Охчут Степанида Артахинова

22.09.2016
Бөлөххө киир:

Атырдьах ыйын 23 күнүгэр Спортивнай арбитражнай суут быһаарыыытынан Россия паралимпийскай сүүмэрдэммит хамаандата Риотааҕы Паралимпиадаҕа кыттыбатаҕа. Саха сириттэн манна охчут Степанида Артахинова, харбааччы Анастасия Диодорова, пауэрлифтер Владимир Балынец уонна волейболист Алена Дмитриева кыттыахтаахтара. Риоҕа барбатах спортсменнарга анаан Россиятааҕы Паралимпиада ыытыллыбыта. Биһиги паралимпиецтарбыт манна ситиһиилээхтик кытыннылар диэн бэлиэтиибит.

«Дьулурҕаҥҥа» Лондоннааҕы Паралимпиада боруонса мэтээлин хаһаайката, оҕунан ытыыга аан дойду рекордун олохтообут Степанида Артахинова ыалдьыттыыр.

— Мин Өлүөхүмэ улууһун Улахан Муҥку диэн үрэх баһыгар турар, икки сүүсчэ киһи олорор кыра дэриэбинэттэн төрүттээхпин. Дойдубун наһаа ахтабын, сылга биирдэ хайаан да баран кэлэбин. Оҕо эрдэхпитинэ дьиэ кэргэнинэн Дьокуускайга көһөн кэлбиппит. 2007 сыллаахха Дьокуускай куорат 21-с №-дээх оскуолатын бүтэрэн, Москваҕа үөрэнэ барбытым. Москватааҕы гуманитарнай экономическай институкка юрист үөрэҕин баһылаабытым. Идэбинэн Дьокуускайга икки сыл кырдьаҕастар дьиэлэригэр үлэлээбитим. Аны билигин Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка физкультура уонна спорт институтугар тренер идэтигэр магистратураҕа үөрэнэ сылдьабын. Риоҕа Паралимпиадаҕа барыам, дьарыктаным этэ диэммин академическай уоппуска оҥотторбутум, онон эһиил биирдэ бүтэрэбин. Үөрэхпэр куруук өйүүллэр, элбэх хомуурга, күрэхтэһиигэ сылдьар буоламмын көтүтэбин аҕай. Ол даҕаны буоллар, Дьокуускайга кэллим даҕаны, сөмөлүөттэн үөрэхпэр барабын. Бүтэһик кэмнэргэ эмиэ наар күрэхтэһииттэн күрэхтэһиигэ, хомууртан хомуурга сылдьыбыт буоламмын, дьиэбэр аҕыйахта көстөбүн. Бу аҕыйах хонуктааҕыта паралимпиецтар Москваҕа дойду президенэ Владимир Путинныын көрүстүбүт. Кыратык сынньана түһэн бараммын, дьарыкпын саҕалыам.

Соһуччу саҕалааһын

— Тоҕо оҕунан ытыы көрүҥүн талбыккыный?

— 2007 сыллааха Москваҕа үөрэнэ тиийиэхпэр диэри спорка ханан да сыстыбатах киһи этим. Аймахтарбар даҕаны улаханнык спордунан дьарыктанар киһи суоҕун кэриэтэ. Институкка «оҕунан ытыы дьарыгар ыҥырабыт» диэн биллэрии ыйанан турарын аахпытым уонна дьүөгэбинниин баран көрөргө сананныбыт. Тута бастакы дьарыктан оҕунан ытыыны олус сөбүлээбитим. Дьүөгэбиниин «дьарыктаныахха, уопсайга киэһэлик таах мээнэ олоруохтааҕар оҕунан ытар эбиппит» диэн быһаарыммыппыт. Ол кэнниттэн дьүөгэм тоҕо эрэ тохтоон хаалбыта. Мин кыралаан күрэхтэһиилэргэ кыттар буолбутум. 2008 сылга Москва куорат иһинээҕи күрэхтэһиигэ кыттан саҕалаабытым, онтон Россия чөмпүйэнээтигэр ытар буолбутум. Оччолорго охпун нэһиилэ тардар этим, өссө күүскэ дьарыктаныахпын наада диэн сыал туруоруммутум. Ол Россия чөмпүйэнээтин кэнниттэн оҕунан ытан бүтүөм дии саныы сылдьан, соһуйуом иһин, бастакы миэстэ буоллум. Онтон сүүмэрдээһин, күрэхтэһии бөҕөтө ааһаммын, сыыйа Россия сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирэн хааллым. Билигин Дьокуускайга Андрей Иксмаҥҥа дьарыктанабын.

Ох сыаната – ыарахан

— Россия спортсменнарын Паралимпиадаттан туораппыттарын, онно беларустар Россия былааҕын тутан, параакка хаампыттарын туох дии санаатыгыт?

— Итинник гынан биһигини олус өйөөтүлэр. Аны туран, Россия хамаандата кыттыбатын истэннэр элбэх дойду хамаандата Паралимпиадаҕа кыттартан аккаастанан эмиэ биһигини өйдүүллэрин уонна өйүүллэрин биллэрбиттэрэ. Россия сүүмэрдэммит хамаандатын Паралимпиадаҕа киллэрбэттэрин истэн баран олус соһуйбуппут. Ол да буоллар, баҕар, туох эмит уларыйа диэммит, дьарыкпытын быспатахпыт, күн аайы эрчиллэр этибит. Бүтэһик хомуурга сырыттахпытына, «барбаккыт, киллэрбэт үһүлэр» диэн биллэбиттэрэ. Хамаанданан уонна биирдиилээн сууттаһан көрбүппүт, син биир табыллыбатаҕа. Олус хомойбутум. Риоҕа күрэхтэһэ барыам этэ диэн, үөрэхпин тохтоппутум, үлэбиттэн уурайбытым. Сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри дьарыгынан эрэ олорбутум. Оттон манна Россиятааҕы бэйэбит күрэхтэһиибитигэр ыппыт көрдөрүүбүнэн астымматым. Былырыыҥҥы рекордпунан ыта сылдьыам дии санаабытым… Хомуурдарга сылдьан ыттахпына эмиэ үчүгэй көрдөрүүлэрдээх этим.

— Оҕу хайдах талаҕын? Туох уратылаахтарый?

— Ох сыаната олус ыарахан. Билигин бэйэбэр «Hoyt» диэн американскай фирма охтоохпун. Сакаастаабытым кэнниттэн өр буолан баран кэллэ. Оттон күрэхтэһиилэргэ бардахпытына хас биирдии спортсмеҥҥа анаан оҥоһуллубут бэлэм ох баар буолар. Туох эмит буолар түгэнигэр бэйэбит охпутунан ытыахпытын сөп, илдьэ сылдьарбыт көҥүллэнэр. Хаһан эрэ оннук биир күрэхтэһиигэ оҕум алдьанан хаалбыта, аны онно бэйэм оҕум суоҕа. Ол иһин ыксал бөҕөтө буолбутун өйдүүбүн.

Хоттордохпуна хомойбоппун

— Билиҥҥи сүрүн утарылаһааччыҥ кимий?

— Россия паралимпиецтарын кытта барыларын кэриэтэ үчүгэйдик билсэбин, кэпсэтэбин. Хаһан даҕаны бэйэ-бэйэбитин кытта бэрт былдьаспаппыт дии саныыбын. Охчуттар олус эйэлээхпит. Күрэхтэһиигэ, ыта туран эрэ күрэхтэһэбит буоллаҕа дии, оттон күрэхтэһии кэнниттэн тута күлэн-үөрэн, кэпсэтэн киирэн барабыт. Билигин Россия үрдүнэн күүстээхтэринэн Москва ытааччылара буолаллар. Аан дойдуга – Кытай, Корея, Италия, Великобриятания спорстменнара күүстээхтэр.

— Спорт атын көрүҥнэригэр сэрэбиэй олус элбэҕи быһаарар диэн өйдөбүл баар. Оҕунан ытыыга хайдаҕый?

— Биһиги бары тэҥҥэ ытар буоламмыт сэрэбиэй суох. Ким төһөнү ыппытын ааҕан таһаараллар, онон оҕунан ытыы улахан мөккүөрэ суох көрүҥ буолар.

— Хоттордоххуна төһө хомойоҕун? Сорох спортсменнар хотторор эмиэ да үчүгэй диэччилэр.

— Бастаан күрэхтэһиилэргэ кыттарым саҕаны хоттордохпуна олус хомойон, санаа-оноо бөҕөҕө ылларааччыбын. Кэлин «тугу сыыһан хоттордум, аны сыыспаппын, маны хатылыа суохтаахпын» диэн түмүк оҥостон, аһарынан кэбиһэбин. Күрэхтэһии аата күрэхтэһии, ким эрэ кыайар, ким эрэ хотторор.

Токиотааҕы Паралимпиадаҕа бэлэмнэниэм

— Күрэхтэһииттэн күрэхтэһиигэ, хомууртан хомуурга сылдьабын диэтиҥ. Оттон ол быыһыгар доруобуйаҕын хайдах көрүнэҕин?

— Дьокуускайга кэллим даҕаны Спорт үрдүкү маастарыстыбатын оскуолатын быраастара, массажистара биһиги доруобуйабытын кичэйэн көрөллөр-истэллэр. Күрэхтэһии, хомуур быыһыгар хайаан да эмтэнэбин, массажтанабын.

— Саха сиригэр оҕунан ытааччылары төһө өйүүллэрий?

— Өрөспүүбүлүкэбитигэр 2012 сылтан бэттэх оҕунан ытыыга күрэхтэһии бөҕөтө ыытыллынна. Оҕолор даҕаны, улахан дьон даҕаны сөбүлээн дьарыктанар буоллулар. Күрэхтэһээччилэри төһө кыалларынан өйүүллэр. Билигин «Дохсуҥҥа» дьарыктанабын. Манна оҕунан ытыыга аналлаах саала баар эрээри, үксүн оҕолор дьарыктаналлар. Кинилэргэ мэһэйдээмээри, иккис этээскэ анал площадка оҥостоммун, онно дьарыктанабын. Баҕар, кэлин анаан манеж тутулуннар олус үчүгэй буолуо этэ.

— Былааннаргыттан кэпсээ. Аны ханнык күрэхтэһиигэ бэлэмнэнэҕин, инникитин бэйэҥ олоххун хайдах көрөҕүн?

— Билигин туох да күрэхтэһиигэ бэлэмнэммэппин. Ахсынньыга диэри оҕунан ытыы сезона тохтуур. Биһигини паралимпийскай састааптан таһаарбыт буоланнар, Россия таһынааҕы күрэхтэһиилэргэ кыттар бырааппыт суох. Допинг айдаана бүтүөр диэри, дойду иһинээҕи эрэ күрэхтэһиилэргэ кыттабыт. Онон билиҥҥитэ улахан былааннары, сыаллары бэйэбэр туруорбаппын. Токиотааҕы Паралимпиадаҕа, барыта этэҥҥэ буоллаҕына, онно бэлэмнэниэм. Билигин сынньанабын, өйбүн-санаабын сааһылыам. Дьонум аттыгар, дойдубар сынньамматаҕым олус ыраатта.

Айтана АММОСОВА кэпсэттэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0