Офтальмолог-быраастар улуустарга үлэлиэхтэрэ

Бөлөххө киир:

Офтальмология өрөспүүбүлүкэтээҕи килиниичэскэй балыыһатын  хирург-офтальмологтара  улуустарга тиийэн, катарактаны суох оҥорорго  эпэрээссийэлэри оҥоруохтара.

Мэдиссиинискэй десант сотору Бүлүү бөлөх улуустарыгар -– Сунтаарга, Бүлүүгэ, Үөһээ Бүлүүгэ уонна Ньурбаҕа барыаҕа.
«Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев сорудаҕынан кулун тутар 14-27 күннэригэр кэккэ оройуоннарга биһиги балыыһабыт офтальмология-хирургия биригээдэтэ баран үлэлиэҕэ. Онон, түөрт улуус олохтоохторо Дьокуускайга кэлбэккэ эрэ катарактаны эпэрээссийэлэтэр кыахтаныахтара. Эпэрээссийэлэр бары босхо оҥоһуллаллар.Факоэмульсификация ньыматынан харахха катарактаны эпэрээссийэлээһин кыра хайаҕаһынан сиигэ суох оҥоһуллар. Көһө сылдьар биригээдэ үлэтин Сунтаар улууһуттан саҕалаан баран, Бүлүү улууһунан түмүктүөҕэ», -– диэн офтальмология килиниичэскэй балыыһатын кылаабынай бырааһа Иван Луцкан иһитиннэрдэ.
Куорат быраастарыгар көрдөрөргө олорор сиргинэн  — офтальмолог-бырааска, онтон Ньурба уонна Сунтаар олохтоохторо офтальмология килииничэскэй балыыһатын салааларыгар кэлиэхтэрин  наада. Эпэрээссийэҕэ бэлэмнэнии барыта миэстэтигэр ыытыллар.
Онтон кулун тутар бүтүүтэ-муус устар саҥата офтальмолог-хирурдар —  Алдаҥҥа уонна Нерюнгрига, муус устар ортотугар -– Өлөөҥҥө, муус устар бүтүүтэ Үөһээ Дьааҥы улууһугар бараллара былааннанар.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0