Оҕонньор оҕото

Ааптар:  Айыына
26.09.2024
Бөлөххө киир:
pxhere.com

Аанчык быйыл 40 сааһын туолар. Куруук дьиэ-үлэ-дьиэ хайысханан сылдьан, олоҕо ортолоон эрэрин билбэккэ да хаалла. Бүтэһик кэмҥэ сарсыарда эрдэ уһуктан, оронугар сытан өр да өр толкуйдуур, уһуну-киэҥи ырытар идэлэннэ. «Бу сааспар диэри тугу ситистим?» диэн. Чэ, дьиэлээх-уоттаах, сөбүлүүр, элбэх хамнастаах үлэлээх, кыыс оҕолоох… Уонна? Бу сиргэ кэлэн толору дьоллоохпун дии сананыан туох эрэ тиийбэт эбит. Таптал. Аанчык 40 сааһыгар диэри кэргэннэнэн, аал уот оттон дьиэ кэргэн сылааһын билбэтэ.

Сүүрбэччэ сыллааҕыта устудьуон аатын сүгэн, дьоллоох Дьокуускай куоракка Аня Иванова хоту улуустан үөрэнэ кэлбитэ. Үөрэҕэ саҕаланаатын кытта, хонтуораҕа үлэ булбута. Күнүһүн
үөрэнэн, киэһэтин үлэлээн биир-биир күннэр ааһан испиттэрэ. Аня номнуо төрдүс куурус устудьуона буолар күһүнэ этэ. Хонтуораттан хойут баҕайы үлэлээн бүтэн, дьиэлээн эрдэҕинэ, хонтуора тойоно Ньургун Романович кыыһ тохтотон: «Аня, эн бүгүн киэһэ тугу гынаҕын? Бииргэ аһаабаппыт дуо? Онтон уопсайгар илдьэн биэриэм ээ», – диэн кыыһы үүйэн-хаайан, «ээх» дэттэрдэ.

Ньургун Романович – бизнесмен, харчыны таах эргитэр кыахтаах, кэргэннээх, үс оҕолоох, оччолорго 50 сааһын саҥа ааһан эрэр киһи этэ. Куорат биир биллэр рестораныгар тото-хана аһаатылар, утары көрсөн олорон ону-маны, буолары-буолбаты сэлэстилэр, кэпсэттилэр. Син балайда өр оннук олорон баран, Ньургун Романович уопсайыгар диэри атааран биэрдэ. Бу көрсүһүү манан эрэ бүтэн хаалбата. Ньургун Романович эдэр кыыска ылларбыта көстөрө. Сыаналаах бэлэхтэри, сибэкки дьөрбөтүн быспакка бэлэхтиирэ.

Аня бииргэ үөрэнэр кыргыттара номнуо ыал, ийэ буолбуттара. Оттон кини соҕотох сылдьара. Кини эмиэ уолланыан, сиэттиһэн хаамсыан баҕарара. Ол иһин да буолуо, «хайа эмит иэппэй-тааппай сылдьар уоллуун кэриэтэ, харчылаах, баай киһилиин сылдьыам» дии санаан, тойонунуун бэйэтэ да билбэтинэн чугасыһан хаалбыттара. Биир оннук истиҥ көрсүһүү кэнниттэн, Ньургун Романович: «Миигин кытта хоонньостоххуна, дьиэ атыылаһаргар көмөлөһүөм», – диэбитэ. Кыыс акаары өйүгэр буолуо, «Аата, биир оҕонньордуун хоонньостохпуна олоҕум алдьаныа буоллаҕай, хата, дьиэлэнэн хаалыам» диэн санааттан, тута сөбүлэспитэ… Ол биир түүн кыыс олоҕун дьоллоотоҕо дуу, алдьаттаҕа дуу?.. «Ийээ, турдуҥ дуо? Чэйдиэх», – диэн кыыһын саҥатыттан соһуйан олоро биэрдэ. Бу олоххо саамай өрө туппута күҥҥэ көрдөрбүт соҕотох чыычааҕа – кыыһа Айыына. Айыына да ийэтиттэн быһа тутулуктаах, ийэтин тылыттан тахсыбат.

Ол эрээри, сүүрбэ сааһын ааспыт устудьуон кыыс хаһан эмит «Ийээ, мин аҕам кимий?» диэн ыйыттаҕына, Аанчык туох диэн эппиэттиирин билбэт этэ. Оттон ол оҕо оҥорбут «оҕонньор» кэлин кыыска биллибэтэҕэ. Оччолорго Аанчык «харчылаах киһилиин билсэн, байыам-тотуом» дии санаан ылбыттааҕа. Билиҥҥи курдук чуҥкук олохтонуом диэн санаа ханан да суоҕа. Түргэнник өрө сүүрэр бириэмэни сырсан сиппит суох. Арай кыыһын улаатыннаран атаҕар туруорар санаалаах. 90-с сыллар ыар сылларыгар кирэдьиит, ипотека суох кэмигэр, үгүс кыыс дьылҕатынманныкка тиэрдибитэ буолуо дуо?

Ньургун Романовиһи билигин кыыһын муннун быһыыта эрэ санатар. Аанчык бу кистэлэҥин кимиэхэ да эппэккэ сылдьар. Онон, Айыына «оҕонньор» аҕалааҕын билэрэ саарбах…

Айыына, «Эдэр саас» архыыбыттан

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
13