Илин Ырайтан сылгыларбын хомуйан Муодаҥҥа илдьэн иһэн хойутааммын, Одундаҕа хонордуу сананным. Сылгыларбын күөлгэ киллэртээн, бэйэм өтөххө таҕыстым. Ампаар уонна дьиэ икки ардыгар турар баҕанаҕа аппын аҕалан баайаары гыммытым, атым туох иһин баҕанаҕа чугаһаабакка тиэрэ түһэр, таныытын ырҕатар, туохтан эрэ сиргэнэр курдук. Ону ол диэбэккэ “Бу сүөһү хайдах буолла, иирээри гынна дуу?” – дии-дии күүспүнэн аҕалан баайдым. Дьиэҕэ киирэн уот оттон, өйүөбүн хостоон ириэрэ ууран, бэйэм күөлгэ муус көйө киирдим. Котелокпар толору муус ылан тахсан иһэн аппын көрбүтүм, баайбыт баҕанабын тула холоруктуу сылдьар. “Бу сылгы туох буоллаҕай?” – дии саныы-саныы дьиэҕэ киирбим.
Котелокпун оһохпор ууран оргуйарын кэтэһэ таарыйа кинигэ таһааран ааҕа олордохпуна, хайдах эрэ сиик сыта кэлэргэ дылы гынна уонна чүмэчим уота салгын охсорун курдук дьирибинээтэ. Мин ону болҕомтобор уурбатым уонна устунан сылааска таттаран нухарыйар курдук буоллум. Арай ол олорон көрдөхпүнэ, аан аһылынна уонна уот кыһыл ырбаахылаах, үстээх-түөртээх оҕо батыһыннарыылаах дьахтар киирдэ уонна остуолум утары хааман кэлэн: “Тукаам, киһи тыынын-быарын ыгыма, дьиэм үрдүттэн аккын ылан атын сиргэ баай”, – диэтэ. Оҕо ийэтин кэннигэр ырабаахытын тэллэҕиттэн тутуһан туран миигин хап-хара харахтарынан тобулу одуулаата.
Онтон хайдах эрэ, эмискэ уһуктан кэллим. Ити көрбүппэр улаханнык суолта биэрбэтим, түһээн ыллым дуу дии санаатым. Ол гынан баран кырдьык туох эрэ ньиксик сыт баар этэ. Ону оһоҕум оттуллан сиик сыта кэлэрэ буолуо дии санаатым. Оһохпор тиийэн мас эптим, кэнсиэрбэлэри, килиэппин эргитэлээн биэрдим уонна остуолбар төттөрү кэлэн кинигэбин ылан ааҕан бардым. Ол олорон хайдах эрэ сэниэтэ суох, туох эрэ баттыыр курдук буоллум. (Утуйарын утуйбатаҕым). Ол олордохпуна, ааным эмискэ нэлэччи аһыллан били дьахтарым оҕотун батыһыннарбытынан киирэн кэллэ. Миигин көрдө көрбүтүнэн супту хааман кэлэн: “Киһи тылын тоҕо истибэккин, уҥуоҕум үрдүттэн аккын ыл!” – диэт, тахсан бардылар. Сирэйэ-хараҕа кыыһырбыт көрүҥнээҕэ.
Өйдөөн кэлбитим – ааны супту көрөн олорор эбиппин. Онтон дьэ куттанным, этим сааһа аһылынна, куттана-куттана таһырдьа аппар таҕыстым. Аппын көрбүтүм быатын чиккэччи тардан, сап-салыбырас буола турар эбит. Аппын сүөрэн күрүөҕэ илдьэн баайдым, уонна бэйэм дьиэҕэ киирэн хомунан бардым. Малбын-салбын барытын хомунан, уоппун умуруоран, сылгыларбын хомуйан түүннэри айаҥҥа турдум. Түүн үөһүн ааһыыта Даркыга кэллим. Онно Маппый диэн кырдьаҕас оҕонньорго киирэн хоннум. Сарсыарда чэйдии олорон бөлүүҥҥү түбэлтэбин оҕонньорго кэпсээбиппэр, онно сэрии саҕана хоргуйан өлбүт оҕолоох дьахтары таһааран дьиэтин айаҕар көмпүттэрэ, ол маһыгар аккын баайбыккын диэбитэ.
1995 сыллаах “Эдэр саас” хаһыаттан.