«Оҕо саас» киинэ Германияҕа бэстибээлгэ кыттар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Эдэр режиссер Никандр Федоров «Оҕо саас» диэн киинэтэ Германияҕа буола турар Schlingel диэн оҕо киинэтин норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээлигэр кыттар.

Саха киинэтэ «Панорама» диэн бырагыраамаҕа киирдэ. Манна Испанияттан, Австралияттан, Данияттан, Индияттан, Японияттан, Германияттан уо.д.а. дойдулартан барыта 23 киинэ көстүөҕэ.

«Оҕо саас» киинэ муус устарга Саха сирин бары киинэ тыйаатырдарыгар көстүбүтэ. Бырайыак “Синет” грааныгар тиксэн, бар дьон болҕомтотугар тахсыбыта.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0