“Огдообо Мэхээлэ олоҕо”. Харыстаана кэпсээннэрин хомуурунньугун ырытыы
Суруйааччы Александра Кардашевская-Харыстаана “Огдообо Мэхээлэ олоҕо” диэн отут сэттэ тэттик кэпсээннэрин хомуурунньуга ааҕааччыны сэҥээрдэр.
edersaas.ru
Манна “таптал” диэн өйдөбүл күүскэ киирэ сылдьар. Дэлэҕэ даҕаны бастакы кэпсээнин “Маайыс баҕа санаата” диэн ааттыа дуо? Тэттик кээмэйдээх кэпсээннэригэр дириҥ санаалары этэрин иһин, Харыстаананы ураты буочардаах суруйааччы диэн бэлиэтиибин. Олоххо буолбут түгэннэри ойуулаан көрдөрбүтэ табыллыбыт. Онно олоҕу олорбут уопута уонна талаана сүрүн оруолу оонньоотоҕо буолуо дии саныыбын.
Кэпсээнньит ааптардар саҥа кинигэлэрин батыһа сылдьан аахпаппын эрээри, баҕар туох эмэ сонун санаа баарын билээри, дэҥ-дэҥ атыылаһан ылан көрөбүн. Дьахтар прозата ымпыктаан-чымпыктаан толкуйдааһыҥҥа, интуицияҕа олоҕурбут дириҥ психологическай түгэннэрдээх, бэйэтэ уран-намчы тыллаах буолан, эр киһи прозатыттан туспа истииллээх буолар.
Харыстаана “Огдообо Мэхээлэ олоҕо” кинигэтин тэттик кэпсээннэригэр ааптар идиэйэтэ, киһи быһыытынан майгыта, олоҕу ураты көрүүтэ көстөр. Ону сэргэ киһи төлкөтө, ыал кыһалҕата, оҕо уонна төрөппүт сыһыана таарыллар. Хайҕыырым диэн дьахтар психологиятын бэлиэтии көрөр, киһи кыһалҕатын, ис дьылҕатын сүрдээх чараастык уонна итэҕэтиилээхтик арыйар. “Табыллыбатах сыбаайба” уонна “Бүдүрүйбүт да көнөр” диэн кэпсээннэригэр киһи олоххо сыыһа хардыыны оҥорон да баран, бэйэтэ баҕарар буоллаҕына, көнөр суолга үктэнэр кыахтаах диэн өйдөбүлү биэрэр. Оттон “Хатаска от кэмигэр”, “Тайахтаах таптал”, “Кэмбиэрдээх хаартыска”, “Иккис ойох”, “Соһуччу түгэн”, “Аймахтар” диэн кылгас кэпсээннэригэр киһи уйулҕатын хамсатар түгэннэри булан арыйар уонна сүрүн дьоруойа олоххо, үтүөҕэ талаһыытын көрдөрө сатыыр. Ити кини ситиһиитэ дии саныыбын. Традегията көстөр психологическай хабааннаах, түгэх ыра санаалаах, дьахталларга чугас тиэмэлэри бэлиэтии көрөн суруйар. Хомуурунньукка киирбит “Тайахтаах таптал”, “Бүдүрүйбүт да көнөр”, “Ийэ муҥатыйыыта”, “Туҥуй таптал умнуллубат”, “Олох салҕанар”, “Огдообо Мэхээлэ олоҕо” кэпсээннэрин сэргии аахтым. Көннөрү олоххо туох эрэ суолталааҕы булан көрөр. Дьахтар дьылҕатын таба ойуулуур. Сыыйа сайыннаран, сэһэҥҥэ ылсан үлэлиэн сөп эбит. Ааптар кэпсээннэригэр бэйэтин туспа суолун була сатыырын, олоҕу туох да киэргэтиитэ суох, хайдах баарынан көрдөрөрүн, хараҥа да өрүтү аһара хараардан, кырааскалаан кэбиспэккэ, сиэрдээхтик уонна истиҥник кэпсиирин сөбүлээтим. Ити суруйааччы киһи быһыытынан кырдьыксытын уонна көнөтүн биллэрэр. Олоҕу уратытык көрөр буолан, ааҕааччыны долгутар, харааһыннарар уонна итэҕэтэр эбит диэн түмүккэ кэллим.
Харыстаана кэпсээннэригэр итэҕэстэр да бааллар. Кини – хоһоонньут. Кэпсээҥҥэ бастакы холонуута. Биир тылы элбэхтэ хатылаан туттар. “Уордаах Огдооччуйа” диэн кэпсээҥҥэ “Кийиитэ наһаа үлэһит” диир. Ити уус-ураннык этиигэ барсыбат, судургу өйдөбүл. Аны уобараһы толору арыйарга, тылын-өһүн сытыылыырга үлэлиэн наада. Прозаны, ордук кыра кээмэйдээх кэпсээннэри суруйуу наһаа уустук. Дьиҥэр, айымньыга дьоруой олоҕун бүтүннүү кэпсээн кэбиспэккэ, түмүгүн аһаҕас хаалларан, ааҕааччыны бэйэтин толкуйдатыахха эмиэ сөп ээ. Холобур, Амма Аччыгыйа “Мотуо” кэпсээнин уол бастакы таптала Мотуо өлбүтүнэн түмүктээн бүтэрэн кэбиһэр, киһи олоҕун биир эрэ эпизодун таарыйан ааһар. “Тайахтаах таптал” кэпсээҥҥэ Арамаан Уйбаанабыс диэн аҕыс уончатыгар чугаһаабыт киһи эрээри, урут кэргэннэнэ сылдьыбатах култуура үлэһитэ дьахтары биирдэ көрөөт, “дьолбор көстүбүт киһим” диирэ кинилэр сыһыаннарын дарбатыы курдук. Ити курдук, түгэннэри тупсаран биэриэн, баар итэҕэстэрин көннөрөргө үлэлиэн наада. Хайдах эрэ бэйэтэ туспа киинэ сериалга барсыах драматическай түгэннэри булан ойуулуур. Кэпсээннэрин сюжеттара интэриэһинэйдэр. Ити чааһынан интрига баар…
Уйбаан Ойуур – прозаик,
Арассыыйа Суруйааччыларын
сойууһун чилиэнэ,
СӨ Бэчээтин уонна Култууратын туйгуна.
ЫСПЫРААПКА
Кардашевская Александра Николаевна — Харыстаана
1947 сыллаахха олунньу 13 күнүгэр Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Тараҕай нэһилиэгэр төрөөбүтэ.
2006 сылтан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ.
2008 сылтан РФ Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ.
Хоһоонньут быһыытынан Өлүөнэ Эбэтин, айылҕаны, тапталы хоһуйар. Кэпсээннэригэр олоххо буолбут түгэннэри итэҕэтиилээхтик ойуулуур.
СӨ култууратын туйгуна. Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Холгума нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо.