Общественник Роман Обутовка үбүнэн көмөлөһүөххэ!

17.03.2017
Бөлөххө киир:

Үлэлээбэт пенсионер Роман Обутов аармыйа сылдьан дэҥнэммит, оһолломмут саха уолаттарыгар көмөлөспүтэ элбэх. Ону уолаттар төрөппүттэрэ бигэргэтиэхтэрэ.

 “Саха сирэ” хаһыат редакциятын кытары ыкса үлэлэһэр киһибит үпкэ олус кыпчыйтарар.

Прокопий Бубякин, https://edersaas.ru

Бүтэһик ситиһиитэ —  Туваҕа баран кэллэ. Тувинецтар кытта киниэхэ наадыйаллар. Тааҥка иһигэр  боеприпас эстиитигэр умайан инбэлиит буолбут тувинец уол Чаян туһугар сууттаһан кыайан кэллэ. Оборона министиэристибэтиттэн үп бэрдэрэри, пенсия аныыры ситистэ.

Бу Роман Михайловиһыҥ  аармыйаҕа сулууспалыы сылдьан инбэлиит, ыарыһах буолбут уолаттарга уонна аармыйаҕа өлбүт уолаттардаах төрөпүттэргэ араас өрүттээх көмөнү оҥорор Саха сиригэр суос-соҕотох киһи.

Бэйэтин пенсиятыгар уонна кредит ылан аармыйаҕа эмсэҕэлээбиттэр тустарыгар сууттаһар уонна туруулаһар киһибитигэр харчынан үтүө көмөтө оҥоруоххайыҥ диэн ыҥырабыт.

Харчынан көмөҕүтүн Р. Обутовка икки көрүҥүнэн ыытыаххытын син:

  1. Почта переводунан «678391 Нам улууһа п/о Ымыяхтах ул. Заложная, дом 21 Обутову Роману Михайловичу» ыытыҥ.

2. Сбербаанын каартата: 4817 7600 3663 4933 (СМС быһыытынан ааккытын суруйдаххытына, кимтэн кэлбитин көрүө )

“Саха сирэ” хаһыат редакцията.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0