Былырыын сайын, ама да ааспытын иһин, барыбытыгар элбэх ойуур баһаардааҕынан өйбүтүгэр-санаабытыгар күүскэ хатаннаҕа буолуо. Былырыыҥҥы улахан баһаардартан сылтаан федеральнай бүддьүөттэн быйылгы үлэҕэ балачча үп-харчы көрүллэн, эрэх-турах сананан олоробут. Күөх дуолбутун араҥаччылыыр лесниктэри «Якутлесресурс» ГАУ үүннүүр-тэһиинниир. Быйылгы сезоҥҥа бэлэмнэниигэ өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн туох-ханнык үлэ ыытыллыбытын, ыытылла турарын туһунан тустаах тэрилтэ генеральнай дириэктэрэ Джулустан Хоннуун кэпсэттибит.
– Үтүө күнүнэн, Джулустан Иванович! Тэрилтэҥ быйылгы былаанын туһунан билиһиннэр эрэ.
– Быйылгы былааммыт дьэ улахан. Бу иннинэ улуустарга бастайааннай төрүккэ 22 уонна сайын быстах кэмҥэ үлэлиир 21 филиаллаах этибит. Сайын ойуур баһаара турар кэмигэр быстах кэмҥэ үлэлиир филиаллары аһан үлэлэтээччибит, олорбутун бастайааннай гынабыт, онон барыта 43 филиалланыахпыт. “Экология” национальнай бырагыраама чэрчитинэн, үс сыл устата үлэлээн, 120-тэн тахса тиэхиньикэни ылан, аадырыстарыгар тиэрдитэлээтибит. Дьоҕус квадроцикллартан саҕалаан тыраахтардар, тягачтар бааллар. Филиалларбыт ордук туох тиэхиньикэлэргэ наадыйалларынан көрөн-истэн үллэртээтибит. Холобур, хоту улуустарга ДТ-75 тыраахтардары ыыттыбыт.
Ити үрдүнэн тиэхиньикэлэрбит син биир тиийбэттэр. Сезон кэмигэр аччаабыта 300-чэ тимир көлөнү туһанабыт, үксүн суолу тутар тэрилтэлэртэн наймылаһабыт.
– Федеральнай үп көрүллэн, тэрилтэ үлэһитэ элбээтэ.
– Салалтаны аахпакка туран, 193 үлэһиттээх буоллахпытына, эбии 371 киһинэн кэккэбит хаҥаата. Билигин саҥа исписэлиистэрбит, үлэһиттэрбит мэдиссиинискэй хамыыһыйаны ааһа сылдьаллар. Улуустааҕы филиалларбытыгар 10-15-тии киһини эбии ыллыбыт. Кинилэр бастайааннай үлэһит буолаллар. Онон аармыйабыт лаппа улаатта, кэҥээтэ. 223 киһи ойуур баһаарын умулларааччылар, уоннааҕылар тырахтарыыстар, суоппардар, бульдозеристар, мэхээнньиктэр, силиэсэрдэр. Сүрүн ирдэбилбит диэн доруобуйаларын туруга этэҥҥэ буолуохтаахтар.
Сокуон быһыытынан 60-нун ааспыт киһи ойуур баһаарын умуруорууга кыттыа суохтаах диэн. Тырахтарыыстарбыт саастара ырааттылар, онон эдэр дьон наадалар. Ол 30 тыһ. солк. хамнастаах үлэҕэ эдэрдэр кэлиэхтэрин баҕарбаттара өйдөнөр. Ол иһин, 40 тыһ. солк. диэри улаатыннарар санаалаахпыт. Ойуур баһаарыгар саамай үлэлээччи кимий? Биллэн турар, тырахтарыыс. Ойуур баһаардара үгэннээн турар кэмнэригэр, хастыы да суукка тыраахтардарыттан тахсыбакка, уоту тохтоторго аналлаах минерализованнай балаһаны ыраах сиринэн төгүрүктүү эргийэн оҥороллор.
Быйыл үлэһиттэрбит уонна тиэхиньикэлэрбит ахсааннара эбиллэн, ойуур баһаардарын умуруорууга лаппа күүһүрдүбүт. Бу, биллэн турар, үп улаатыытын кытта сибээстээх. Федеральнай бүддьүөттэн уопсайа тустаах сыалга 1 млрд 600 мөл. солк. тахсаны биэрдилэр.
Былырыын биһиги 12 мөл. солк. үлэбитин саҕалаабыппыт. Бу харчы маҥнайгы ыйга бүппүтэ. Онон үс аҥаар ый курдук иэс ылан үлэлээбиппит. Сайын ортото федеральнай бүддьүөттэн эбии үп көрүллүбүтэ. Былырыын ойуур баһаарын умулларыыга тэрилтэ 906 мөл. солк. ороскуоттаабыта. Оттон быйылгы үлэҕэ 58 мөл. солк. көрүлүннэ.
– Саҥа үлэһиттэргитин, исписэлиистэргитин үөрэтэҕит дуо?
– Үлэҕэ саҥа ылбыт дьоммутун Дьокуускайга аҕалан үөрэтиэхпит, авиабаазаҕа дьарыктаныахтара. Ойуур баһаарын умуруорууга биригээдэни салайааччы уонна ойуур баһаарын умулларааччы диэн хайысхаларга үөрэтиэхпит. Сорохтор Красноярскайга ыытыллар идэни үрдэтиигэ аналлаах сэминээри ВКС-эрэсииминэн истиэхтэрэ. Бу үлэни кулун тутартан күүскэ саҕалаан эрэбит. Барыта түмүктэммитин кэнниттэн улуустарынан муус устарга, ыам ыйыгар анал бэрэбиэркэ оҥорон, билиилэрин тургутан көрүөхпүт. Бу анал тэрээһин бу күннэртэн саҕаланан сааскы булт сезонун эргин түмүктэнэн, тустаах үлэҕэ ох курдук оҥостон бэлэм буолуохтаахпыт.
– Ойуур баһаарын умулларыыга үлэлээбит дьон хамнастара эһиги тэрилтэҕитинэн ааһар дуо? Иэс суох диэн буолбута.
– Оператор быһыытынан биһиги тэрилтэбит үлэлээбитэ. Миэстэтигэр улуустарга олохтоох ойуур хаһаайыстыбалара хамнаһы түҥэтэллэр. Улууска баһаары умуруорууга төһө киһи кыттыбытын барытын испииһэктээн, анал докумуоҥҥа тиһэн ыыталлар. Биһиги ону түмэн ааҕан-суоттаан тустаах үбү ыытабыт. Былырыын үлэлээбит дьоҥҥо хамнастара 100 % төлөнүллүбүтэ, ол барыта 475 мөл. солк. тэҥнэһэр. Биһиги тэрилтэбит салалтатынан 17,5 тыһ. киһи ойуур баһаарын умуруорууга кыттыбыта. Ааспыт сылларга иһэ үллүбүтэ 5 тыһ. кэриҥэ киһи үлэлээччи.
– Быйыл эмиэ куйаас сайын буолар диэн сабаҕалыыллар, оннук дуо?
– Билигин чуолкайын этэр эрдэ cоҕус. Кулун тутар ортотун эргин чуолкайданааччы. Тустаах үлэһиттэр хаар уонна муус халыҥыттан саҕалаан барытын учуоттаан быһаараллар. Уопсайынан этэр буоллахха, бу сылларга куйаас күннэр-дьыллар тураллара бэлиэтэниллэр. Сир-дойду хаппыта-куурбута сүрдээх. Бу биир-икки сыл эрэ барбата буолуо диэн сабаҕалыыбыт.
– Ааспыт сылга төннөр буоллахха, бу сайын түүннэри-күнүстэри үлэлээбит буолуохтааххыт.
– Олох сэриигэ курдук хамсаныы этэ. Аппараакка 56 киһилээхпиттэн эр дьон бары ойуур баһаарын умуруорууга быһаччы үлэлээбиттэрэ. Мин үксүн Горнай улууһугар Күөрэлээххэ, Маҕараска, Бэс Күөлүгэр үлэлээбитим. Бастаан утаа, Маҕараска Дьокуускайтан 90 км сиргэ уот турбутугар онно сылдьыбытым, нэһилиэккэ адьас кыранан киирэ сыспыта, балтараа км чугаһаабыта. Хата, син кэмигэр сөптөөх дьаһаныыны ылынан, утары уоту ыытан тохтоппуппут. Атын улуус филиалларыттан дьоммутун ыҥыртаан үлэлээбиппит. Улахан баһаар этэ, Бүлүү тыраассатын нөҥүөлээн, син балачча өр умайбыта. Солбуйааччым Спартак Иннокентьевич сайыны быһа сыраласпыта, мин өссө кэлэ-бара сырыттаҕым дии. Куһаҕан үчүгэйдээх диэбиккэ дылы, балай эмэ уопутурдубут. Федеральнай бүддьүөттэн сөптөөх үп көрүлүннэ. Билиҥҥи үлэбит сүрүн соругунан ойуур баһаара адьас кыра эрдэҕинэ, саба тутуохтаахпыт.
Манна биири өйдүөххэ наада. Ойуур баһаарын умуруоруу оҕо оонньуута буолбатах, адьас кутталлаах. Онон баһаары бары өттүнэн бэлэмнээх, анал идэлээх дьон умуруоруохтаахтар. Олохтоох дьон чахчы ыксаллаах кэмҥэ эрэ кэлэн көмөлөһүөхтээхтэр. Тыа сиригэр онто да суох түбүк элбэх, сайын олохтоохтор оту үмүрүтүүгэ сылдьыахтаахтарын оннугар уоту утары охсуһаллар, ол түмүгэр ото суох хаалаллар. Урут Сэбиэскэй кэмҥэ ойуур баһаарын умулларыынан 2500 анал идэлээх дьон дьарыктанара.
– Ойуур баһаара кыра эрдэҕинэ, саба тутуохтаахпыт диэтиҥ, быһааран кулу эрэ.
– «Авиалесоохрана» тэрилтэтигэр өрөспүүбүлүкэтээҕи диспетчерскэй сулууспа диэн баар. Кинилэр федеральнай тустаах структура ыраахтан кэтээн көрөр систиэмэлэрин туһанан үлэлииллэр. Бу анал систиэмэ олус күүһүрдэ, сайынна, ойуур баһаара биир гектар буолла даҕаны, ону тута көрөр кыахтанна. Биэс-түөрт сыллааҕыта спутниктар баһаар иэнэ 20 гектар буоллаҕына эрэ таба тайанан көрөллөр этэ. Аны туран, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 26 анал устар камералары үрдүк вышкаларга туруорбуппут. Холобур, Дьокуускайга Табаҕа тоҕойугар, Бүлүүлүүр суол 15-с км уонна Хаҥаласка (Кангаласска) бааллар. Улуустарга үксүлэригэр “Ростелеком” ПАУо вышкаларыгар тураллар. Анал камералар эргийэ тураннар, 30 км ыраах эргимтэҕэ диэри буруо тахсарын таба көрдүлэр да, тута биллэрэллэр. Барыта 35 камера буолуохтаах.
Спутник уонна камералар көмөлөрүнэн ойуур баһаара турбута билиннэ даҕаны тустаах лесничество исписэлиистэрэ тахсан бэрэбиэркэлииллэр уонна баһаары буллулар даҕаны тута умуруораллар. Өрөспүүбүлүкэ ойуурун пуондата “Якутлесресурс” уонна “Авиалесоохрана” көрөр-истэр зоналара диэннэргэ арахсар. Холобур, өрөспүүбүлүкэ ойуурун пуондата 255 мөл. гектар. Нэһилиэктэр аттынааҕы зонаны биһиги лесничествобыт сиринэн тиийэн көрөр-истэр, ол барыта 4 мөл. гектарга тэҥнэһэр. Оттон “Авиалесоохрана” 30-тан тахса мөл. гектардаах сири-уоту салгын аалларынан бэрэбиэркэлиир, көрөр-истэр.
– Нэһилиэктэргэ кутталы үөскэппэт баһаары умуруоруллубат диэн баар. Дьаалатынан бэйэтэ умуллуор диэри бара туруохтаах…
– Оннук баар. Нэһилиэктэртэн лаппа ыраах тайҕаҕа умайар баһаардары умуллара сатаабаппыт. Киһи тиийбэт сирдэрэ буолаллар. Ол эрээри, спутник көмөтүнэн ыраах умайар баһаардары син биир көрө олороллор. Ханнык эрэ нэһилиэккэ 30-40 км чугаһаатаҕына, ону тута биһиэхэ биллэрэллэр. Холобур, Өлөөн, Мииринэй диэки уот турдаҕына, сиринэн хайдах да тиийэр кыаллыбат, оннооҕор бөртөлүөт да тиийбэт ыраах сирдэрэ-уоттара…
– Чурапчытааҕы лесничество үлэһитэ Николай Лукиҥҥа ойуур баһаарыттан бульдозерист суорума суолланыытыгар холуобунай дьыала тэриллэн, ону көрүү бара турар. Эһиги үлэһиккитин көмүскэһэр буоллаххыт.
– Албакаат наймылаһан көмүскэһэбит. Манна биири өйдүөххэ наада. Суорума суолламмыт бульдозерист Элбаги Агасиевич Игитяны кытта дуогабар түһэрсиллибэтэх эбит. Ол аата, биһиги тэрилтэбит кинини ойуур баһаарын умуруорууга наймыласпатах. Аны туран, Николай Лукиммыт Аммаҕа турбут баһаарга үлэлии сырыттаҕына, Чурапчытааҕы лесничество биһиэхэ биллэрбэккэ эрэ, ойуур баһаарын умуруорууга салайааччы быһыытынан анаабыт. Ол иһин сууттаһан, ол бирикээһи көтүрбүппүт. Ыксаллаах быһыы-майгы бириэмэтигэр (ЧС) ойуур баһаарын умуруорар салайааччыны аныыр бирикээс суһал ыстаап уурааҕынан оҥоһуллар. Ол аата, ойуур баһаарын умуруорар салайааччы бирикээһи бэйэтэ билсэн, илии баттыахтаах.
Бульдозерист аймаҕа суукка сайабылыанньа биэрбитин иһин итинник быһыы-майгы бара турар. Дьиҥинэн, Николай Лукин быһаччы буруйа суох. Ону тэҥэ, баһаары умуруорууга сылдьыбыт дьон “баһаар диэки барыма, сэрэхтээх” диэн эппиттэрин үрдүнэн, тоҕо эрэ истибэтэх. Онон биһиги уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр Николай Лукин туох да буруйа суох диэн туруорса сылдьабыт.
– Ойуур баһаара үксүгэр туохтан турарый? Этиҥтэн дуу, дьон дьалаҕай сыһыаныттан дуу? Аны өртөөһүн бобуллубутун үрдүнэн кур сэтиэнэххэ испиискэ уотун даҕайбыттарга административнай миэрэ көрүллүүтэ баар дуо?
– Саха сиригэр ойуур баһаардарын 90% этиҥтэн турар. Биллэн турар, сааскы өттүгэр үксүн дьон буруйуттан баһаар буолар: кусчуттар, шашлыктааччылар, өртөөччүлэр… Онтон сайын ортотуттан этиҥтэн турар. Өртөөһүн бобуллубутун үрдүнэн сорохтор син биир кур сэтиэнэххэ уоттаах испиискэ уотун даҕайаллар. Ол түмүгэр, административнай миэрэҕэ тардыллаллар. Холобур, соторутааҕыта Уус Алдаҥҥа биир саастаах киһини сууттаатылар. Бу иннинэ Уус Маайа улууһугар эмиэ биир кырдьаҕас киһи дьыалатын көрбүттэрэ. Өртөнүллүбүт сир иэнин ааҕан баран, сокуон ирдэбилинэн ыстараап сууматын 50 төгүл үрдэтэллэр. Ол түмүгэр буруйдаах дьон хастыы да мөл. солк. ыстарааптаналлар. Бу – кырдьаҕас дьоҥҥо ыарахан сүгэһэр. Онон өртөөһүҥҥэ саас аайы сэрэхтээхтик сыһыаннаһаргытыгар сүбэлиибит.
Александр ТАРАСОВ.