Бүгүн 12.40 чаастан Роспотребнадзор Саха сиринээҕи управлениетын салайааччыта Маргарита Игнатьева уонна Суһал штаб салайааччыта, СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина брифинг ыыттылар.
Маргарита Игнатьева этэринэн, кулун тутар 21-22 күннэригэр Дьокуускай куорат аэропуордугар Арассыыйа иһиттэн (Москва, Хабаровскай, Новосибирскай, Иркутск) кэлбит 16 рейси бэрэбиэркэлээбиттэр. Бу рейстэринэн 92 киһи Арассыыйа олохтооҕо тас дойдуттан кэлбит. Ону тэҥэ 26 тас дойду киһитэ. Кинилэртэн 11 киһини обсерваторга киллэрбиттэр. Маны сэргэ Нерюнгригэ, Мииринэйгэ, Ленскэйгэ ис рейстэри бэрэбиэркэлээтилэр.
Ольга Балабкина этэринэн, бэҕэһээ СӨ Ил Дархана Айсен Николаев кыраныысса тыһагр сылдьан кэлбит дьону 14 күн үлэҕэ таһаарбат туһунан анал быһаарыы ылыммыт. Мантан салгыы Ольга Балабкина улуустар, оройуоннар салайааччыларыгар улахан эппиэтинэс сүктэриллэрин эттэ. Уонна Обсерваторияҕа киирии саамай эрэллээх көрүҥүнэн буоларын чопчулаата. Онон үлэ күүскэ ыытыллар.
Женни Стрюкова, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru