Полина Иннокентьевна Саввинаҕа тыыннааҕым тухары махтанабын.

Дьиэбэр «чөлүгэр түһэрии бырагырааматын» оҥостон бырааһым сүбэтин-аматын сыыска-буорга түһэрбэккэ, этиллибити барытын тос курдук толорон, салгыы Дьокуускайга 2 №-дээх өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһаҕа эмтэнэ киирэргэ бэлэмнэммитим…»

Мантан салгыы кини хайдах эмтэнэн үтүөрбүтүн туһунан сиһилии саас сааһынан кэпсээбитин, сүбэлээбитин «Тымыр ыарыылара: гипертония, атеросклероз, инсульт» диэн кинигэтигэр булан ааҕыахха сөп.

Нейрососудистай отделениеҕа, улуу Кытайга, Москваҕа Бехтерев аатынан институкка, айылҕаҕа сибиэһэй салгыҥҥа, кут-сүр үөрэҕэр дьарыктанан эмтэммитин, доруобуйатын чөлүгэр түһэрбитин сахалыы тиийимтиэ тылынан кэпсиир.

Дьулҕан сүбэтин холбукатыттан

Инсульт кэннэ

«Инсуллаабыт киһи маҥнай олус уолуйар, тууйуллар, санааҕа баттатар. Улахан охсууну соһуччу ылан хараастыы муҥар киирэр.

Ол эрээри, инсульт бириигэбэр буолбатах, олох салҕанар. Эмчиттэр көмөлөрүнэн дууһа, эт-хаан муунтуйуутун, ыарыыны тулуйуу, туруулаһыы, уһуну-киэҥи, кэскиллээҕи толкуйдааһын. Санаалары сааһылаан, уйулҕаны уоскутан, сөптөөх ырытыылары оҥорон, түмүктэри оҥостуу – бу ыалдьыбыт киһи бастакы соруга».

Холестерины намтатыҥ

«Күн аайы сибиэһэй чусуонугу эбэтэр эриэппэ луугу сиэҥ. Күҥҥэ сиэниллибит 50 гр эриэппэ луук «үчүгэй» холестерины 30% элбэтэр, «куһаҕаны» намтатар. Чусунуокка баар аллицин диэн бэссэстибэ хааҥҥа баар холестерины таһаарар. Күҥҥэ чусунуок 2-3 тииһин (долька) сиэтэххэ сөп буолар. Биир ый итинник аһаатаххына, холестерин 9-10% түһэр дииллэр».

Тымыры ыраастааҥ

«Биир ыстакаан укуруоп сиэмэтин, 2 остолобуой ньуоска валериана мэлиллибит силиһин уонна 2 ыстакаан айылҕа мүөтүн ылыллар. Барытын 2 лиитэрэлээх тиэримэскэ кутан баран, итии уунан толоруллар. Биир сууккаҕа көөнньөрүллэр. Онтон аһыах 30 мүнүүтэ иннинэ биирдии остолобуой ньуосканан иһиллэр».

Сөпкө аһааҥ

«Төрүт ас – көмүстээҕэр күндү, өлбөт мэҥэ уутугар тэҥнээх. Элбэхтик ыстаан, ас амтанын билэн, бытааннык аһааһын ирдэниллэр. Өр аһаабакка сылдьыы доруобуйаҕа охсуулаах, онон үстүү чаастан уһаппакка күҥҥэ 5-6 төгүл аһаныллыахтаах».

Эмтиир гимнастиканы, хамсаныылары оҥоруҥ

«Чөлүгэр түһэриигэ эмтиир гимнастика көрүҥэ элбэх. Өйү сайыннарыыга, бөҕөргөтүүгэ (улаатыннарарга) урукку хаартыскалары көрүү, ырыаны, муусуканы истии, ыллааһын, дуобат итиэннэ саахымат этюдтарын, комбинацияларын, кроссворд таайбараҥнарын суоттааһын. Сахалыы, нууччалыы тылдьыттары ааҕан, үөрэтэн, умнубут тылларгын булаттааһын. Хаһыаттары, кинигэлэри сиһилии ааҕан, ырытыылары оҥортооһун уо.д.а.».

Айылҕа күүһүн туһаныҥ

«Сахаларга хатыҥ – Айыы маһа. Хатыҥ чараҥ барахсан дууһаны чэбдигирдэр, санааны чэпчэтэр ырааһа, суугуна, кэрэтэ, ама туохха тэҥнээх буолуой? Хатыҥ абылаҥа оннооҕор ыар ыарыы тимир кытаҕаһыттан өрө тардан атахха туруорар дьикти күүстээх. Биһиги өбүгэлэрбит айылҕанан, хатыҥ суугунунан эмтээһини киэҥник тутталлара, хатыҥ маһы кууһан олоруу курдук эмтээһин биир көрүҥэ баар этэ. Ити ньиэрбэ ыарыытыгар көмөлөһөр».

Ыспыраапка:

Михайлов Григорий Федотович — 

История преподавателэ, идэҕэ үөрэтии инженер-педагога, менеджер, инбэлииттэри чөлүгэр түһэрэр «Эрэл» киин дириэктэрэ, РФ үлэҕэ бэтэрээнэ, Арассыыйа бочуоттаах донора.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0