Оҕом ыалы дьоллоотоҕо

Ааптар: 
Бөлөххө киир:
Хаартыска: PxHere

Утуйбакка  эрэйдэнэ  сыттахха эчи, түүн уһунун. Анна Семеновна эҥин араастаан  бары сыта сатаата  да, хата уута кэлиэх быһыыта биллибэт. Бүгүн күнү быһа аалбыт күнүскү санаалара, үтүрүһэ-үтүрүһэ, төбөтүгэр төттөрү эргийэн кэлэ тураллар, бу утуйар уутун көтүтэн сордууллар. Устунан аны түүн уһунуттан буолбакка, аанньа утуйбакка сарсыарда  сирэй-харах буолан турарыттан  санаата оонньоон онньоон барда. Тыый, түөрт буолан эрэр. Үс эрэ чаас утуйара хаалбыт хаалбыт. Оо дьэ, сарсын дьүһүн-бодо буолан сылдьыыһы.

Атын эбитэ буоллар, кини бу түүн кыыһын сарсыҥҥы сыбаайбатын тэрийэн олох атын санаалары саамылыы сытыахтаах этэ. Ону баара суох… Эдэр, акаары сылдьан сыыһа быһаарыыны ылыммытыттан бу бэйэтин буруйдана, эрэйдэнэ сыттаҕа. Ол кэмҥэ кини онтон атыннык быһаарынар кыахтааҕа дуо? Арааһа, суох ини.

Анналаах кэргэннии олохторун отуора алдьанан, бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннара бүтэһиктээхтик тымныйбыт, сойбут кэмэ этэ. Уолчааннара Владик иккитин саҥа туолан тыллана сатыыра. Иринньэҕэ, ыалдьара бөҕө. Анна оҕотун кытта балыыһаттан орпоттор этэ. Онон үлэлиир да кыаҕа суоҕа, сотору-сотору оҕото ыалдьан олорон хаалар киһини ханнык тэрилтэ сөбүлүөй? Дьиэ кэргэнин иитэр-аһатар аналлаах аҕалара буоллаҕына арыгылыыра, дьиэтигэр хоммото элбээн кыһалҕалары эбии үксэтэрэ эрэ. Анна оннук муор-туор олохтоох сылдьан эмиэ ыарахан буолбутун билбитэ. Балыыһаҕа сүүрэн тиийбитэ, түһэртэрэр болдьоҕо ааспыт этэ. Эдьиийэ Маринаҕа тиийэн кэпсээбитин сэмэлии, мөҕө көрсүбүтэ. «Сарсын аһыыра суох кэриэтэ олорон, итинниккэргэҥҥэр эрэнэн өссө төрөөрү гынаҕын дуо? Ыалга биэр, билигин оҕоҕо наадыйар дьон элбэх», — диэбитэ. Анна санаан көрдөҕүнэ, кырдьык даҕаны икки кыра оҕону улаатыннарар уустуктардаах буолуох курдуга. «Баҕар, Өндөрөйүм,иккис оҕону күүтэрбитин биллэҕинэ, өйүн-төйүн булаарай, түспэтийэн да бараарай», —
диэн эмиэ быстах санааларга куустаран ылбыта. Биирдэ өйдөөх кэлбит үтүө күнүгэр түбэһиннэрэн сонунун кэпсээбитэ. Киһитэ үөрүөхтээҕэр буолуох, төттөрүтүн, быыппастан, күргүйдээн турбат дуо?! «Аккаары дьахтар, эмиэ үлэлээбэккэ мин моонньубар олороору оҥоһуннуҥ дуо? Эчикийэ,эн төрүү-төрүү сытыыһыгын дии, сорох буоллаҕына эһигини
аһатаары икки хараҥаны холбоон сылдьыахтаах. Бэйэм көрүөм диир буоллаххына, оҕолон. Минуопсайынан даҕаны эйигиттэн бараары сылдьабын. Атыны таптаатым, өйдөөтүҥ?» — диэн баран ааны хайа быраҕан тахсан барбыта. Ол күн дьиэтигэр хоно кэлбэтэҕэ. Оо, онно Анна түүнү быһа ытаан-соҥоон да муҥнаммыта. Уолчаан эмиэ, дьоно айдаарыспыттарын билбит курдук, эмискэ кыраадыстанан, хаппырыыстаан аанньа утуйбатаҕа. Анна бу түүн, эдьиийэ эппитин курдук, саҥа төрүөхтээх оҕотун үчүгэй ыалы булан биэрэргэ быһаарыммыта.
Эдьиийэ Марина, киэҥ сиринэн сылдьар, үлэлиир киһи,сотору боппуруоһу быһааран эрэрин туһунан иһитиннэрбитэ. Куоракка оҕо ылыан баҕалаах ыалы булбуттар. «Аанчык, санааҕын уларыппат инигин? Дьону сааратан саакка угаайаҕын. Кыыс буоллун, уол буоллун – оҕоҕун биэрэбит», — диэн балтын бүтэһиктээх санаатын истиэн баҕарбыттыы ыйыппыта.
Анна барыга бары ээл-дээл сыһыаннаһар, хайдах эрэ олохтон салҕан, сылайан хаалбыт курдуга. Оннук түүл-бит курдук сырыттаҕына, Өндөрөйө арахсабын диэн этинэн дьиэттэн тахсан барбыта. Кырдьык, атын дьахтардаммыт эбит этэ. Уопсай дьиэҕэ олорор киномеханик Тоняҕа киирбит сураҕа иһиллибитэ. Онтун кытта син оҕолонон-урууланан ,илигин да олорор ээ. Атын дэриэбинэҕэ көһөн эрэ биэрбиттэрэ. Кытаанах, киириилээх-тахсыылаах, сытыы-хотуу дьахтар түбэһэн син өйүн-төйүн буллардаҕа.

Анна улуус киинигэр болдьоҕор этэҥҥэ оҕоломмута. Кыыс оҕо төрөөбүтэ. Оҕотун хараҕын кырыытынан эрэ көрбүтэ, эмтэрэ да аҕалбатахтара, аҕыйах хонугунан кэпсэтии быһыытынан куоракка илдьэ барбыттара. Анна сүрэҕэ сытыытык «аһыс» гынан ылара, ыанньыйбыт түөстэрэ сүр ыарыылаахтык тэһитэ кэйиэлииллэрэ. Марина балыыһаттан ыла кэлэригэр балтын саппаҕырбыт сирэйин-хараҕын көрөн бэйэтин буруйдана да санаабыта быһыылааҕа. «Аанчык, олус санаарҕаама дуу. Этэргэ дылы, өссө да эдэргин. Биир оҕолоох олорон хаалыаҥ суоҕа.Үчүгэй киһи түбэстэҕинэ ыал буолуоҥ, өссө да кыргыттары төрөтүөҥ. Уолуҥ ахтан иэдэйдэ. Детсаадка миэстэ буллум. Уоскуй, үлэлээн көр. Хайдах эмит олорон көрүөхпүт», — диэн уоскутар тыллары үрүт үөһэ саҥарбыта.
Анна ити курдук оҕотун куорат ыалыгар биэрэн, бириэмэ барытын эмтиир дииллэринии, күннээҕи, сибилигин баар олоҕун сүүрээнигэр киирэн күнү-дьылы сырсыһан, түбүгүрэн барбыта. Үлэтигэр тахсан аралдьыйан, син кыаҕын иһинэн олоҕун оҥостон барбыта. Туох булбутун-талбытын барытын соҕотох оҕотугар анаан, кини эрэ кыһалҕаны билбэккэ, атыттартан хаалсыбакка улааттар диэн баҕалаах тохтообокко түбүгүрбүтэ.
Владик хата син этэҥҥэ оскуоланы бүтэрбитэ. Ийэтин син өйдүүргэ дылыта. Анна онтон иһигэр сэмээр үөрэрэ эрэ. Атын ыал оҕолоро араас кыһалҕаланалларын, дьоннорун кытта сыһыаннарыгар эмиэ уустуктар үөскүүллэрин билэ-истэ сылдьара. Ол тухары аҕата Өндөрөй оҕолоохпун диэн билсибэтэҕэ. Арай оскуолатын бүтэрбит сураҕын истэн буолуо, биирдэ көрсөөрү кэлэн барбытын уола тэлгэһэтигэр да киллэрбэтэҕэ. Хомойбута, хоргуппута оччо этэ.

Анна бэйэтин тус олоҕун оҥостор туһунан тоҕо эрэ санаабат, өйүгэр оҥорон да көрбөт этэ. Улааппыт уола атын эр киһини киллэрэрин утарыаҕын сүрэҕинэн сэрэйэрэ. Владик аармыйаттан этэҥҥэ сулууспалаан, куоракка сибээс техникумугар киирэн үөрэнэ сылдьан кэргэннэммитэ. Анна дьэ аны уолун олоҕун оҥорор, дьон тэҥинэн сыбаайбалыыр түбүгэр
түспүтэ. Хата, Владик куоракка бэйэтэ дьиэлээх-уоттаах, библиотекарь идэлээх кыыһы кэргэн ылбыт этэ. Ийэлээх, аҕалаах, элбэх халыҥ аймахтардаах кийиит кыыс Анна Семеновнаҕа ыал буолуохтарыттан аҕыйахта тахса сырытта. Иитиллибит, улааппыт эйгэтэ атына бэрт, тыаҕа тэһийбэт. Билигин оҕолонон ончу да быкпаттар. Сиэнэ уолчаан улаатарын хаартысканан эрэ ситэн көрөр.
Дьэ онон Анна Семеновна кырдьар, кыаммат сааһыгар бэйэтин кытта тэҥҥэ «кырдьыбыт» дьиэтигэр бур-бур буруо таһааран соҕотоҕун олордоҕо бу. Аҕыйах сыллаахха диэри эдьиийэ Марина олорсон иһэн, эмискэ ыалдьан өлөн хаалаахтаабыта. Ыал буолбакка, оҕо-уруу төрөппөккө, этэргэ дылы, кыыһынан кырдьан олохтон бараахтаата. Анна Семеновна күн сириттэн суох буоллаҕына, эдьиийэ барахсан аатын ааттатыах, ахтыах-саныах да киһи суохха дылы. Билигин санаан көрдөххө, акаарытык да быһыыламмыттар кинилэр, эдьиийдии-балыстыылар. Оттон кини кыысчаанын Марина саатар бэйэтэ ылан оҕо гыныан сөп эбит дии. Күн сиригэр кэлэн бараары оҕо минньигэс сытын ылан, сылаанньыйан, сүрэҕин сымнатан барбатаҕыан… Олоххо атын көрүүлээх киһи этэ Марина… Кэргэн тахсар, оҕо төрөтөр туһунан тугу да саҥарбата.
Мэлдьи кими эрэ тохтообокко салайара, дьаһайара, үлэтинэн сөп буолан күнү-дьылы барыыра. Ыйааҕа оннук эбит…
Алта чаас буолбут. Анна Семеновна сарсыарда буолан истэҕин аайы утуйбатаҕа биллэн төбөтө улам ыараан барда. Аны кэлэн утуйара уурайдаҕа, бүүс-бүтүннүү ис-иһиттэн өрүкүнэйэн сытар.
Ааспыт субуотаҕа Пашаҕа таарыйбатах буоллун, маннык муҥнана сытыа суох этэ…Паша даҕаны саҥарбакка хаалыаҕын.
Оо, дьахталлар, дьахталлар, арыт хайдахпыт эрэ ээ. Дьэ тугу туһанаары кини эдьиийэ Мариналыын буолан сүбэлэһэн сүүрбэттэн тахса сыл анараа өттүгэр ыалга биэрбит кыыстара сыбаайбалаан эрэрин иһитиннэрдэ? Кини Анна Семеновна бу орто дойдуга кэлэн ааһаары кыталык кыыс оҕону төрөтөн баран, кыһалҕаҕа киирэн мүлчү туппут кыһыытаабата маннык сытыытык, ыарыылаахтык киириэн билбэтэҕэ, таайбатаҕа буолуо эрээри…
— Аанчык, кыыһыҥ ыал буолан эрэр эбит. Оҕонньорум ырааҕынан аймахтара ылбыттара дии. Ыҥырыы ыыппыттар ээ. Көр, ол ыскаап үрдүгэр хаартыскалара. Кыыһыҥ оруобуна эйиэхэ дылы чоҕулуччу көрөр эбит. Өндөрөй уоһа баарга дылы, — диэн Паша, туох да кыһалҕата суох дьиэтин харбыы-харбыы кэпсээбитэ.
— Кыыһым даа?! Ыал буолан эрэр? Т-тугу –т- тугу этэҕиний? – Анна Семеновна мэктиэтигэр кэлэҕэйдээн ылбыта.
— Эчикийэ соһуйдаххын. Оттон кыыстаах этиҥ буолбат дуо? Сүүрбэ сыл ааспыт, эргэ барар кэмэ кэлбит.
— Ханна сыбаайбалыыллар диигин?
— Куоракка, аныгы бээтинсэҕэ. Мин онно баран испэтим чуолкай. Дьоммут билиҥҥэ диэри олус махтанар сурахтара иһиллэр. Ол иһин анаан-минээн
ыҥырбыттар.
— Көрүүм эрэ, саатар ол хаартыскаҕын, — Анна Семеновна долгуйан хайдах эрэ атаҕар уйуттуо суох курдуга.
Салҕалас буолбут илиитинэн хаартысканы сулбу таһыйан ылбыта. Аныгылыы оҥоһуулаах, олус тупсаҕай ыҥырыы. Тоҕус ый тухары сүрэҕин анныгар илдьэ сылдьыбыт оҕотун,
иэйэхситин кэрэ бэлэҕин – кыысчаанын Күннэй диэн ааттаабыт эбиттэр. Кырдьык даҕаны, оҕото суох кураанахсыйбыт дьиэҕэ кини оҕото күн тэҥэ буолан киирдэҕэ, сырдыгынан сыдьаайдаҕа. Ыал олоҕун дьолун толору түстээтэҕэ, ситэрэн-хоторон биэрдэҕэ. «Оҕом дьон дьолугар төрөөбүт эбит…» Анна Семеновна хараҕын уута бычалыйан тахсыбытын Паша
эрэ көрбөтүн диэн куоптатын сиэҕинэн туора-маары соттуммахтаабыта.
— Майгынныыр ахан дии, эһигини көрөн төрөөбүт оҕо. Быраас буолан эрэр үһү, күтүөт инженер үөрэҕин бүтэрбит, — Паша тохтоло суох кэпсиирэ.
— Майгыннаамына, хааннаах ханна барыай? Бэйи эрэ, эһиги бу сыбаайбаҕа бараҕыт дуу? – Анна Семеновна төһө кыалларынан холкутук саҥара сатаабыта.
— Хантан барыахпытый. Ыҥырбыттара да үчүгэй. Этэбин дии—махтаналлар, — Паша солуурун туппутунан таһырдьа тахсыбыта.

«Балаҕан ыйын 14 күнэ. Бээтинсэ. Регистрация Дьокуускай к. эр-ойох буолуу дыбарыаһыгар. 12 чааска» диэн кэннигэр суруллубуту Анна булан аахпыта. «Мин онно киирэр эбиппин, оҕобун саатар ыраахтан көрөн ааһыам буоллаҕа», — диэн Анна Семеновна түргэн-түргэнник санаабыта уонна ол санаатыттан хайдах эрэ сэргэхсийэн, дьиэтигэр сүүрэр-хаамар икки ардынан кэлбитэ. Кимиэхэ да кэпсээбэт курдук быһаарыммыта. Паша соло буоллаҕына дэриэбинэҕэ кэпсээн оҥосторо буолуо эрээри. Кылаабынайа, кини онно барбытын ким да билиэ суохтаах. Нэдиэлэтин күүтэн-күүтэн дьэ бүтэрэн, бу куоракка айанныырыттан долгуйан хараҕын симпэккэ саҥа күнү көрүстэҕэ.

Галина Нелбисова, «Эдэр саас» архыыбыттан

+1
12
+1
1
+1
2
+1
1
+1
0
+1
3
+1
1