Оҕо туризма сайдар кыахтаах дуо?

Ааптар: 
27.05.2024
Бөлөххө киир:
Хаартыска -- СӨ Урбаан уонна туризм министиэристибэтин саайтыттан

Ил Түмэҥҥэ “Оҕо туризмын, сынньалаҥын, доруобуйатын бөҕөргөтүү аныгы туруга уонна сайдыыта” диэн ааттаах “төгүрүк остуол” буолан ааста.

“Оҕо туризмыгар, сынньалаҥар, доруобуйатын бөҕөргөтүүгэ сыһыаннаах кэккэ миэрэлэри олоххо киллэрэр ирдэнэр. Олортон сороҕун бэлиэтээн ааһабын. Бу – турис­тическай инфраструктура хаачыстыбатын тупсарыы, тырааныспар өттүн сайыннарыы, сылы эргиччи оҕо туризмын, сынньалаҥын, доруобуйа­тын бөҕөргөтүнүү усулуобуйатын, өҥөнү оҥоруу таһымын үрдэтии, үлэһиттэр квалификацияларын көрүү, туристическай өҥөлөрү өйүүргэ цифровой инфраструктура саҥа таһымҥа тахсыахтаах уонна үбүлээһини элбэтэр ирдэнэр” диэн “төгүрүк остуолу” салайан ыыппыт Ил Түмэн билимҥэ уонна үөрэххэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Антонина Григорьева бэлиэ­тээтэ.

Оҕо сынньалаҥа

“Сылы эргиччи үлэ­лиир оҕолор сынньанар баазалара туруктара мөлтөөбүтүнэн сибээс­тээн, аҕы­йаан иһэллэр. Ордук оҕо сынньалаҥ инфраструктуратын тупсарыыга көрүллэр үп хааччахтаныытыттан дьаарханабыт. Куорат таһынааҕы сынньалаҥ баазалар кэтээн көрөр уорганнар ирдэбиллэригэр сөп тү­­бэспэтэхтэринэн, тоҕус бааза үлэтэ тохтоото. Элбэх оҕону хабар инниттэн стационарнай лааҕыр­дары палаточнайга уонна күнүскүгэ уларыталлар”, – диэн үөрэх уонна билим миниистирин солбуйааччы Иннокентий Афанасьев иһитиннэриитигэр этиллэр.

Ил Дархан Айсен Николаев Саха сиригэр сүүрбэттэн итэҕэһэ суох оҕо экскурсионнай уонна туристическай сэртипикээттээх маршруттары оҥоруҥ диэн сорудахтаабыта. Маны сүрүннээччинэн “Юные якутяне” киин анаммыт. Өрөспүүбүлүкэҕэ билиҥҥитэ туристическай-кыраайы үөрэтэр хайысхалаах бырагыраамалаах 4 эбии үөрэхтээһин тэрилтэтэ баар эбит: “Юные якутяне” оҕо туризмын сүрүннээччи, Аммаҕа уонна Дьааҥыга эдэр туристар ыстаансы­йалара, Дьокуускай куорат­тааҕы туризм салаата. Итини таһынан, үөрэх тэрилтэлэрин иһинэн туристическай холбоһуктар бааллар. Дойду бэ­­рэсидьиэнин сорудаҕынан 13 биллэрэр-көрдөрөр маршрут испииһэгэ тэриллибит. Өссө биэс дьиэ кэргэни барытын хабар өрөбүл күннээҕи маршрут үлэтэ ыытылла сылдьар эбит. Ил Дархан сорудаҕынан сүүрбэттэн итэҕэһэ суох оскуо­ла көрдөрөр-иһитиннэрэр уонна бойобуой албан аат­таах миэстэлэринэн маршруттары оҥороллор.

Туристическай маршруттар

Урбаан, атыы, туризм миниис­тирэ Тимур Ханды иһитин­нэрбитинэн, Росстат чахчы­тынан, дьон турис­тыы барыытынан былырыын 238 тыһ. туристичес­кай сылдьыы (поток) буолбут. Өрөс­пүүбүлүкэҕэ 25 туроператор үлэлиир уонна 176 турис­тическай өҥө (туристические продукты) оҥоһуллар.

“2024 с. Саха Өрөспүүбү­лүкэтигэр Ил Дархан Оҕо саас сылынан биллэрбитэ. Үөрэх, Култуура министиэристибэлэрин, бэйэни салайыныы уорганнарын кытта оҕо туризмын сайыннарыыга оробуочай бөлөҕү тэрийбиппит.

Оҕо сынньалаҥын, туризмын тэрийиигэ официальнай туроператордар үлэлииллэрэ улахан суолта­лаах. Былырыын урбаанньыттар оскуола үөрэ­нээч­чилэригэр аналлаах саҥа туристическай 7 бородууксуйаны оҥорбуттара. Биһиги барыта сүүрбэни тэрийэр сорук­таахпыт”, – диэн эттэ.

“Бастакылар хамсааһына” оҕо, ыччат эрэгийиэннээҕи салаатын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Оксана Михайлова бэркэ тыл эттэ. “Сокуоннай саастарын туола илик учуокка турар оҕолору стационарнай лааҕыр­га путевканан уонна айаннарын төлөбүрэ төлөнөрүгэр этии­ни резолюцияҕа киллэрэргитигэр баҕарабыт. Күн бүгүн 800-тэн тахса оҕо учуокка турар.

Туристическай бырайыак туһунан сыныйан билистим, туристическай маршрукка тахсыбакка эрэ, теоретическай зачету киллэрэргэ этиилээхтэр. Эмиэ учуокка турааччылар тустарыгар “ыалдьабын”, үгүстэрэ уолаттар. Кинилэр түөрүйэни сэҥээрбэттэр, уһу­йааччыны кытта ханна эрэ тахсаллара, бараллара ордук. Онон судаарыстыбаннай сорудаҕы көннөрөн биэрэр үчүгэй этэ. Туризм диэн буоллаҕына дьиҥнээх туризм буоллун, көмпүүтэр нөҥүө зачеттаах туризм буолбатын”, – диэн эттэ.

74 оҕолоох оскуола

“Төгүрүк остуол” иитинэн Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Кэрэли” оҕо эбии үөрэхтээһинин киинэ, Амма улууһуттан “Амматааҕы эдэр турис­тар станциялара”, Мэҥэ Хаҥаластан Ороссолуода оскуолата, куораттан “Айыы Кыһата” гимназия оҕо сайыҥҥы лааҕырын, туристическай холобурдарын туһунан кэпсээтилэр.

Онтон Ороссолуода ос­­куолатын чорботон бэлиэтиибин. Оскуола баара-суо­ҕа 74 үөрэнээччилээх, 36 педагогичес­кай үлэһиттээх эбит эрээри, үлэлэрэ баһырхайын сөҕөн эрэ кэбистибит. Дириэктэр кэпсээнигэр сигэннэххэ, оҕону үлэнэн иитии үтүө холобура манна баар эбит. Ол курдук, оҕу­руот аһын, хортуоп­пуйу үүннэриинэн, отон­ноох үүнээйини хомуйуунан, сылгыны иитии­нэн, балыктаа­һынынан дьарык­таналлар. Оскуола иһинэн 20 миэс­тэлээх интэринээт үлэлиир, араас нэһилиэктэн кэлэн мас тардыһыытыгар эрчиллэллэр, А уонна В суоппар категория­тыгар, тыраахтары ыытарга үөрэнэллэр, оҕуруот маастара исписээлинэскэ үөрэнэллэр эбит. Аны оскуола бас билиитигэр 18 гектар сирдээх, 14 тыа хаһаайыстыбатыгар туттуллар тиэхиньикэлээх, 5 массыыналаах, 50 туонна оҕуруот аһын харайар баазалаах. Бу баара-­суоҕа 74 үөрэнээччилээх оскуо­ла!

“Оҕо 70% үлэлиэн баҕарар”

“Төгүрүк остуолга” кыттыбыт дьон Саха сиригэр баар 45 үлэ лааҕырыгар 2905 эрэ оҕо сылдьарын, бу лааҕыр уопсай ахсааныттан 10% кыайбатын, үөрэнээччи ахсааныттан 2% эрэ хабылларын иһитиннэрдилэр. “Күн бүгүн бары салаа­ҕа каадыр тиийбэт, ыйытык көрдөрөрүнэн, үөрэнээччи 70% үлэлээн харчылаһыан баҕарар. Ол эрээри, биһиги уонунан сыллар тухары күүспүтүнэн оҕону сынньата, доруобу­йатын бөҕөргөтө сатыыбыт. Ол түмүгэр үлэҕэ сыстаҕаһа суох көлүөнэни улаатыннаран таһаа­рабыт, онон үлэ лааҕырдарын элбэтиэххэ, муҥ саатар үөрэнээччи 20% үлэ лааҕырынан хааччыйыахха”, – диэн бэлиэтээтилэр.

Аны Арассыыйа үрдүнэн агротуризмҥа быйыл аан бастакытын 700 мөл. солк. грант көрүллүбүт эбит, итинтэн Саха сиригэр төһөтүн сүүйдүбүт, агротуризмы куорат оҕолоро сэҥээриэх этилэр диэн риторическай ыйытыы бэрилиннэ.

“Айыы кыһата” гимназия дириэктэрин административнай-хаһаайыстыбаннай чааска собуйааччы Влади-
мир Ю оскуо­ла, төрөппүт күүһүнэн, судаарыс­тыбаттан көмөтө суох агротуризмынан дьарыктаналларын эттэ. Аҕалар сыллата уолаттарын илдьэ сылдьан муҥхалыыллар, сайыҥҥы лааҕыр тэрийэллэр, эмтээх үүнээйини хому­йаллар, Саха сирин ытык, кэрэхсэнэр сирдэринэн сылдьаллар, кыраайы үөрэтэр, сатыы бохуот­тарга аттаналлар, онноо­ҕор Мандар Уус кыһатыгар кытта тиийэл­лэр. “Сайыммыт олус кылгас. Сэбиэскэй Сойуус ыһыллыаҕыттан аатыгар эрэ ыытыллар тэрээһиннэри ыытыыны тохтотуох баара. Үлэ, сынньалаҥ лааҕырдарын (ЛТО) чөлүгэр түһэрэр уолдьаста”, – диэн Владимир Ю эттэ.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0