Оҕо ырата

Ааптар:  Евгений Васильев -Чаҕыл
25.06.2024
Бөлөххө киир:
Хаартыска: pxhere.com

— Настя, иһиккин сууйаар, мин киэһэ хойут кэлиэм, — диэт ийэтэ ааны лип гына быраҕаат, таһырдьа ойдо.

— Ити эмиэ уочараттаах свиданиетыгар барда. Боже, который раз, эмиэ саҥа папаны аҕалыа, — кыыс өрө тыынна.

Настя хороччу улаатан эрэр, быйыл онус кылааска үөрэнэр кыыс. Өссө университекка үөрэнэр убайдаах. Кэлин кыыс аҕатын наһаа суохтуур буолла. Аҕата ыраах улууска олорор, номнуо атын кэргэннээх, кыра оҕолордоох. Дьиҥэр, бу санаатахха, төрөппүттэрэ үчүгэйдик олорбуттара ээ. Ийэтэ Клара бааҥҥа исписэлиис, аҕата Вадим тэрилтэҕэ суоппар этэ. Ипотеканан дьиэ, куорат таһыгар даача, боростуой да буоллар, сүүрэ сылдьар Филдер массыына — орто ыал сиэринэн олорбуттара. Настя хайдах курдук бары дьоллоохтук планета Кидз сылдьалларын, аҕалара киэһэ кинини уонна убайын биирдэстэрин сиэтэн, биирдэстэрин сүгэн, күлэ-үөрэ чаҕаарыйа дьыссааттан аҕаларын үчүгэйдик өйдүүр.

Хомойуох иһин, ол барыта ийэлэрэ хас да сыллааҕыта “Кэшбэри” сетевой маркетиҥҥа киирбит күнүттэн бүппүтэ. Ийэлэрэ кэргэнин улахан кирэдьииккэ киллэрбитэ. Сотору-сотору дьахталлары кытары ол саарбах тэрилтэ сугулааннарыгар, мунньахтарыгар, аата-ахсаана биллибэт банкеттарыгар сыбыытыыра элбээбитэ. Үлэ-хамнас умнуллубута. Сыл аҥаарынан ол пирамида эстэн, дьиэ кэргэни отой даҕаны отоойкоҕо олордубута. Этиһии, бэйэ-бэйэни буруйдаһыы, сирэй-харах анньыы элбээбитэ. Тиһэҕэр аҕалара таҥаһын-сабын, таһаҕаһын хомунан, дьиэттэн тахсан барбыта.

— Бар, сүт, өлөн хаал! — диэн ийэтэ кэргэнигэр кылана хаалбытын кыыс оҕо билиҥҥэ диэри өй дуораанын курдук өйдүүр. Ол киэһэ кинилэр киэҥ-куоҥ дьиэлэригэр уу чуумпу сатыылаабыта. Оҕолор куттанан, атахтарын төбөтүнэн хаамсыбыттара. Ийэлэрэ ороҥҥо умса түһэн уйа-хайа суох ытаабыта.

Онтон ыла номнуо хас да сыл ааһа оҕуста. Ийэлэрэ Клара билигин да итинник сетевой маркетиннарынан олорор. Кэмиттэн кэмигэр Дьарыктаах буолуу киинигэр учуокка туран, үлэтэ суоҕунан босуобуйа ылар, аҕалара алимент төлүүр.

Ийэлэрэ хаста да олоҕун оҥосто сатаата. Хас да киһи кэлэн кинини кытары олоро сатаата да, икки атахтарынан куоталлар. Тоҕо диэтэххэ, Клара кинилэри туһанаары эрэ илдьэ сылдьан баран, үүртэлээн кэбиһэр. Кинилэр ортолоругар баахтаҕа үлэлээччилэр, таксилааччылар да бааллара. Аҕыйах сыл иһигэр оҕолор иннилэригэр, ийэлэрин уочараттаах кавалердара, бэйэтэ этэринэн “может судьбалара” элэҥнэһэн аастылар да, туох да туһата суох…

Биир күн Настя хараҕын уута тохтообокко тоҕунна… Аҕата суох буолбут, күн сириттэн күрэммит. Арай аҕата кини иннигэр ороҥҥо сытар, тыыммат, хамнаабат. Кыыс: «Оо, аҕам утуйа сытар, билигин туруо”, — диэн илгиэлээн уһугуннарыам дии саныыр.

Һуу! Бу дьолу, түүл эбит! Ол эрээри, кыыс хараҕа толору уулаах уһугунна. Дьолуттан үөрэн аны саҥата суох ытаата. Тутатына аҕатын төлөпүөнүгэр: “Папа мне приснился страшный сон, как будто ты умер, я пытаюсь расшевелить тебя, но ты не двигаешься. Но это был сон! Как хорошо что это был всего лишь сон. Я проснулась и долго плакала от радости”, — диэн суруйда. Сотору буолаат, сарсыарданан аҕатыттан харда кэллэ. “Чээн, оҕом барахсан! Кэм аҕатыгар долгуйар биир киһи баар эбит ээ. Түүлү төттөрүтүн санаа, чыычаах. Ол аата аҕаҥ өр олороору гыннаҕа”, — диэн суруктаах, үөрбүт смайлигы көрөн кыыс ис-иһиттэн сылаастык мичээрдээтэ.

Кини бу сытан оскуолаҕа таптыы көрөр уолун санаата. “Мичил үчүгэй уол, арыгыны испэт, табаҕы тардыбат. Эмиэ арахсыбыт ыал оҕото, кыһалҕа диэн тугун билбит. Тоҕо дьон наһаа арахсалларый? Тоҕо бэйэ-бэйэлэрин убаастаһан, таптаһан олорботторуй? Мин ыал буоллахпына, кэргэммин күүскэ да күүскэ таптыам, убаастыам. Хаһан да харчыга хараҥарыам суоҕа, барытын бэйэбит бииргэ сиэттиспитинэн ситиһиэхпит!» — диэн саныы-саныы, Настя сарсыардааҥҥы уу минньигэс долгунугар бигэнэн утуйан хаалла.

Евгений Васильев -Чаҕыл, Дьокуускай

+1
10
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2