ОДьКХ өҥөтүгэр нэһилиэнньэ 5,7 миллиард солкуобай иэстээх

Бөлөххө киир:

Госдума  дьокутаата Василий Власов коронавирус харантыынын кэмигэр нэһилиэнньэни ОДьКХ төлөбүрүттэн босхолуурга  РФ Тутууга министиэристибэтин көрүүтүгэр тус этиитин ыыппыта.

Коронавирус кэмигэр дьон дохуотун сүтэрэр, дьиэҕэ олорон уокка онтон да атын хомунаалынай өҥөҕө ороскуота үрдүүр, онон маннык ыарахан кэмҥэ ОДьКХ төлөбүрүттэн быстах кэмҥэ босхолуур  оруннаах  диэн быһаарбыт кини.

Өскөтүн дьокутаат этиитин Госдумаҕа өйөөтөхтөрүнэ, ол тугунан эргийэн тахсыан сөбүн СӨ ОДьКХ уонна энэргиэтикэ министиэристибэтигэр бу курдук быһааран биэрдилэр:

— Харантыын кэмигэр нэһилиэнньэни хомунаалынай өҥө төлөбүрүттэн босхолоотоххо, уотунан, уунан, сылааһынан хааччыйар тэрилтэлэр дохуоттарын сүтэриэхтэрэ. Ол оттук тиэйиитигэр, хамнас, нолуок төлөөһүнүгэр быһаччы дьайыа уонна хомунаалынай өҥөнү туһанааччылар иэстэрэ мунньуллан иһиэ.

Уһук Хоту дойду тымныы тыйыс усулуобуйатыгар нэһилиэнньэ нус-хас олоҕун хааччыйар ситим эрэллээх үлэтин хааччыйарга, инвестиционнай бырагырааманы толорорго, өрөмүөн оҥорорго барытыгар охсуо. Дохуот кыччыыра оттукка бэлэмнэниигэ эмиэ сабыдыаллыа, — диэн иһитиннэрдилэр тустаах биэдимистибэҕэ.

Күн бүгүн нэһилиэнньэ ОДьКХ өҥөтүгэр 5,7 миллиард солкуобай иэстээх олорор. Дьиэ кэргэн уопсай дохуотуттан ОДЬКХ төлөбүрэ 15% куоһарар түгэнигэр субсидия көрүллэр.

Субсидия оҥотторорго докумуоннары СӨ «Субсидия ааҕыныстыбатыгар», итиэннэ судаарыстыбаннай уонна муниципальнай өҥө эрэгийиэннээҕи порталыгар www.e-yakutia.ru биэриэххэ сөп.

Хаартыска: ria.ru

Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0