ОДьКХ өҥөтүгэр субсидияны «Госуслуги» нөҥүө ылыахха сөп

Ааптар: 
24.03.2022
Бөлөххө киир:

Судаарыстыба биэрэр өҥөлөрүн барытын толору туһанар сыалтан аныгы киһи киэҥ билиилээх уонна туох уларыйыылар баалларын барытын билэ сылдьар буолуохтаах. Арассыыйа социальнай судаарыстыба, ол иһин гражданнарын араас чэпчэтиилэринэн өйүүр, төлөбүрдэринэн көмөлөһөр.

Биир ордук суолталаах, күннээҕи олоҕу биллэрдик чэпчэтэр аналлаах өйүүр миэрэнэн ОДьКХ өҥөлөрүн толуйар субсидия буолар. Ханнык эрэ дьиэ кэргэн ыйдааҕы дохуота сокуонунан бигэргэммит таһымтан намыһах буоллаҕына, судаарыстыбаттан субсидия ылар бырааптаах.

Бу быраабынан туһанарга пааспардарыгар олохтоох дьон буолалларын дакаастыыр регистрациялаах буолуохтаахтар. 

 

Дойдубут дьонун үс гыммыт иккитэ Госуслуги порталга баар

Дьон үксэ ханнык түгэҥҥэ судаа­рыстыбаттан өйөбүл ылар быраап­тааҕын бэркэ диэн билэр. Оттон ылыах­таах төлөбүрдэрин ыларга сайабылыанньаны Госуслуги портал нөҥүө толоруохха сөбүн дьон барыта билбэт эбит. Дьиҥэр, тиһэх көрдөрүүлэр этэллэринэн, Госуслуга порталыгар Арассыыйа олохтоохторун үс гыммыт иккитэ бу порталга регистрацияны ааспыт эбит. Ол курдук, 2022 сыл олунньутун саҥатыгар бу порталга 93 мөлү­йүөн туһа­нааччы – ол эбэтэр дойду нэһилиэнньэтин 64% бигэргэммит аккауну Госуслугаҕа оҥостубут. 2021 сыл саҕаланыаҕыттан порталга 11 мөлүйүн киһи эбиллибит. Туһанааччы ах­­саана бу курдук түргэнник тоҕо эбиллибитэ өйдөнөр – портал нөҥүө судаарыстыба биэрэр өҥөлөрүнэн бэрт түргэнник туһаныахха сөп. Арассыыйа Сыыппара сайдыытыгар ми­­нистиэристибэтэ этэринэн, ааспыт сыл эрэ иһигэр порталга 170 федеральнай, эрэгийиэннээҕи уонна муниципальнай өҥөлөр эбии баар буолбуттар.

Ким дьиэни  хааччыйыы субсидиятын ылар бырааптааҕый?

Бу субсидияҕа хапсар кыахтаах гражданнар ис­­пииһэктэрэ балачча киэҥ. Өҥөнү ылар бырааптаах дьонунан су­­даарыстыбыннай сулууспалаах, бүддьүөттэн хамнастанар үлэһиттэр, тыа сиригэр көспүт исписэлиистэр, инбэлииттэр уонна сэрии кыттыылаахтара, ону тэҥэ кинилэр дьиэ кэргэттэрэ, көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕолор буолуохтарын сөп.

ОДьКХ субсидиятын портал нөҥүө хайдах ылабыт?

“Госуслуги” нөҥүө субсидия докумуоннарын толорор туһугар, биллэн турар, бас­­таан порталга регистрацияны ааһыахтааххыт. Бу күҥҥэ диэри тоҕо эрэ регистрациялана илик буоллаххытына – оҥостуҥ, олох араас түгэннэригэр туһалаах ньыма буолара саарбаҕа суох. Интириниэт ситимигэр www.gosuslugi.ru саайты булан анал формалары толорон “бигэргэммит” статустаныахтааххыт.

Ол кэнниттэн:

  1. Туох баар туһаныллыахтаах докумуоннары электроннай көрүҥүнэн бэлэмнээҥ.
  2. «Госуслуги» порталга тус кэбиниэккитигэр киириҥ (www.gosuslugi.ru). ОДьКХ төлөбүрүгэр субсидия ыларга сайабылыанньа суруйарга бу ссылкаҕа киирэҕит «Предоставление гражданам субсидий на оплату жилого помещения и коммунальных услуг»
  3. ОДьКХ төлөбүрүн толу­йар компенсация ыларга са­­йабылыанньаны бу ссылкаҕа киирэн «Предоставление отдельным категориям граждан компенсаций расходов на оплату жилого помещения и коммунальных услуг» угаҕыт.
  4. Арыллыбыт страницаҕа бэриллиэхтээх доку­муоннар испииһэктэрэ тахсыа, ону кичэйэн үөрэтиҥ. Ол кэнниттэн «Получить услугу» диэн сыылканы баттаан са­­йабылыанньаны биэриини саҕалыыгыт
  5. Бу кэнниттэн арыллар ссылкаларынан батыһан биир-биир дааннайдаргытын толороҕут, ирдэнэр файллары портал иһигэр угаҕыт.
  6. Сотору кэминэн эһиги сайабылыанньаҕыт регистрацияны ааспытын туһунан сурук кэлиэҕэ, ол кэнниттэн бы­­һаарыы түмүгү күүтэҕит. Исписэлиистэр туох эрэ ыйытыылаах буоллахтарына, ыйбыт нүөмэргитигэр эри­йэн эбии туоһулаһыахтара. Сайаапкаҕыт 10 күн иһигэр көрүллэр. Быһаарыы түмүгэ Госулуги порталга эһиги тус кэбиниэккитигэр кэлиэҕэ.

«Госуслуги» олохпутун тупсарыыга сүүнэ улахан хардыы буолбутун бэрт соторутааҕыта эрэ араас ыспы­раапкалары, кумааҕылары сырсан түбүгүрбүт дьон бэркэ диэн өйдүүллэр. Уһун уочараттаах “түннүктэргэ”, уон араас сиринэн ыһыллыбыт хонтуораларга хас да күнү, он­­нооҕор нэдиэлэлэри сүтэрэрбит. Билигин, МФЦ уонна “Госуслуги” портал баар ­буолбуттарын кэнниттэн урукку эрэйдээх түбүктэр аҕыйаатылар эбэтэр букатын да сүттүлэр. Оттон дойдуга мөлү­йүөнүнэн үлэ чааһын экэ­ниэмийэлээбит, аныгы технологиялар хайдах олох хаа­чыстыбатын тупсаралларын туоһулуур үтүө холобур ­буолла.

«Саха сирэ» хаһыат

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0