Хайахсыт, былыр былыргыттан, араас дьылҕалаах дьон олорон ааспыт сирдэрэ. Ол туһунан нэһилиэк үс туомнаах кинигэтин оҥорорбор киэҥник суруйан, сырдатан турабын.
edersaas.ru
Быйыл 4-с туомун бүтэрэн, бэчээккэ биэрэн сытыарабын. Кинигэм иккис туомугар бэтэрээн-учуутал, нэһилиэк устуоруйатын чөмчөтүүгэ уһун сылларга айымньылаахтык үлэлээбит Николай Васильевич Лукин Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнэ Афанасий Яковлевич ДОРОФЕЕВ туһунан ахтыытын бэркэ интэриэһиргээн киллэрбитим. Охонооһойу оҕо эрдэхпиттэн билэрим. Үрэх баһыгар дьукаахтаһан олоро сылдьыбыппыт. Мантан аллара кини туһунан Николай Васильевич кэпсээнин истиэҕиҥ:
Байанайдаах булчут
“Афанасий Яковлевич эдэр эрдэҕинэ эттээх, төгүрүк, хаптаҕай соҕус сирэйдээҕэ. Атаҕынан кыанар, сүрдээх хаамыылаах, орто уҥуохтаах киһи этэ. Биригээдэ тугу соруйарынан үлэлиирэ. Кини дьонтон биир саамай уратыта — булт. Куругар мэлдьи икки капкааны иилинэ сылдьар буолара уонна хайаан да кырынаас, лааскай эбэтэр солоҥдо тутуурдаах кэлэрэ. “Биир кырынаас сылдьыбыт, онон биир солоҥдо ааспыт, Охонооһойго этээриҥ эрэ…”— дииллэрин истэрим. Киһилэрэ үлэлии таарыйа баран, бултарын илдьэ кэлэрэ. Дьон сөҕөрө. Биирдэ убайа Кууһума эппитэ: “Охонооһой, “Абааһылаах” аппатын диэки биир атыыр кырынаас барбыт”. Күнүскү аһылык кэнниттэн Охонооһой барардыы оҥостуммута, сонун кэппитэ, икки капкаанын ылбыта. “Миигин илдьэ бар, көрүөхпүн баҕарабын”—диэбитим. Ону сөбүлэспитэ. Кырынааспыт “Абааһылаахха” тиийбэккэ эрэ хойуу баҕайы арбах иһигэр киирбит этэ. Киһим арбаҕы иккитэ-үстэ төгүрүччү хаампыта уонна икки сиргэ капкаанын ииппитэ. Миигин туос хомуйтарбыта. Туоспун икки ураҕаска дьөлө анньан баран умаппыппыт. Арбаҕы кини ыйбыт сиринэн дьөлө анньан, умайбыт туоһунан буруолаппыппыт. Хас да сиринэн оннук гынарбытын кытта киһим: “Тохтоо!” диэбитэ. Арай көрбүтүм, капкааннаах кырынааһы тутан турара. Онтон уоппутун ыһан баран дьиэбитигэр төннүбүппүт. Сир хайаҕаһыгар киирбити дөксө итиннээҕэр түргэнник ылара. Ону хайдах ыларын көрбөтөҕүм.
“Киһи тииҥнээҕэр улахан…”
1942 сыллаахха бэс ыйыгар Охонооһой 46 сааһыгар сэриигэ барбыта. Кини суругу аахпат да, суруйбат да этэ. Онон, ханна тиийэн-түгэнэн сылдьарын олох билбэт этибит. Сэрии бүппүтэ сылтан орпутун кэннэ, өлбүтүнэн ааҕа сылдьар киһибит тиийэн кэлбитэ наһаа соһуччу үөрүү этэ! Киһибит алта мэтээллээҕэ. Үс сыл наар сэриигэ сылдьыбыт. Кини үөрэҕэ суох буолан, кэпсээһинэ да судургу — тугу көрбүтүн, хайдах сылдьыбытын малтаччы, киһи күлүөх курдук кэпсиирэ. Сатаан да ааттаабат, сороҕор тыла өҕүллүбэт, ол гынан баран, Сэбиэскэй Сойуус үгүс куораттарын фашистартан сэриилээн ылсыбыт, кыраныысса таһынааҕы судаарыстыбалары эт атаҕынан сатыы тэлэн, сэриилээн, иннин автомат буулдьатын тобурах ардаҕынан тоҕо солоон, аатырбыт ньиэмэс аармыйатын күл-көмөр оҥорсон, Германия киин куоратын — Берлини ылсыбыт, “абааһы да атаҕын алдьатар гына” күөрэ-лаҥкы барбыт уулуссаларынан кыайыылаахтык хаампыт! Хайахсыттан Берлиҥҥэ тиийэ сэриилэспит соҕотох Афанасий Дорофеев эрэ!
Хайдах саҕаламмытай?! Дьокуускайтан борохуотунан, онтон кыратык сатыылаан баран,тимир суолунан айаннаан, Сибииргэ тиийбиттэригэр барыларын тус-туһунан араартаабыттар. Охонооһой онно барыта нуучча уолаттарын кытта түбэспит. Бинтиэпкэнэн ытарга үөрэппиттэр. Ытыыга барыларыттан ордуктара буолбут. “Бу уолаттар ити тугу көрөн ыталлара буолла?”— диэн сөҕөрө. Биирдэ ытыыга куоталаһыы буолбутугар Охонооһойго хамандыыра биэс ботуруону биэрэр уонна 150 м. сиргэ киһи быһаҕаһа оҥоһуллубут хара дьүһүннээх хаптаһыны сиргэ батары анньар. “Киһи туга ытылыннаҕына түргэнник өлөрүй, онон ыт!”-диир. Охонооһой хаптаһынтан быһыллыбыт “өстөөх” түөһүгэр биэс буулдьаны бэһиэннэрин кэккэлэһиннэри түһэрэр. Хамандыыра биноклунан көрөн баран төбөтүн илгистэн эрэ кэбиспит… Ол курдук үөрэнэн баран, Сталинград оборонатыгар баран кыргыһар. Арай биирдэ хамандыыр өстөөхтөрү ытарга бирикээс биэрэр. Саа тыаһа хойдор. Аттыгар автоматынан ытыалыы сытар киһини көрбүтэ, киһитэ өстөөхтөр диэки туһаайан баран, мээлэ ыта сытар үһү. Охонооһой көрдөҕүнэ буулдьата үөһэнэн көтөр курдук. “Оо, дьэ, хаарыан сэби таах бараан эрэр киһи,”—диэн кыһыйа санаабыт. Ол сыттаҕына хамандыыра кэлэн: “Тоҕо ыппаккын?” –диэбит, ону: “Көрбөппүн ээ, көрдөхпүнэ ытыам”—диэбит. “Кырдьык, көрдөрбүн эрэ олох эккэ ытааччыбын. Киһи тииҥнээҕэр улахан ээ, ону хайдах сыыһыахпыный?”—диирэ.
Сталинград көмүскэлигэр
“Сталинградка оборонаҕа сыттахпына, сотору, атаакалаан иннибит диэки барабыт үһү, диэтилэр. Хас да күн кэтэстибит да, туох да суох. Ньиэмэс күн аайы хаста эмэтэ атаака оҥорор. Ону биһиги төттөрү охсон иһэбит. Арай биирдэ көрбүтүм, күн ортотун саҕана бүтүн халҕаһа ньиэмэс инники эрээккэ аҕыстыы киһи гына устуруойдаан, хас да эрээтинэн иһэллэр эбит. Биирдэ да ыппаттар. Бары автоматтаахтар. Бары эпписиэр курдук саҥа формалаахтар уонна уостарынан үрэн тыаһатар хормуоскалаахтар. Дьэ, муусука-барабаан, култуура бөҕө буолан — иһэллэр эбит!. Биһиги тоҕо эрэ ыппаппыт. Мин сөҕөбүн: “Бу үлүгэрдээх сэриилэһэ сылдьан ити аата туох буоллахтарай?”—дии саныы сытан, “Огонь!”— диэн хаһыыны иһиттим да, тардан кэбистим. Ол кэмҥэ миэхэ көннөрү бинтиэпкэ баара. Инники иһээччи ньиэмэстэр бары сууллан түстүлэр. Ону кэнники иһээччилэр кэлэн толорон иһэллэр. Ытарым быыһыгар: “Бу үлүгэрдээх туох акаары быһыытай, эбэтэр бары итириктэр дуу?!”—дии саныыбын. Сотору, киһи эрэ буоллар, син сытан, саһан киирэн ытыалаһар буоллулар. Тиһэҕэр олох да аҕыйах киһи ордон, төттөрү чугуйдулар. Кэлин саллааттартан истибитим, биһигини итинник атаакалаан, куттаан ылыахтаахтара эбитэ үһү… Оттон биһиги хайыы-үйэҕэ куттанарбытын ааспыт дьон сыттахпыт, аата бачча тухары өйдөөбөттөрө сүрүн!”, —дии-дии Охонооһой баһын быһа илгистэрэ.
”Биһиги хас да хонон баран, биир күн, атаакалаан иннибит диэки түһүнэн кэбистибит. Кинилэр эмиэ уотунан көрсүбүттэрэ. Баһаам киһи өлбүтэ, араанньы буолбута. Мин, нууччалар наһаа харса суох дьоннорун онно өссө төгүл көрбүтүм. Маҥнай син саһан, сыта-сыта сүүрэн киирэллэр. Онтон, табаарыстара өстөөх буулдьатыгар табыллан, ыһыытаан-хаһыытаан, өлөн-сүтэн бардаллар эрэ, үөхсэ-үөхсэ, ытыалыы-ытыалыы иннилэрин диэки түһүнэн кэбиһэллэр. Олох чугуйар диэни билбэттэр. Биирдэ ол курдук сүүрэн иһэн, биир старшинаҕа кэтиллэ түстүм. Старшинам: “Бу бааһырбыт саллааты санчааска илдьэн биэр!”—диэтэ. Киһибин синиэлгэ сытыаран баран, синиэлим сиэҕиттэн соһон, илдьэ истэхпинэ, биир санитар кыыс кэлэн бэрэбээскилии хаалбыта. Тобугун үөһэ өттүнэн табыллыбыт этэ. Бэйэм дьоммун сотору сиппитим. Дьонум ньиэмэс окуопатыгар киирбит этилэр. Окуопаҕа киирэн баран көрбүтүм, синиэлим аллараа өттүнэн икки сиринэн буулдьа тобулу сүүрдэн кэбиспит этэ. Олох өлөрө сыспыттарын көрөн баран дьэ куттаммытым.
Сэбиэскэй сиргэ да, кыраныыссаны туораан да баран, элбэх ньиэмэһи билиэн ылар этибит. Билиэн түбэспит ньиэмэстэр наар таҥараҕа үҥэн тахсаллара, киһи сирэйин-хараҕын кэтииллэрэ, наһаа улгум буолан хаалаллара. Уопсайынан, нууччаларга тиийбэттэр, куттаҕастар”.
Оттон, “тус бэйэҥ тутан туран биир эмэ ньиэмэһи өлөрбүтүҥ дуо?”—диэн ыйыппыппар маннык кэпсээбитэ:
Үс сууккаҕа “хаайыы”
“Биирдэ ньиэмэс окуопа хастан сытар сирин атаакалаабыппыт. Окуопа тыа саҕатынан кэриччи оҥоһуллубут. Ити кэмҥэ миэхэ автомат баара. Сыта-сыта сүүрэн чугаһаатыбыт. Чугаһаан баран, гранатанан быраҕаттаатыбыт. Тоҕо эрэ ньиэмэстэр ыталлара эмискэ сэллээн хаалла. Окуопаҕа ыстанан киирэн ытыалаһыы буолла. Блиндаж иһигэр гранатаны быраҕа-быраҕа, ыстанан киирэн тыыннаах өттүн билиэн ылабыт. Барыта 8 киһини туттубут, уоннааҕылар куопуттар. Олортон 4 киһи формалаах дьон, атыттара саллааттар быһыылаах. Ньиэмэстэри салгыы эккирэтэргэ быһааран баран, бу 8 киһини миэхэ, мантан 3 биэрэстэлээх полевой ыстаапка илдьэн туттарарбар бирикээстээтилэр. Дьонноруттан сааларын ыллылар, сиэптэрин хастылар, илиилэрин төбөлөрүгэр уурдардылар уонна миэхэ: “Илдьэ бар!”—диэн буолла.
Охонооһой: “Бөрүөт! Остуой! Насаат!”—диэни эрэ билэр киһи буолан биэрбит:“Бөрүөт” диэн хамаандалаабыт. Маҥнай бэрт истигэн баҕайытык баран испиттэр. Биир чараас тыаны туораан, онтон синньигэс соҕус бурдук сирин туораан, тыа саҕатыгар киирэн испиттэр. Ньиэмэстэрэ кэпсэттэхтэринэ, сылайан илиилэрин хамсаттахтарына, Охонооһой мааттыы-мааттыы үрдүлэринэн тыа баһын ыта испит. Ол аайы куттанан тохтоон хаалаллар эбит. Арай инники иһээччилэрэ тугу эрэ бэйэлэрин тылларынан кэпсэтэ-кэпсэтэ, илиилэрэ сылайан, сэрээккэ оҥорон дайбаҥнаһан барбыттар. Бэрээдэктэрэ ыһыллан хаалбыт. “Остуой! Бөрүөт!”—дии-дии үрдүлэринэн ытыалаабыт да, истибэтэхтэр. Онтон, хайдах эрэ, сиспинэн тымныы уу сүүрэлээтэ, этим кытаатан хаалбыт курдук буолла уонна өйбөр: “Бу айылаах оҥорон баран өссө сатаан айанныыллара баҕалаах!”—дии санаатым да, автомаппын туһаайа тутаат, тардан кэбистим. Ньиэмэстэр сууллан эрэллэрэ уонна бэйэлэрин тылларынан хаһыытаһа-хаһыытаһа, илиилэрин үөһэ ууна-ууна, бэрээдэктэнэ сатаатылар быһыылааҕа. Биирдэ өйдөөбүтүм, ботуруонум бүтэн хаалбыт, автоматым дэлби сылыйбыт, биир хамныыр киһи суох буолбут… Иккис дискэбин уларытан баран, сиргэ олорунан кэбистим уонна аны хайдах буолабын диэн саныы-саныы, “ээл-дээл” курдук олордум. Онтон, дьоммун эккирэттэхпинэ сатаныыһы диэтим да, кэлбит сирим диэки сүүрэ турдум. Дьоммун чаас холобурдааҕынан ситтим уонна хамандыырбар кэпсээтим. Хамандыырым миигин өр баҕайы көрөн турда. Арааһа, сирэйим-хараҕым уларыйдаҕа буолуо. Тугу эрэ суруйда уонна буруйгар 3 хонукка хаайыллаҕын диэн баран биир старшинаҕа “Бу суругу уонна Дорофеевы ыстаапка тириэрт!”—диэтэ. Автомаппын илдьэ хаалла. Инньэ гынан кэлбит сирбинэн төнүннүм. Ыстаапка тиийбиппитигэр суругу ааҕан баран: “Бар, ити ороҥҥо сыт, утуй!”—диэн буолла. “Хаһан хаайар буоллахтарай? Дьэ, төһө эрэ доппуруостууллар”, — диэн, олох да утуйбатым. Хамандыырым: “Дорофеев, тоҕо утуйбаккын, утуй-утуй!”—диир. Арай, киһи тардыалыырыттан уһукта биэрдим: “Туран аһыаҥ үһү!”—диир. Ыһаарыламмыт сибиинньэ сыата сиэтим. Сарсыныгар дьиэҕэ сылдьан, хаас этэ ыһаарылаттылар, хортуоска хастаатым. Ол курдук үлэлээн, аһаан, үс хонон баран, этэрээппэр холбоһон, салгыы сэриилэһэ бардым. Онон “хаайыллан” бүттүм. Арааһа, 8 ньиэмэһи өлөрөн баран, наһаа кутталлаах сирэйдээх-харахтаах киһи буолбутум иһин, сынньатар быһыылара буолуо,
дии санаабытым”.
«Снайпердаабыт биир күнүм»
Син уһуннук сэриилэспиттэрин кэннэ хас да киһини кытта Охонооһойу тыылга таһааран уонча хонукка снайперскай бинтиэпкэнэн ытарга үөрэппиттэр. Үөрэҕин туйгунунан бүтэрбит. Онон снайпер буолбут. Икки күн сэриилээн биир куораты ылбыттар уонна оборона оҥостон, сыппыттар. Биир күн этээһэ суох үлтүрүйбүт таас дьиэҕэ аҕалбыттар уонна: “Мантан ытарга оҥоһун. Өстөөх окуопатыгар түүн аайы тугу эрэ оҥороллор, ону ытыалааҥ”—диэбиттэр. Киэһэ хараҥарбытын кэннэ барбыттар. Охонооһой ытар сирин кирпииччэнэн оҥостубут. Киниэхэ кэтээн көрөр киһи барсыбыт. “Кулгаахпар араадьыйа кэтэртилэр, кэлсибит киһим миигиттэн тэйиччи атын сиргэ оҥостон сытта. Халлаан сырдаабытын кэннэ саам халампааһынан көрбүтүм, ньиэмэс окуопатын иһигэр, мас ойоҕостоох блиндаж эркинигэр, икки киһи турар. Төбөлөрө көстөр. Биирдэрэ байыаннай формалаах, биирдэрэ түөһэ кытта көстөрө. Олортон мин формалаах киһини кыҥаан ытарбын кытта, киһим мэлис гынан хаалла. Иккис киһитэ суох буолан хаалла. Миигин кэтээн сытар киһим “Маладьыас!”—диир саҥатын иһиттим. Ол күн ханна да барбакка, хамнаабакка сытан, ытан таҕыстым. Киһи быктар эрэ ким да буоллун, аҥаар кырыытыттан ытан лаһырҕатан иһэбин. Ол аайы киһим тугу эрэ саҥарар. Ытаары гыннахпына эмиэ саҥарар да, ону нууччалыы билбэт буолан, быһаарбаппын, ытарбын эрэ билэбин. Ол курдук күнү быһа 10 ньиэмэһи өлөрбүтүм. Киэһэ хараҥарбытын кэннэ киһим : “Барыах!”—диэтэ. Хайгыыра буолуо дии санаабытым баара, кыыһырбыт курдук туттар. “Ити тоҕо кыыһыдаҕай, ама сыыһан кээспитим буолуо дуо?”—дии саныыбын. Хамандыырдарым бэйэлэрин икки ардыгар тугу эрэ кэпсэттилэр, миэхэ тугу да эппэттэр. Сарсыныгар снайпербыттан устан кэбистилэр. Ону кэлин ыйыталаһан билбитим, кэтээн көрөөччү киһим “Ыт!”диэбит эрэ киһитин ытыахтаах эбиппин, ону нууччалыы билбэт буолан, ким да буоллун ыта сыппыппын. Онон биир күн снайпердаан бүттэҕим ол”.
Куобахтыы сылдьан,
эбэтэр –“Руку быар!”
“Сэбиэскэй кыраныыссаны туораан баран, капитан званиелаах хамандыырым миигин бэйэтигэр ылбыта. Кини ханна бардын да, онно мин кинини автоматтаах эккирэтэ сылдьыахтаахпын, хамандыырбын туохтан барытыттан көмүскүөхтээхпин. Оннук сылдьар хайдах эрэ салгымтыалаах. Киһи тэһийбэт. Мин ол сылдьан хамандыырбыттан: “Сэриигэ ыыт!”—диэн куруук көрдөһөбүн. Ону олох ыыппат. Онтон биирдэ хайдах эрэ куобахтаабыт киһи дии санаатым да, аны күн аайы куобахтыахпын көҥүллээ, диэн көрдөһөр киһи буоллум. Хас да хонон баран биирдэ сынньалаҥ кэмигэр: “Икки биэрэстэттэн ордук барыма,”—диэн баран эбиэттэн киэһэ көҥүллээтэ. “Биэс чааска кэлээр!”, — диэтэ. Мин бинтиэпкэ ылан бардым. Икки хара куобаҕы өлөрдүм. Ол дойдуга күн киирдэр эрэ тута хараҥарар. Саатар бэйэм да куобах эккирэтэ сылдьан, хойутаан хааллым. Ол да буоллар, тыанан быһалыы баран истим. Арай тыа ортотугар кииртим кэннэ иннибэр уот көстөр. Мин үөмэн ыкса чугаһаан баран көрбүтүм, икки байыаннай формалаах ньиэмэс кэпсэтэ олорор эбит. Мин диэки утары дүлүҥ үрдүгэр олорбуттар: иннилэригэр уот оттон баран, хочулуокка тугу эрэ буһарбыттар. Биирдэрэ автоматын аттыгар өйөннөрбүт, полевой суумкатын дүлүҥ үрдүгэр уурбут. Иккиһэ автоматын тобугун үрдүгэр уурбут, полевой суумкатын кэтэн олорор эбит. Мин иккиэннэрин тутан илдьэргэ диэн быһаарынным.Толкуйдаан баран, биирдэһэ тобугар уурбут автоматын луоһун кыҥаан баран, үлтү ытан кэбистим уонна ”Руку быар!”—диэбитинэн, хаһыытаат ойон тиийдим. Дьонум таҥараҕа үҥэллэр. Илиилэрин өрө ууннулар, туох эрэ диэн саҥараллар. Мин “Насаат, руку сатыылак!”—диэтим. Дьонум нууччалыы миигиннээҕэр ордуктук билэр дьон буолан биэрдилэр. Ыраах эһиллэн алдьанан хаалбыт автоматы уонна дүлүҥҥэ өйөммүт автоматы, полевой суумканы сүгэн кэбистим. Биир полевой суумканы ньиэмэс бэйэтэ сүгэ сылдьар. Онтон “Бөрүөт!”-диэн хаһыытаатым, ааһан иһэн хочулуогу тоҕо тэбэн кэбистим. Үчүгэй баҕайы сыттаах тугу эрэ буһарбыттар. Хараҥата бэрт буолан, дьонум иннибэр борооруҥнаһан эрэ көстөллөр. Ол иһин куотуохтара диэн сотору-сотору ойоҕосторунан ыта иһэбин. Саабар ботуруонум бүтэн хаалла, аны ньиэмэс автоматынан ытабын. Тыабытын туораан истэхпитинэ, “Стой!”—диэн хаһыытаан баран, икки автоматынан үөһэнэн ытан субуруттулар. Биһиги тохтоотубут. Икки киһи кэлэн биһигини үһүөммүтүн ыстаапка илтилэр. Капитаным миэхэ махтанна. Телефоннаабытыгар, биир лейтенант икки саллааттаах кэлэн, дьоммутун илдьэ барда. Капитаным икки хонон баран, улахан званиелаах дьоннору туппуккун, онон эйигин полковник “Кыһыл Сулус” уордьаҥҥа түһэрбит,—диэн кэпсээтэ. Ньиэмэстэр: “Аһаан баран бэйэбит да киирэн биэрээри олоробут,”—дииллэр үһү. Ол баҕас сымыйалара буоллаҕа.
Берлин уулуссаларынан
Хас да атын дойдулары, урут ньиэмэс сабардаан олорбут дойдуларын ылаттаан, фашистары үүртэлээн, иннибит диэки баран иһэбит. Ньиэмэстэр бэйэлэрин территорияларын тоҕо көтөн киирэн, олох Берлин аттыгар кэлэн тохтоотубут. Онно уһун баҕайытык олордубут. Биһиги иккис саппаас хамаанда буоллубут. Онон ыраах, 5-6 биэрэстэлээх сиргэ олоробут. Инникилэртэн оччо тэйиччибит, кэннибитигэр эмиэ бааллар үһү. Хаһан атаака буолара биллибэт. Сэрии сэбэ кэлэ-кэлэ аас да аас буолар.
Биирдэ иннибитигэр түүн уот күндээрдэ, атаака буолла быһыылаах, тыаһа олох бу турар курдук иһиллэр. Хамандыырдар тугу да эппэттэр. Халлаан сырдаата. Ити курдук биһиги иккис дуу, үһүс дуу күммүтүгэр “барар үһүбүт” диэн буолла. Берлиҥҥэ, олох урусхалланан бүппүт дойдуга тиийдибит. Ол да буоллар, Берлин иһигэр сэрии буола турар.
Биһиги чааспыт сэриилэһэрдии иннин диэки бара турда. Онтон ротабытын ыыппаттар. Син уһун кэмҥэ тохтоон олорор кэммитигэр И.В.Сталин бирикээһэ кэллэ диэн буолла. Германия арҕаҕар—саамай киинигэр кэллибит. Иэһи иэстэһэр кэм дьэ кэллэ… “Табаарыс саллааттар! Ньиэмэстэр биһигиттэн төһөнү алдьаппыттарай да, уон оччонон иэстэһиҥ, хааны—хаанынан!”— диэн буолла. Берлин куораты ылан баран, өссө аһары бара турбуттара. Биһиэхэ аһылыгы бэйэҕит булунар үһүгүт диэбиттэрэ. Сотору буолаат, Берлин иһигэр итиннэ өлбүт сүөһү, хаас, куурусса элбээн киирэн барбыта. Онтон 3-4 хонон баран, бэрээдэкпит уларыйда.
Олохтоохтор сүөһүлэрин, көтөрдөрүн тыыттарбат гына бирикээс кэллэ. Онон, дьэ, бэрээдэктээн аһыыр-сиир буоллубут”.
Ньиэмэс хамсата
Охонооһой сэрииттэн эргиллэн кэлэригэр, олус үчүгэй эриллэҕэс токур умнастаах, улахан төбөлөөх, дууп мастан оҥоһуллубут хамсалаах этэ. Ону маннык кэпсээбитэ: “Ньиэмэс өссө да кыайтара илигэ. Биһиги Берлин иһигэр өстөөх тобохторун ыраастыы сырыттахпытына, биир күн “Кыайыы буолбут, сэрии бүппүт!”— диэн буолла. Уолаттар туох да көҥүлэ суох, ураатыы-ураатыы, автоматынан салюттаан барбыттарын тохтоппуттара. Онтон икки хонон баран кыбаарталлары ыраастыырга бирикээстээтилэр. Ол аата Берлин уулуссаларын, кыбаарталларын ыалларын барытын кэрийэн, дьэҥдьийэр үһүбүт. Мин ол бириэмэҕэ ефрейтор этим. Биир күн миэхэ 6 саллааты туттаран баран, биир кыбаарталы ыраастыырга бирикээс биэрдилэр. Ол 6 саллааттан биирдэрэ наһаа үчүгэйдик ньиэмэстии билэр этэ. Барарбытыгар тугу гынарбытын кэпсээтилэр. биһиги дьону кырбыа суохтаахпыт, бэрээдэктээх буолуохтаахпыт. Дьиэҕэ киирэн баран дорооболоһуохтаахпыт, дьиэлэр истэрин олорчу бэрэбиэркэлиэхтээхпит. Саһа сылдьар ньиэмэс саллаатын тутуохтаахпыт. Байыаннай докумуоннары ылыахтаахпыт, байыаннай сэптэри хомуйуохтаахпыт, уо.д.а.
Биһиги 10 чаас саҕана бардыбыт. Хас да дьиэни көрдүбүт да, оччо тугу да булбатыбыт. Муоста аннын кытта көрөбүт. Арай биир ыраас баҕайы, соччо туга да алдьамматах дьиэҕэ кэллибит. Икки саллааты дьиэ таһыгар хааллардым, дьиэ иһигэр бэһиэ киирдибит. Дорооболостубут. Дьиэ иһигэр үс киһи баар да, хайалара да саҥарбат. Биир эмээхсин билиитэ оһоххо тугу эрэ буһарар. Оҕонньор оһох аттыгар олоппоско табах тарда олорор. Оттон биир эдэр баҕайы кыыс дуу, дьахтар дуу, сиртэн атахтаах улахан сиэркилэ иннигэр баттаҕын тараана турар.
Биһиги иккиһин, үсүһүн дорооболоһон көрдүбүт да, ким да хоруйдаабат. Мин дэлби кыыһыран хааллым да, ойон тиийэн били кыыс көрүнэ турар сиэркилэтин автомат луоһунан үлтү саайдым, сиэркилэтэ сиргэ өрө кырылыы түстэ. Дьонум дьэ аймалаһа түстүлэр. Киһи эрэ буоллар, дьэ саҥарар буоллулар. Ньиэмэстии билэр уол, ыйыта-ыйыта, суруйар. Биһиги дьэҥдьийэн бардыбыт. Арай ол сылдьан көрбүтүм ньиэмэс оҕонньоро ол хамсатын уоба сылдьар эбит… Ону мин тиийэн былдьаан ыллым, күлүн автомат луоһугар тэбээн баран, сиэппэр уктан кэбистим. Ол хамсам бу сылдьар… Ити ыалтан хас да суругу, байыаннай киһи хаартыскатын уонна биир ботуруона суох бэстилиэти, биир сэбиэскэй саллаат синиэлин буллубут. Ол күн син сээкэйи булан аҕалан туттардыбыт. Биһиэхэ киһи көстүбэтэҕэ. Сорохтор араанньы буолбут эпписиэрдэри, саллааттары булан туттарбыттар. Ити курдук, хас да хонон баран, кыбаарталлары ыраастааһын түмүктэммитэ.
Сэрии бүппүтүн да кэннэ биһигини дойдубутугар ыыппатахтара. Биһиги хаһыа да буолан Берлин таһыгар ыскылаат харабыллаабыппыт. Биирдии ыскылаакка үстүү киһи симиэнэнэн биирдии буолан турабыт. Аҕыстыы чаас буола-буола солбуйсан иһэбит. Ыскылаат да буолаахтаан, ханнык да күрүөтэ-хаһаата суох, таах аһаҕас халлаан анныгар, дьиэ үрдүгүн саҕа кыстаммыт араас ас — дьааһыктаах кэнсиэрбэ, бурдук эҥин астар буолаллара. Ол биир чөмөҕө хас да дьиэни холбообут саҕа улахана. Миэхэ оннук биир ыскылааты харабыллаппыттара. Мин ыскылааппар эт кэнсиэрбэтэ, дьааһыктаах бирээнньик уонна чараас баҕайы сибиинньэ сыатын дьааһыктара бааллара. Сибиинньэ сыатын этиттэн сүлэн ылан түөрт муннуктуу быһан кумааҕыга суулуу-суулуу, дьааһыкка үс хос гына угар эбиттэр.
Итинник чөмөх ыскылааттар наһаа элбэх этилэр. Биһиэхэ, маҥнай харабылга ыыталларыгар, бэрээдэкпитин кэпсээтилэр уонна аччык турумаҥ диэтилэр. Ол иһин мин аан маҥнай дьааһыктан эт кэнсиэрбэтин ылан ньиэмэс кынчаалынан үөһэ өттүн элийэн ылан баран, сотобуттан ньуоскабын ылан баһа-баһа сиэн баран, кумахха батары тэпсэн кэбиһэбин. Харабыллар бары да аһыыр быһыылаахтара. Мин сибиинньэ сыатын сөбүлээбэппин. Хамандыырым бэрибиэркэлии кэллэҕин аайы биирдии суу сибиинньэ сыатын күн аайы илдьэ барара. Турар кэмим бүтэн, хаһаарымабар тиийдэхпинэ, сороҕор ыһаарыламмыт сибиинньэ сыатын уурбут буолаллар. Миигин, ыскылаат харабылыгар 3-4 ый турбутум кэннэ уларытан, атын үлэҕэ ыыппыттара. Бу кэмҥэ мин наһаа уойбутум. Урукку саллаат аһыттан атын ас этэ.
Бу кэнниттэн биһигини, 35 саллааты, биир лейтенант баһылыктаах, 800 ньиэмэс саллаатын харабыллатан, үлэлэтэргэ бирикээстээбиттэрэ. Үлэбит диэн, Берлин уулуссатын ыраастатабыт. Буомба, снаряд дьиэни наһаа алдьаппыт буолан, уулуссанан киһи кыайан хаампат, барыта кирпииччэ, мас, тимир сээкэй буолара. Ону чөмөх-чөмөх гына мустарарбыт. Массыына кэллэҕинэ тиэйтэрэбит. Онтубутун ханна эрэ илдьэ бараллара. Сүөкүүргэ биһигиттэн киһи барсыбат этэ. Сарсыарда атын дьон ньиэмэстэрбитин харабыллаан аҕалан, ааҕан туттараллара. Киэһэ биһигиттэн кэлэн дьоммутун эмиэ ааҕан туталлара. Онон үлэһиттэрбит барыта билиэннэй ньиэмэс саллааттара, эпписиэрдэрэ этилэр. Маннык харабыллаан үлэлэтии Берлин былаһын тухары барара быһыылааҕа. Ньиэмэстэр үлэһиттэринэн олох мөлтөхтөр, сүрэҕэ суохтар. Сороҕор өссө мөккүһэллэр: “Биһиги алдьаппатахпыт, эһиги бэйэҕит алдьаппыккыт, бэйэҕит ыраастааҥ!”—дэһэллэр. Арыт оннук мөккүспүт дьону сорох харабыллар кытыыга соһон таһааран, автоматынан кырылатан кэбиһэллэрэ. Оччоҕо үөхсэ-үөхсэ син үчүгэйдик үлэлииллэр. Киэһэ кэлэн ааҕан туталларыгар итэҕэс буоллаҕына, куотаары гыммыта, ол иһин ыппыппыт,— дииллэрэ. Үлэлэтэргэ биһигини 10 миэтэрэттэн иһирдьэ чугаһаппат этилэр. Биһигини, Берлин иһигэр да, таһыгар да итинник хас да ый үлэлээбиппит кэннэ ууратан, дьоммутун илдьэ барбыттара. Кэлэрим чугаһыгар Берлинтэн тэйиччи пуойаска таһаҕас тиэйэргэ эмиэ дьону харабыллаан үлэлэппиппит. Онно ыйы кыайбат үлэлээбитим кэннэ уураппыттара. Мин ити үлэм былаһын тухары наар ньиэмэс автоматын илдьэ сылдьыбытым.
Миигин сэрии бүппүтүн кэннэ, 1946 сыл от ыйын саҥатыгар дойдубар барарга көҥүллээбиттэрэ. Биһиги кэлэн иһэн айаҥҥа да хаайтаран, атырдьах ыйын саҥатыгар эрэ дойдубутугар нэһиилэ кэлбиппит. Дьокуускайга диэри үһүө эрэ этибит. Атын икки киһим нууччалар, Берлинтэн атын сиргэ сылдьыбыттар”.
Бүтүн Европаны эт атаҕынан сатыы тэлэн…
Дьэ, ити курдук, Афанасий Яковлевич Дорофеев сэриини Сталинградтан саҕалаан, Берлиҥҥэ тиийэн түмүктээбитэ. Сэрии эрэйин-кыһалҕатын барытын билбитэ. Сүүһүнэн күл-көмөр буолбут дэриэбинэлэри, куораттары, алдьаммыт-кээһэммит дьиэни-уоту барытын эт хараҕынан көрбүтэ. Харьков, Киев, Львов куораттары, Польша киинин Варшаваны, Чехословакия киинин Праганы, Австрия киинин Венаны ылсыбыта. Сэрииттэн эргиллэн кэлэригэр “Берлины ылыы иһин,” “Сталинград оборонатын иһин,” “Варшаваны ылыы иһин”, ”Бойобуой үтүөлэрин иһин”, “Праганы ылыы иһин”, ”Германияны кыайыы иһин” мэтээллэрдээх эргиллибитэ. “Кыһыл Сулус” уордьаҥҥа түһэриллибит суругун биир капитан званиелаах киһи туоһулаан илии баттаабыт докумуона баара. Итини таһынан икки төгүл Сталин илии баттааһыннаах Хайҕал суруга баарын хойукка диэри илдьэ сылдьар буолара. “Сэрииттэн кэлэн баран ыйы кыайбат кэм устатыгар сынньаммыта уонна холкуос араас үлэтигэр кыттыбытынан барбыта. Кини мэтээллэрэ сорохторо сүппүттэр, гвардейскай знага суох буолбут, дьыллар-күннэр саппыттар. Билигин Хайахсыт оскуолатын мусуойугар 6 мэтээлэ эрэ хараллан сыталлар. 1947 сыллаахха Баатараттан Санникова Өлөксөөс диэн кыыһы кэргэн ылан, 6 оҕоломмуттара. 1971 сыллаахха 75 сааһыгар сылдьан букатыннаахтык барбыта”, — диэн кырдьаҕас учуутал Николай Васильевич Лукин суруйан хаалларбыта.
Уйадыйабын…
Биир буукубаны билбэт, үөрэҕэ суох, нууччалыы кыайан саҥарбат сэмэй, көнө, боростуой холкуостаах киһи, саха саллаата, ити курдук, Аҕа дойду уоттаах сэриитигэр 1942 сылтан 1946 сыл от ыйыгар диэри биирдэ да тохтообокко, илиитин-атаҕын, тыын миэстэлэрин сүтэрбэккэ сэриилэһэн кэлбитэ бүтүн Саха сирин да үрдүнэн сэдэҕэ буолуо! Охонооһой барахсан туох да ульгуотанан туһаммакка, олоҕун усулуобуйатын туруорсан дьиэ-уот ылбакка, бу дойдуттан барбыта. Муҥ саатар оҕолоро аҕаларын ити бойобуой үтүөлэриттэн тиксибэккэ, ханна да тэлэһийбэккэ биир сиргэ олорон, үлэлээн, сааһырдылар. Икки оҕото олохтон туораатылар. Охонооһой — Афанасий Яковлевич Дорофеев олус сэмэйдик, им-ньим, уу чуумпутук, холкуос уһуга көстүбэт күүстээх үлэтигэр мискиллэн, сынньалаҥ диэни билбэккэ да олорон ааспытын, сааһыран олорон санаан, хомойон, уйадыйан кэлэбин…
Сэҥээрэ.
Чурапчы.