Киэҥ нэлэмэн Сахабыт сиригэр успуорду, чөл олоҕу дьиэ кэргэнинэн өрө тутар, үүнэр көлүөнэни бэйэлэрин холобурдарынан иитэр ыал элбээн иһэрэ үөрдэр. Биир оннук үтүө холобур буолар ыалынан Хаҥалас улууһун Дьөппөн сэлиэнньэтин олохтоохторо, эдэр учууталлар Очиржап уонна Надежда Очиржаповтар — Россия доҕордуу норуоттарын дьиэ кэргэннэрэ буолар.
Дьиэ кэргэн аҕа баһылыга Очиржап Бурятия өрөспүүбүлүкэтигэр Бичурскай оройуон Шанага сэлиэнньэтигэр күн сирин көрбүт. Төрөөбүт дойдутугар уон биирис кылааһы бүтэрэн баран, дьиэ кэргэнин быһаарыныытынан Дьокуускайга көһөн кэлбит. Саха сиригэр кэлэн үөрэххэ туттарсан, Дьокуускайдааҕы педкэллиэскэ физкултуура учууталын идэтигэр киирэн устудьуон аатын сүгэр.
Алаһа дьиэ далбар хотуна Надежда Хаҥалас улууһун Дьөппөн нэһилиэгэр күн сирин көрбүт. Күн күбэй ийэтэ Анна Егоровна Алексеева икки оҕотун — Надежданы уонна быраатын соҕотох көрөн улаатыннаран, атахтарыгар туруорар. Надежда оскуоланы бүтэрээт, Дьокуускайдааҕы педкэллиэскэ туттарсан математика учууталын идэтигэр үөрэнэ киирэр.
Эдэр дьон дьылҕалара тардан, педкэллиэскэ үөрэнэ сылдьан сүрэхтэринэн сөбүлэһэн, икки сыл доҕордоһон, бэйэлэрин билсэн олохторун суолун холбуурга быһаарыналлар. 2011 сыллаахха от ыйыгар аал уоту оттон, алаһа дьиэни тэринэн ыал буолаллар.
Эдэр ыал 2012 сыл тохсунньутугар улахан кыыстара Санаайа күн сирин көрбүтэ, онно аан бастаан ийэ, аҕа буолар дьол үөрүүтүн билбиттэрэ. Элбэх оҕолоох ыал улахан оҕото Санаайа — дьоһун киһи, билиигэ-көрүүгэ тардыһыылаах, тулуурдаах. Быйыл үһүс кылааһы туйгуннук үөрэнэн бүтэрбит. Үөрэҕин таһынан кыра эрдэҕиттэн ыллыыр, үҥкүүлүүр дьоҕурдаах, онуоха успуорт кэккэ көрүҥнэригэр эмиэ дьулуурдаах. Үөрэх даҕаны, талаан даҕаны, успуорт даҕаны өттүнэн барытыгар көхтөөҕүн төрөппүттэрэ бэлиэтииллэр.
2015 с иккис кыысчааннара Айлаана күн сирин көрбүт. Оҕо уһуйаанын бүтэрэн , аны күһүн оскуола боруогун атыллаан үөрэнээччи аатын сүгэргэ бэлэмнэнэр. Икки сааһыттан эдьиийин үтүктэн үҥкүүлүүр буолбут. Онтон устунан уус-уран гимнастиканы интэриэһиргээн, ютубунан көрөн бэйэтэ үөрэнэ сатыырын төрөппүттэрэ бэлиэтээннэр, кыралаан дьарыктаан барбыттар. Түөрт сааһын туолбутун кэннэ уус-уран гимнастика тириэньэрэ Тамара Еремеевна Борисованы кытары кэпсэтэн, сүбэлэтэн, дьиэҕэ сорудахтарынан дьарыктыыр буолбуттар. «Гимнастикаҕа Дьөппөнтөн Покровскай куоракка дьарыктана барар, дьарыкка Айлаананы эбээбит-кэргэним ийэтэ Анна Егоровна Алексеева таһар. Оҕобут номнуо кэккэ ситиһиилэрдээх»,- диэн Очиржап ийэ кынныгар махтана, оҕотунан киэн тутта кэпсиир. Айлаана оскуолаҕа саҥа киирэр эрээри, номнуо улахан ситиһиилэрдээх эбит. Ол курдук уус-уран гимнастика көрүҥүгэр Москваҕа иккитэ, Новосибирскайга күрэхтэһэн бастакы миэстэ буолбута, Казаньҥа ситиһиилээхтик кыттыбыта.
2020 сыллаахха аҕатыттан биир күнүнэн быысаһан күүтүүлээх-кэтэһиилээх уол оҕолоро күн сирин көрбүт. Аҕатын аатын ааттатар, туйаҕын хатарар уол оҕолорун Арсалан диэн ааттаабыттар. Арсалан — бүрээт тылыттан хахай диэн тылбаастанар эбит.
Очиржап Дьокуускай куоракка 3-с нүөмэрдээх Оҕо успуордун оскуолатыгар дьарыктана сылдьан, 2011 сыллаахха Аҕа дойдутугар ытык иэһин төлүү аармыйаҕа сулууспалыы барар. Төннөн кэлэн баран үлэ көстүбэккэ, Надежда төрөөбүт дойдутугар Хаҥалас улууһун I Дьөппөн нэһилиэгэр көһөллөр. Очиржап педкэллиэс кэнниттэн 2015-2019 сылларга Чурапчытааҕы физкултуура уонна успуорт институтун кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрбит. Дьөппөҥҥө кэлэн иккиэн оскуолаҕа учууталлаан саҕалыыллар. Билигин Очиржаповтар Хаҥалас улууһун Тиит Эбэ сэлиэнньэтин бастакы Дьөппөннөөҕү орто оскуолатыгар үүнэр көлүөнэни билиигэ уһуйар учууталынан үлэлииллэр. Надежда — математика учуутала, оттон Очиржап — физкултуура.
Ыал аҕата Очиржап бэйэтин өйдүүр буолуоҕуттан успуордунан дарыктанарын бэлиэтиир. Ордук хапсаҕайынан дьарыктанар, оҕо эрдэҕиттэн футболу сөбүлээн оонньуур. Хапсаҕайга өрөспүүбүлүкэ турнирдарын кыайыылааҕа, СӨ успуордун маастара. Саамай ситиһиилээхтик өрөспүүбүлүкэ хапсаҕайга чөмпүйэнээтигэр кыайбытын ааттыыр.
— Бурятияҕа Сурхарбан диэн Ыһыахха майгынныыр бырааһынньыктаахпыт, онно бүрээт тустуутугар өрүү күрэхтэһэрим. Бүрээт төрүт тустуута хапсаҕайга майгынныыр быраабылалаах, онон хапсаҕай — миэхэ саҥа көрүҥ буолбатах курдук. Дьокуускайга 3-с нүөмэрдээх оҕо успуордун оскуолатыгар дьарыктаммытым. Күрэхтэһиилэргэ кыттабын. Саамай улахан ситиһиилээх күрэхтэһиим — 2018 сыллаахха хапсаҕайга өрөспүүбүлүкэ чөмпүйэнээтигэр 70 киилэҕэ диэри ыйааһыннаахтарга муҥутуур чөмпүйүөн буолбутум, хапсаҕайга Саха Өрөспүүбүлүкэтин успуордун маастарын толорбутум, — диэн хапсаҕайдыырын туһунан кэпсиир.
Очиржап учууталлыы сылдьан Хаҥалас улууһун футболга сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирэр. Ол туһунан маннык сэһэргиир:
— Футболу олус сөбүлүүбүн. Бэйэбин өйдүүр буолуохпуттан футболлуубун. Оҕо сылдьан суолга, тэлгэһэҕэ футболлуурбут, ол сылдьан төһөлөөх түннүгү, мээчиги алдьаппыппыт буолуой?! Дьөппөҥҥө үлэлии кэлбиппэр оскуола дириэктэринэн Григорий Иннокентьевич Тарскай үлэлии сылдьар этэ. Григорий Иннокентьевич бэйэтэ физкультура салаатыгар футбол учууталын идэтин бүтэрбит буолан, тута биир тылы булбуппут, бииргэ дьарыктанар этибит. Ол саҕана манна улууска футболга улуус чөмпүйэнээтэ буолбута. Олус сэргэх, интэриэһинэй этэ. Хас өрөбүл ахсын баран оонньуурбут. Хаҥалас улууһун сүүмэрдэммит хамаандатыгар оонньообутум, өрөспүүбүлүкэҕэ миэстэлэспиппит. Дьокуускай чөмпүйэнээтигэр, үрдүкү лигаҕа бастакы, үһүс лигаларга оонньоон турабыт.
Успуорт бары көрүҥүгэр футбол улахан туһалаах, туох хайа иннинэ киһиэхэ координацияны, тулууру, сылбырҕа буолары сайыннарар, ону тэҥэ биллэн турар түргэнник толкуйдуур дьоҕуру уһугуннарар,- диэн этэн туран успуордунан дьарыктанарга ыҥырар.
Очиржап учуутал быһыытынан үөрэнээччилэригэр успуортка тапталы иҥэрэр. Үөрэнээччилэрин утумнаахтык дьарыктыыр, успуортка сыһыарарга дьулуһар, успуорт киһи олоҕор, туох хайа иннинэ бөҕө доруобуйаны,олоххо дьулууру мэктиэлиирин туһунан бэйэтин холобуругар олоҕуран кэпсиир:
— Бэйэм уопуппар олоҕурдахпына успуорт киһини бары өттүнэн күүскэ сайыннарар. Олус элбэх доҕордоноҕун уонна сыалы ситиһэ үөрэнии, доруобай күрэстэһии, киһи майгытын хаачыстыбалара олус күүскэ сайдаллар. Биһиги кэммитигэр билиҥҥи курдук успуордунан дьарыктанарга үчүгэй усулуобуйа суоҕа. Ол саҕана, оҕо эрдэхпиттэн успуордунан идэтийэн дьарыктамматахпыттан, хойутаан саҕалаабыппыттан, билигин олус сонньуйабын. Үөрэнээччилэрим улаатан баран, оннук кэмсиммэттэрин гына, успуордунан дьарыктанан чөл олохтоох, чэгиэн доруобуйалаах дьон буолан тахсалларын ситиһэ сатыыбын, — диир физкультура учуутала Очиржап Очиржапов.
Дьиэ кэргэн далбар хотуна Надежда волейболлуур. Оҕо эрдэҕиттэн дуобакка дьарыктанан, нуучча дуобатыгар иккис спортивнай разряды толорбут. Билигин улуус күрэхтэһиилэригэр, спартакиадаларга оонньоон миэстэлэһэр. Ону тэҥэ Надежда оҕуруонан араас сиэдэрэй киэргэллэри тиһэн сакааска оҥорор.
Кыргыттара ийэлээх аҕалара успуортка көхтөөхтөрүн кыраларыттан көрө улааталлар. Төрөппүттэр күрэхтэһиигэ бардахтарына мэлдьи кыайан-хотон, миэстэлэһэн мэтээллээх кэлэллэрин өйдүүллэр, кыайыыга дьулуурдаахтар, ордук кыра кыыс Айлаана.
— Оҕо төрөппүт холобуругар улаатар. Айлаана түөрт саастааҕар күрэхтэһэ баран эрэрин билэрэ, күрэхтэһиигэ хайаан даҕаны кыайыахтаахпын, оччоҕуна мэтээл ылыахтаахпын диэн өйдүүрэ. Тириэньэрэ үөрэтэрин, такайарын болҕомтолоохтук истэр, дьиэтээҕи сорудаҕын дьаныһан толорор, дьарыгар эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһар.
Төрөппүт оҕотун успуортка эрэ буолбакка, ханнык эмэ атын хайысхаҕа сайыннарыан баҕарар буоллаҕына, ол хайысхаҕа бэйэтин сыһыанын тус холобурунан көрдөрүөн наада дии саныыбын.
Дьөппөҥҥө олорорбутун сөбүлүүбүт, нэһилиэнньэ дьоно-сэргэтэ олус түмсүүлээхтэр, эйэлээхтэр. Ыччат успуорка көхтөөх. Нэһилиэкпит аҕа баһылыга Дмитрий Дмитрьевич Варламов успуорду өрө тутар, усулуобуйаны тэрийэр, барытыгар өйүүр буолан, дойдубутугар олорор үлэлиир, успуорду чөл олоҕу сайыннарар баҕа санаабыт күнтэн күн өссө күүһүрэр, өссө улаатар, — диэн дьиэ кэргэн аҕата, учуутал, спортсмен Очиржап Очиржапов кэпсэтиибитин түмүктүүр.
Очиржаповтарга үрдүк ситиһиини, кыайыыны-хотууну баҕара хаалабыт.
Надежда Ильина, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru