Оҕону сахалыы остуол оонньууларыгар үөрэтэбит

Бөлөххө киир:
СИА хаартыската.

Оҕо оонньоон улаатар, оонньоон тулалыыр эйгэни билэр. Кэнники кэмҥэ оҕолор сүүрүүлээх-көтүүлээх, хамсаныылаах уонна өйү тобулар оонньуулары оонньообот буолбуттара хомолтолоох. Ол онтон сылтаан, төлөпүөн оонньууларыгар хатаналлар. Төлөпүөн оонньуулара эти-сиини эрчийбэттэрин сэргэ, бэлэми биэрэр буоланнар, мэйиини, толкуйдуур, оҥорон көрөр дьоҕуру эмиэ сайыннарбаттар.

Кыра сылдьан таһырдьа сүүрэн-көтөн, биир тиэмэ булан (сэриилэһэн, ыал буолан, ыстаап туттан, бадараанынан ас буһаран, о.д.а.) олус умсугуйан оонньуургутун өйдүүргүт буолуо. Маас­сабай оонньуулар хамаандаҕа, кэлэк­тиипкэ ­киирэргэ, доҕордоһорго көмөлөөхтөр.

Билигин оннук маассабай оонньуу сылдьар оҕолору оннооҕор тыа сиригэр даҕаны көрбөккүн. Элбэх үчүгэй оонньуулар умнулуннулар. Урут төрөппүттэр, эбээлэр-эһээлэр киэһэ ахсын дьиэ кэргэнинэн оонньуулары тэрийэллэрэ. Остуол тула олорон, хабылыктыыллара, хаамыскалыыллара, лотуолууллара, “балдаалыыллара”, хаартылыыллара, тыксаанныыллара, саахымакка, дуобакка күрэхтэһиилэри тэрийэллэрэ. Оҕо кыаҕынан көрөн, уустугурдан иһэллэрэ, бастаан соруйан хотторон, оонньуур баҕатын көбүтэллэрэ.
Кыра оҕо бэйэтэ сатаан оонньообот. Онон кинини бастаан үөрэтиэххэ наада. Оонньууру сатыыр оҕо хаһан да чуҥкуйбат, оҕолору кытта биир тылы түргэнник булар, элбэх доҕоттордонор, лиидэр ­хаачыстыбата, мэйиитэ, этэ-сиинэ сайдар.

Онон төрөппүттэр, эһээлэр-эбээлэр, сыал-сорук оҥостон, оҕону оонньуурга үөрэтиҥ. Бары бииргэ түмсэн, дьиэ кэргэн иллээх эйгэтин олохтуурга оонньуу олус көмөлөөх. Бу сырыыга сахалыы оонньуулары таһаарабыт.

Сахалыы оонньуулар

  • Биһилэх кутуута

Бары кэчигирээн олороллор. Илиилэрин холбуу хамыйахтыы тутан, тобуктарыгар уураллар. Биһилэх кутааччы киһи кистээн барыларыгар биһилэҕи укпута буолар. Биир эрэ киһиэхэ биһилэҕи хаалларар. Ол киһи биһилэҕи ылбытын биллэриэ суохтаах. Бары илиилэрин холбоччу тутан олорон: “Миэхэ баар, миэхэ баар!” – дииллэр.

Онтон туораттан ону көрөн турбут киһи кэлэн, ким биһилэхтээҕин таайыахтаах. Таайдаҕына, ол киһи миэстэтигэр олорор, оттон биһилэхтээх киһи таайааччы буолар. Таайбатаҕына, өссө төгүл таайар, эбэтэр, ыстарааптанар.

  • Тобук тардыһыыта

Икки күрэхтэһэр киһи олоппосторго утарыта олорон, тобуктарын ыга кыпчыйсаллар. Илиилэрин систэригэр туталлар. Иккис киһи туох баар күүһүнэн тобуктарын икки аҥыы араара сатыыр. Өскөтүн кини утарылаһааччытын тобуктарын икки ардынан киһи сутуруга батар буоллаҕына, кыа­йыылааҕынан тахсар. Оонньууну ыытааччы биир кыайыыны киниэхэ биэрэр уонна аны тобуктарын уларыта тутан тутан күрэхтэһиннэрэр. Ол аата иккис киһи кыпчыйыахтаах, бастакы киһи кыайдаҕына, оонньууну ыытааччы хайалара бииринэн ордук кыайыар диэри салгыы күрэхтэһиннэрэр.

  • Хайах хостооһуна

Биир киһини остуолбаны куустараллар, атыттар кини кэнниттэн субуруһа хоннохторуттан ыгыта куустуһан олороллор. Оонньуу ыытааччы биир киһиэхэ этэр: “Кыһыҥҥы хаһааскын хостоо эрэ, нохоо!”

Онуоха кини баҕананы кууһан олорор дьонтон кэнники киһини хонноҕуттан ылан, кэннин диэки соһор. Ким илиитэ сылайан ыһыктыбыты ньылбы соһон таһаарар. Ол курдук биирдии-биирдии соһоттоон баран, баҕананы кууһан олорор киһини эмиэ соһуохтаах.

Өскөтүн дьонун баҕанаттан кыайан араарбатаҕына, ол баҕананы кууһан туран, ыстараап толорор. Оттон барыларын хостоотоҕуна, киниэхэ үстэ бокулуоннаан сүгүрүйэллэр. “Хайах хостооччу” дьонун кычыгылатан, кымаахтаан араардаҕына, оонньуу тохтотуллар, бэйэтэ ыстарааптанар.

  • Муҥхалааһын

Үс, эбэтэр, биэс оҕо сиэттиһэ сылдьан, “муҥха” буолаллар, илиилэрин араарыа суохтаахтар. Уонча оҕо – “балыктар”. Сүүрэр (муҥхалыыр) сиргэ төгүрүччү бэлиэ оҥоһуллар. Бу “күөл” иһиттэн тахсыа суохтаахтар.

“Муҥхаһыттарга” “күөл” биир өттүгэр уонча киһи батар төгүрүгүн – “чардааты” оҥороллор. “Муҥхаһыттар” сиэттиһэ сылдьан, “балыктары” тутан, ол “чардаакка” аҕалан хаайаллар. Тутуллубут “балык” “чардаакка” кэлиэр диэри мүччү туттаран куотуон сөп, ол эрээри, “чардаакка” киирдэҕинэ, кыайан куоппат. “Балык” бүттэҕинэ, оонньуу тохтуур.

Эбэтэр, оонньуу атын көрүҥэ: “муҥхаһыттар” туппут “балыктара” кинилэрдиин сиэттиһэн иһэр. Ол аата, “муҥха” улаатан иһэр, куотарга өссө уустугурар.

  • Хардаҕаһы охторуу

Бары төгүрүччү туран сиэттиһэллэр, ортолоругар хардаҕаһы, эбэтэр сонос маһы уураллар. Ону тула сиэттиһэ сылдьан, эргийэ сүүрэллэр. Ол сүүрэ сылдьан, хардаҕаһы сууллартараары, аттыгар баар киһилэрин хардаҕас диэки үтэйэллэр. Анараа киһи, дьонуттан илиитин араарбакка эрэ, тула көтө-мөҕө сылдьыахтаах. Ким охторбут – туораан иһэр. Бүтэһик икки киһи илиилэриттэн сиэттиһэн, хардаҕас нөҥүө туран тардыалаһан, охторо сатыыллар. Охторботох киһи кыайыылааҕынан тахсар.

  • Көтөх ынаҕы туруоруу

Оонньууну ыытааччы биир киһини сиргэ олордор. Ол киһи уҥа атаҕын уллуҥаҕын икки илиитинэн ытарчалыы тутар. Илиитэ төһө уунарынан, ол ытарчалыы туппут атаҕын чиккэччи тэбиэхтээх уонна илиитин ыһыктыбакка эрэ, хаҥас атаҕынан ойон туруохтаах. Өскөтүн оонньооччу үстэ төхтүрүйэн сатаан турбатаҕына, “көтөх ынах” аатын сүгэр.

  • Ыт буутун охсуһуута

Оонньооччулар түөлбэлээн төгүрүччү тураллар. Түөлбэ ортотугар икки сымса оҕо киирэн күрэхтэһэллэр. Иккиэн уҥа илиилэринэн уҥа атах кэннинэн хаҥас атахтарын туталлар. Чохчойо сылдьан, аҥаар атахтарыгар ыстаҥалаан, бэйэ-бэйэлэрин санныларынан анньыһаллар.

Бу кэмҥэ хайалара да илиилэрин араарыа суохтаах. ­Биирдэстэрэ саннынан таарыллан, илиитин-атаҕын ыһык­тан кэбистэҕинэ, эбэтэр, олоро түстэҕинэ, хотторбутунан ааҕыллар. Илиитин-атаҕын ыһыктыбакка, олоро түһэн баран, иккиһин ойон туран, киирсибитинэн барыан сөп.

  • Харах симсии

Кыттааччылар бары сиэттиһэн, төгүрүччү тураллар. Төгүрүк иһигэр оонньуу ыытааччы, үс-түөрт куотааччы, биир эккирэтээччи оҕо бэлэмнэнэллэр. Оонньуу ыытааччы эккирэтэр оҕо хараҕын таҥаһынан баайар, биир сиргэ биэс­тэ-алтата тула эргитэр уонна ыйытар:

– Дьаакып, бааргын дуо?

– Баарбыан!

– Дьаакып, дьоҥҥун булуоҥ дуо?

– Булуом!

– Оччоҕо үс киһини 30 ахсаан иһинэн тут!

Эккирэтээччи үс киһини сырсан, тута сатыыр. Олор: “Дьаакып!” – дии-дии куоталлар, төгүрүктэн тахсыа суох­таахтар. Сиэттиһэн турар оҕолор 30-ка диэри ахсаан ааҕаллар. Бу кэм иһигэр үс киһини туппатаҕына, ыытааччы оонньууну тохтотор, эккирэтээччини ыстарааптыыр. Өскөтүн, дьонун туттаҕына, кыайыылааҕынан тахсар.

  • Ойбонтон уулааһын

Сиртэн биир тутум үрдүктээх иһиккэ ууну толору куталлар. Бастакы оонньооччу уҥа илиитинэн хаҥас атаҕын кэтэҕинэн уҥа атаҕын төбөтүттэн тутар уонна илиилэрин араарбакка, аҥаар атаҕар туран эрэ төҥкөйөн, кытыйаттан уулаан ылыахтаах. Өскөтүн уулаан иһэн, илиилэрин араа­ран, тайана түстэҕинэ, оонньууттан туоруур. Илиилэрин араарбакка, аҥаар атаҕар олорон, үчүгэйдик төҥкөйөн уу истэҕинэ, кыайыылааҕынан тахсар.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0