Оҕо сааһы санатар сахалыы мороженай

26.03.2022
Бөлөххө киир:

Наталья Иванова – психолог идэлээх, бэйэ дьарыктаах, элбэх оҕолоох ийэ. Кини оҕо көрөн олорон, пандемия кэмигэр бэйэтин дьыалатын саҕалаабыта. Сахалыы тоҥ күөрчэх оҥорон, сакалааттаах баахылаҕа кутан, отонунан киэргэтэн, аныгылыы тупсаҕай көрүҥнээн, атыылыыр.

Оҕо кыратыгар аһы сирэр-талар. Оҕолор ордук оҕуруот аһын, буотараҕы, о.д.а. туһалаах аһы сөбүлээбэттэр. Бу саастарыгар олус элбэх саахардаах, консерваннаах аска үөрэтэр соччото суох. Тоҕо диэтэр, бу үөрүйэҕин кини үйэтин тухары илдьэ сылдьыаҕа, мантан кини доруобуйата тутулуктаах буолуоҕа. Этэргэ дылы, бэйэбит төрүт аспытын оҕолорбутугар сиэтэ үөрэтии хас биирдии төрөппүт ытык иэһэ буолар.

— Элбэх оҕолоох ийэ кырачааннарбын хайдах «албыннаан» аһатар туһунан толкуйга түһэр этим. Бастаан анал аһытыы атыылаһан, дьиэтээҕи йогурт, иэдьэгэй, ряженка оҥорорум. Оҕолорум ону сирэллэрэ, маҕаһыын йогурдун сиэхтэрин баҕараллара. Онуоха «Растишка» йогурт хаатын сууйан, бэйэм оҥорбуппун кутан, фруктаны, отону эбэн биэрэрбин, хата, сиир этилэр. Бу курдук үөрэнэн, маҕаһыын йогурдун сиэбэт да буолбуттара. Оҕо аһыыр үөрүйэҕин кыратыгар маннык үөскэтэр наадатын өйдөөбүтүм.

Маҕаһыынтан ылар минньигэс аспыт олус өр хараллар, ол туһуттан сытын, амтанын күүһүрдэр, хойуннарар консерваннары, элбэх саахары кутан оҥороллор. Бу ордук улаатан эрэр оҕо доруобуйатыгар куһаҕаннык дьайар. Мороженай састаабын ааҕан көрөн баран, бүтүннүү хиимийэ буоларыттан, натуральнай туох да суоҕуттан бастаан олус соһуйбутум. Ама, бу хиимийэ аһынан оҕолорбутун аһатыахтаахпыт дуо? Бэйэбит төрүт аспыт маннык аһы кытары күрэстэһэр кыахтаах дуо диэн толкуйга түспүтүм.

Кыыспын оҕолонон олорон, пандемия саҕаламмытыгар, тугу эрэ астаан атыылыыр санаа үөскээбитэ. Оҕолорбор тоҥ күөрчэҕинэн баахылалаах мороженай оҥорон сиэтэрим. Биирдэ хаартыскаҕа түһэрэн, социальнай ситимҥэ таһаарбыппар, билэр дьонум сэргии түспүттэрэ, «атыылыыгын дуо?» диэн ыйыталаспыттара. Тута оҥорбут мороженайым атыыга баран испитэ, туох да ордубат этэ. Дьон биһирээбититтэн, наадыйарыттан кынаттанан, дьыалабын кэҥэтэргэ санаммытым.

Былырыын докумуоннары оҥорторон, «Вкус детства” диэн ааттаан, сэртипикээт ылан, урбаанньыт быһыытынан бэйэ дьыалатын арыйбытым. Кэргэммин кытары кыра дьиэ туттан, сыах оҥостубуппут, ол эрээри, гааһа суох буолан, бакаа тохтотон турабыт.

Ынах настарыанньатыттан кытта тутулуктаах…”

— Бастаан дьыала арынар, дьэ, төһө уустук эбитий?

— Саҥа арынар киһи элбэҕи билбэтэ мэһэйдиир. Быһалыы, түргэнник барыахтааххын тэпсэҥнии, муна сылдьаҕын, бириэмэҕин ыытаҕын. Ол эрээри, докумуоннары оҥоруу наһаа уустуга суох, кэтэһиилээх эрэ. Сыаллаах-соруктаах буоллаххына, тобулаҕын. Ас астыырга ымпыга-чымпыга олус элбэх. Билиҥҥэ диэри билбэтим элбэх. Онон үөрэниэххэ наада.

Бэйэ дьарыктаах” (самозанятый) диэн саҥа көрүҥ киирбитэ абыраллаах. Быдан чэпчэки, судургу. Дохуоттан 4%-наах нолуок төлүүгүн, үлэһитэ суох буолуохтааххын. Дохуотуҥ 2 мөлүйүөн иһинэн буолуохтаах. Сыһыарыы нөҥүө төлүүр, отчуоттуур буолан, быдан түргэн.

Саамай ыарахана – натуральнай бородууктаны атыылаһыы, харайыы. Мороженайбын олохтоох үүттэн, чөчөгөйтөн эрэ оҥоробун. Чөчөгөй амтана сырыы аайы уларыйа сылдьар – этэргэ дылы, бүгүн ынах хайдах настарыанньалаах турбутуттан, тугу сиэбититтэн, хайдах оҥоһуллан, хараллан, тиэллэн кэлбититтэн улахан тутулуктаах буолар эбит. “Тыыннаах” ас буолан, түргэнник буортуйар. Холобур, сайын куйааска маҕаһыынтан дьиэҕэр аҕалыаххар диэри, аһыйан кэлиэн сөп. Оттон кыһын үүт ас аҕыйыыр.

Маннык чөчөгөйтөн оҥоһуллубут мороженай хараллар болдьоҕо – икки нэдиэлэ. Маҕаһыыҥҥа туттардаххына, түргэнник атыылана охсуон наада. Аны оҥороргор дьиэҥ итии буоллаҕына, эмиэ уустук – хас да чааһы быһа баахыла буһараҕын, сакалаатын оҥороҕун, чөчөгөйгүн эрийтэрэҕин, итиигэ ууллан, табыллыбат буолуон сөп. Биир баартыйаны оҥорорбор биэс чааһы быһа үлэлиибин.

Ол эрээри, уустуктартан өссө тэбиэһирэн, анал тымнытар суумка ылан, биир да күн тохтообокко, кэргэним өҥүрүк куйааска күҥҥэ иккитэ сакаастары тиэрдэр этэ. Онон уустук дьыала эрээри, олус интэриэһинэй.

Саамай сөхтөрөрө – дьон интэриэһэ. Ол суоҕа буоллар, баҕар, дьарыктаныам да суох этэ. Килийиэннэрим 70%-ра бастайааннай буолаллар, амтанын сөбүлээн, хос сакаастыы тураллар. Сыбаайбаларга, үбүлүөйдэргэ, төрөөбүт күннэргэ улахан торт курдук мороженайы сакаастыыр буоллулар. Дьон “тыыннаах”, “төрүт ас” суолтатын, иҥэмтиэтин, туһатын өйдүүр буолбутуттан үөрэбин. Маннык төрүт аһы ханнык баҕарар маҕаһыынтан эмиэ талан ылар буолуохтарын баҕарабын.

Күн аайы баахыла оҥорортон сылайбаккын, хал буолбаккын дуо?

— Сылайабын. Биллэн турар, үлэлээх. Оҕолорум утуйбуттарын кэннэ, үксүн түүн оҥоробун. Бырааһынньыктарга элбэх сакаас киирэр, ол кэннэ ордук сылайабын. Ол эрээри, тоҕо эрэ, буһара туран, иэйиим киирэр. Оҥоро туран, киэргэтэн баран, дуоһуйабын, астынабын. Дьон үөрэриттэн, сылаас тыллары суруйалларыттан кынаттанабын. Баҕар, ол миигин хамсатара буолуо.

Төһө да профессиональнай миксердээх, баахыла буһарар тэриллээх буолларбын, түргэнник хамсаннарбын, үөһэ эппитим курдук, 5 чаас оҥоһуллар. Дьиҥэ, күөрчэҕи оҥорору сатаабат киһи суоҕа буолуо. Ол эрээри, мин билиҥҥи түргэн тэтимнээх олоххо, солото суох хаһаайка бириэмэтин харыстыыбын. Удамыр сыанаҕа натуральнай мороженайы ылан, оҕолорун күндүлүүр, чугас дьонун үөрдэр, бырааһынньыгын киэргэтэр буоллаҕа.

Төрүт ас – айылҕа бэлэҕэ

Бэйэбит төрүт аспытын сөргүтэрбит тоҕо нааданый?

— Олохпут чаҕылхайдык көрдөрдө – билиҥҥи үйэҕэ туох барыта буолуон сөп. Кэлии-барыы тохтуон, тас дойдуттан аҕалыллар бородуукта кэлэрэ уурайыан сөп. Бэйэбитигэр барыта баар, онон олохтоох оҥорон таһаарыыны күүһүрдэн, ис ырыынагы хааччынарбытын ситиһиэххэ, оҥорон таһаарааччылары өйүөххэ наада. Дьон доруобуйатыгар туһалаах уонна экэниэмикэ өттүнэн барыстаах дии саныыбын.

Оттон натуральнай ас – айылҕа биэрэр бэлэҕэ буоллаҕа, ону сөпкө туһаныахтаахпыт. Холобур, алаастарга, сыһыыларга көҥүл мэччийэр, айылҕаҕа үүммүт күөх отунан аһыыр ынах үүтэ, этэ аан дойду үрдүнэн атыыламматын кэриэтэ. Омук сиригэр баар да буоллаҕына, “фермерскэй” диэн ааттанан, бас быстар сыаналанар, ону баайдар эрэ атыылаһаллар. Оттон биһиэхэ бу баар. Бу – биһиги дьолбут, баайбыт, кыахпыт, үүнэр көлүөнэбит доруобуйатын мэктиэтэ. Ону сатаан туһаныахпытын наада.

Төрүт ас туһата, иҥэмтиэтэ, битэмиинэ элбэх. Хиимийэлээх ас туһата суоҕун ааһан, буортулаах. Оннук аска аһара үөрэнэн хаалбыт дьон натуральнай ас амтанын сөбүлээбэт буолар эбит ээ. Тоҕо диэтэр, киһини тутулуктаах оҥорор консерваннар бааллар. Бастатан туран, оҕолорбутугар ону араара үөрэтиэхтээхпит. Оҕо аска үөрүйэхтэрин төрөппүт үөрэтэр. Оҕоҕун “кола кулута” гынаҕын дуу, эти-үүтү сииргэ, сөпкө аһыырга үөрэтэҕин дуу?

Туох эрэ туһалааҕы, үчүгэйи оҥороору…”

— Баҕа санаам – субсидия дуу, грант дуу ылан, сыахпытын кэҥэтии. Мороженай оҥорор анал тэрили ыллахха, үүтүнэн оҥоруохха сөп, оччоҕо сыаната чэпчиэ этэ. Фермердэри кытары быһаччы сибээстэһиэхпин баҕарабын. Инникитин коза, биэ үүтүттэн мороженай оҥорон көрөр баҕа баар. Бэл, кымыстан оҥоруохха сөп. Оҕолорго дэлэ туһалаах буолуо этэ дуо? Саахара суох эмиэ оҥорон көрүөххэ сөп. Ону тэҥэ, мороженай оҥорор технолог идэтигэр үөрэниэхпин баҕарабын.

Киһи 40 сааһын туолан баран, улахан толкуйга түһэр эбит. “Олоҕум аҥаара ааста, баҕа санааларбын толордум дуо?” диэн ыйытыыттан оройго бэрдэрбит курдук буолбутум. Эдэр сылдьан элбэх баҕа санаалардаах этим. Наар түбүккэ үтүрүйтэрэн, кэлин оҥоруом диэн сылдьан хаалаҕын. Бакаа кыах баарына, туох эрэ туһалааҕы, сонуну, үчүгэйи оҥорбут киһи диэн санаа миигин хамсатар. Бэйэ баҕатын олоххо киллэрии уустуктардаах эрээри, олус интэриэһинэй. Бу суолунан салгыы барар, сайыннарар санаалаахпын.

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: суруйуу дьоруойун архыыбыттан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0