Кыһыммыт сыыйа-баайа тымныы тыынын биллэрэн эрэр. Онон өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо тымныы ытарчатыгар хам ылларбакка, сылаас дьиэҕэ олороллорун туһугар хачыгаардар күнүстэри-түүннэри хочуолунайга хачыгырыйан тахсаллар. Хомойуох иһин, «Олох-дьаһах, коммунальнай хаһаайыстыба» ГУП үлэһиттэрин хамнаска иэһэ хас да сүүс мөлүйүөн солкуобайынан ааҕыллар.
Билигин сорох тэрилтэ салайааччылара харчыларын атын сыалга туттан баран, кириисиһинэн сирэйдэнэн, үлэһиттэр хамнастарын хойутаан биэрэр идэлэннилэр. Борокуратуура уорганын чахчыларынан, өрөспүүбүлүкэ 9,4 тыһыынча кэриҥэ үлэһиттээх биир бөдөҥ коммунальнай тэрилтэтэ – «ОДьКХ» ГУП (26 муниципальнай тэриллиини уонна 337 нэһилиэнньэлээх пууннары итиинэн хааччыйар) үлэһиттэригэр иэһэ-күүһэ соһуллан, сэтинньи 16 күнүнээҕи туругунан, 310,9 мөл. солк. ааҕыллар. Бу баһаам харчы. Барыллаан ааҕыынан, тэрилтэ хамнаска ыйдааҕы фондата 300 мөл. солк. Тэрилтэ бу сайын эмиэ хамнаска иэстээх этэ. 80 мөл. солк. харчыны төлөөбөккө олорбута. Уматыгы тиэйиигэ-таһыыга харчыларын ороскуоттаабыттарын туһунан борокуратуура уорганнарыгар отчуоттаабыттара. Дьиҥэр, хамнас фондата уонна үлэни ыытыы ороскуоттарын ыстатыйалара тус-туһунаннар. Онон, салайааччы дьалаҕай, сыыһа быһаарыныытыттан үлэһит эмсэҕэлиэ суохтаах.
Россия үрдүнэн коммунальнай хаһаайыстыба кыһалҕата сытыытык турар буолан, ороскуотун судаарыстыба толуйар. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит бүддьүөтүттэн доруобуйа харыстабылынааҕар, социальнай көмүскэллээҕэр, тыа хаһаайыстыбатынааҕар ордук элбэх үбүлээһин коммунальнай хаһаайыстыбаҕа тыырыллар.
Кэлиҥҥи сылларга «ОДьКХ» ГУП Европатааҕы баан көмөтүнэн хочуолунайдары тутууга, ититии ситимнэрин саҥардыыга киэҥ далааһыннаах үлэни ыытта.
Ааспыт нэдиэлэҕэ тэрилтэ генеральнай дириэктэрэ Александр Ноговицын суруналыыстары кытары көрсүһүү кэмигэр, Европатааҕы баантан ылбыт кирэдьииттэрин суотугар өрөспүүбүлүкэҕэ 18 саҥа хочуолунай тутуллубутун итиэннэ 15 эбийиэк саҥардыллыбытын, 22 килэмиэтир уһуннаах магистральнай ситимнэр тутуллубуттарын туһунан иһитиннэрбитэ. Маны таһынан хочуоллар, носуостар, ППУ-изоляцияҕа анаан турбалар уонна да атын матырыйааллар атыылаһыллыбыттар. 64 мөл. солк. суумалаах матырыйаалы Чурапчы, Мэҥэ Хаҥалас нэһилиэнньэлээх пууннарын гаастааһыҥҥа ыыппыттар.
Судаарыстыбаннай тэрилтэ 2001 сылтан саҕалаан Европатааҕы бааны кытары ыкса үлэлээн, бүгүҥҥү туругунан, 4 млрд солк. суумалаах кирэдьиитинэн туһанар. Бастакы кирэдьииттэрин 2006 сыллаахха ахсынньыга 15 сыл болдьохтоон 1 млрд солк ылбыттар (2006 сыллаахха ахсынньыга доллар кууруһа 26 солк. 29 харчыга тэҥнэһэрэ. Онтон бүгүн 63 солк. 63 харчыга тиийдэ).
Кирэдьииттэринэн 2011 сыллаахха Эдьигээн улууһугар 20 МВт кыамталаах «Эдьигээн» хочуолунайы тутан үлэҕэ киллэрбиттэр. 2013 сыллаахха Орто Халымаҕа «Южнай» хочуолунайы туталлар.
2012 сыллаахха Европатааҕы бааны кытары 3 млрд солк. суумаҕа иккис сөбүлэһии түһэрсэллэр. Онон 20 хочуолунайы таас чох оттукка көһөрөллөр уонна 16 хочуолунайы тутан үлэлэтэллэрин таһынан, 14-дү саҥардан биэрэллэр.
Кырдьык, коммунальнай хаһаайыстыба салаатыгар улахан хамсааһын тахсар. Ол эрээри, бу иэс хаһан эмит төннөрүллүөхтээх. Бу иэһи дьэ ким төлүүр?
Иллэрээ күн, Ил Түмэн бүддьүөккэ, үпкэ, нолуок, сыана бэлиитикэтигэр, бас билии уонна приватизация сис кэмитиэтэ тэрийэн ыыппыт мунньаҕар «АЛРОСА-Ньурба» ААУо акцияларын солуок ууруу тула кэпсэтиигэ мөккүөр таҕыста. Ити боппуруоһу «ОДьКХ» ГУП генеральнай дириэктэрэ Александр Ноговицын көтөхпүт.
Манна даҕатан эттэххэ, бэҕэһээ Ил Дархан Егор Борисов үгэс буолбут бэйэтин Анал этиитин иннигэр Ил Түмэн сис кэмитиэттэрин бэрэссэдээтэллэрин уонна фракциялар салайааччыларын кытта көрсөн, өрөспүүбүлүкэ социально-экономическай сайдыытын, бүддьүөт тыырыллыытын дьүүллэстэ. Манна «АЛРОСА-Ньурба» акцияларын туһунан эмиэ кэпсэттилэр. Тоҕо итинник быһыы-майгы үөскээбитин чуолкайдастылар. Дьокутааттар уопсай хайысха сөптөөҕүн ыйдылар уонна ити боппуруоһу политика оонньуутугар кубулуппакка, биир сүбэнэн быһаарсарга сөбүлэстилэр.
Акция солуок уурулларын утарабын
Владимир Прокопьев, Ил Түмэн сир сыһыаннаһыыларыгар, айылҕа ресурсаларыгар уонна экологияҕа сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ:
– Соһуччу соҕус этиини киллэрбиттэр. «ОДьКХ» ГУП иэһин-күүһүн сабарга акцияны солуок быһыытынан уурарга диэн быһыылаах. Бу тэрилтэ араас источниктартан туһанан, ол иһигэр Европатааҕы баантан кирэдьиит ылан, элбэх үлэни ыытта. Өрөспүүбүлүкэ коммунальнай хаһаайыстыбата кэлиҥҥи 15 сылга лаппа тубуста. Саҥардыы үлэтэ күүскэ барда. Онон бэйэтин миссиятын толордо. Кирэдьиити урут ылбыт буолан, валюта кууруһа уларыйбытыгар, «ОДьКХ» ГУП буруйа суох. Ол гынан баран, «АЛРОСА-Ньурба» акцияларын солуок быһыытынан уурары сыыһа диэн ааҕабын. Дьиҥэр, мантан атын механизмнары тобулан, урукку иэстэн-күүстэн төлөрүйүөххэ баара дии саныыбын.
Боппуруоһу кэмитиэт быһаарыа суохтаах
Айдааннаах мунньах кэнниттэн (сэтинньи 23 күнүгэр кэпсэттибит) туһааннаах боппуруоһу чопчулууругар Ил Түмэн бүддьүөккэ, үпкэ, нолуок, сыана бэлиитикэтигэр, бас билии уонна приватизация сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Юрий Николаевтан көрдөспүппүтүгэр, маннык хардарда:
– СӨ бырабыыталыстыбата бэйэтин боломуочуйатынан 2017 – 2019 сылларга өрөспүүбүлүкэ тэрилтэлэрин приватизациялааһын былаанын барылын киллэрбитэ. Ил Түмэн бүддьүөккэ, үпкэ, нолуок, сыана бэлиитикэтигэр, бас билии уонна приватизация сис кэмитиэтигэр ыытыллыбыт мунньах иннинэ, «АЛРОСА-Ньурба» ААУо судаарыстыба бас билиитигэр сылдьар акцияларын 10%-нын приватизациялааһын былаанын барылыгар киллэрии туһунан этии кэккэ дьокутааттартан киирбитэ. Ону кэмитиэт мунньаҕар көрдүбүт. Мунньах кэмигэр бырабыыталыстыба ити киириэхтээх көннөрүүлэри өйөөтө. Арааһа, эрдэттэн быһаарыллыбыт боппуруос быһыылаах. Кинилэр өрөспүүбүлүкэҕэ солуок фондата (залоговый фонд) баар буолуохтаҕын туруорсаллар.
«АЛРОСА-Ньурба» акцияларын солуок ууран баран, солуок фондатыттан өрөспүүбүлүкэҕэ баар кыһалҕалары быһаарыахтаахтарын этэллэр. Бастатан туран, «ОДьКХ» ГУП иэһин-күүһүн сабыыга. Бүгүҥҥү туругунан бу тэрилтэ атаҕар турарыгар 7 млрд солк. наадатын ыйдылар. Ол эрээри кумааҕыга бу сыыппара киирэ илик. Маны таһынан, «Якутия» авиа-хампаанньаҕа 5 млрд солк. көмө наадатын эттилэр.
Биир өттүнэн ыллахха, бу быһа атыылааһын буолбатах. Биэс сылга солуок барыахтаах. Ол эрээри биэс сылга солуок сыппыт акция сатаан атыыга барбат. Ити биирэ. Киһи сэрэнэрэ диэн баар, бу кирэдьиит кыайан төннөр кыаҕа суох буоллаҕына, бу солуок быһаччы бааҥҥа барар. Ол аата ити акциялары биһиги сатаан төннөрбөппүт.
Аны ити 7 млрд солк. «ОДьКХ» ГУП-ка биэрдэхпитинэ, тута барыстаах үлэлиир тэрилтэҕэ кубулуйара саарбах. Оччотугар харчыбыт төннүбэттии барар. Онон бу ыытыллыбыт мунньахха улахан кэпсэтии, мөккүөр тахсыбыта. Ол гынан баран, Ил Түмэн быраапка управлениета мунньах кэнниттэн маннык быһаарыы таһаарда. Ити 10%-наах бакыаппыт 2 мөл. солк. эбит. Оттон 100% акция номинальнай сыаната 20 мөл. солк. (урукку оҥоһуллубут сыаната). Приватизация сокуонунан, 100 мөл. солк. үөһээ сыаналаах акциялар Ил Түмэн көрүүтүгэр киириэхтээхтэр. 100 мөл. солк. диэри суумалааҕы бырабыыталыстыба бэйэтэ быһаарар. Онон ити боппуруос биһиги кэмитиэппитигэр сыыһа көрүллүбүт.
Анивера АКИМОВА.
Хаартыскалар Ил Түмэн интернет сайтыттан.
Ыспыраапка:
1994 сыллаахха аан бастаан «АЛРОСА»-ны кытары Ньурба улууһа сөбүлэһиигэ илии баттаабыта. Ол сөбүлэһиигэ хампаанньа улууска көмөлөһүөхтээҕэ, тэрилтэ тэриллиэхтээҕэ, каадыры бэлэмнээһин боппуруостара ыйыллыбыттара. 1997 сыллаахха иккис сөбүлэһии түһэрсэн, «АЛРОСА-Ньурба» тэрилтэ үөскээн, 10% акция улууска тиксибитэ. 2002 сыллаахха олохтоох салайыныыга көһөн, улуус бас билиитигэр сылдьыбыт акциялар өрөспүүбүлүкэ бас билиитигэр бэриллибиттэрэ. «АЛРОСА-Ньурба» 90 % акциятын АЛРОСА бас билэр. Үлэтин-хамнаһын кини сүрүннүүр.