Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2-с №-дээх балыыһаҕа обсерватор хайдах үлэлиирий?
Өрөспүүбүлүкэ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин суһал сулууспалара ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимигэр үлэлииллэр.
edersaas.ru
Күн аайы суһал ыарыһахтары балыыһаҕа ылаллар, эпэрээссийэлииллэр, атын да мэдиссиинискэй процедуралары оҥороллор, нэһилиэнньэ ыҥырыытыгар тиийэллэр, саҥа киһиэхэ күн сирин көрдөрөллөр. Маныаха барытыгар балыыһа исписэлиистэригэр коронавирус инфекцията сыстыбатыгар туох кыалларын барытын оҥороллор.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2-с №-дээх балыыһа кылаабынай бырааһа Иван Иванов иһитиннэринэн, балыыһа отделениелара толору үлэлии олороллор:
— Билигин биһиэхэ 370 суһал эмтэниигэ наадыйааччы баар. Сыҥаах-сирэй отделениетыгар обсерватор тэрилиннэ. Манна киирэр ыарыһахтар хирургия уонна реанимация өҥөлөрүгэр наадыйыахтарын сөбүн өйдүүбүт. Ол иһин, эпэрээссийэлиир блоктартан биирдэстэригэр бу ыарыһахтарга эпэрээссийэ уонна реанимация куойкаларын бэлэмнээтибит. Ыарыһах уонна доруобай дьону алтыһыннарбат итиэннэ эмчиттэри инфекцияҕа сыстыыттан харыстыыр туһуттан балыыһабытыгар кыра уларытыылары киллэрдибит – обсерваторга уонна реанимация куойкаларыгар баар ыарыһахтарга туспа лиипи үлэлэтэбит. Ону таһынан, биһиги ыарыһахтарбытын эмтээһин хаачыстыбата эмсэҕэлээбэтин наадатыгар наадалаах мэдиссиинискэй көмөнү уталыппакка оҥорор быраастар биригээдэлэрэ тэрилиннэ. Бу күннэргэ олус улахан ноҕурууска ыарыһахтары тутар “приемнай” отделениеҕа сүктэриллэрин өйдүүбүт. Хирургия уонна реанимация отделениелара уруккутун курдук үлэлииллэр.
Инфекция тастан киириитин бохсор туһуттан эмтэнээччилэргэ аһы-үөлү о.д.а. аҕалалларын тохтоттубут. Нэһилиэнньэ маннык дьаһаллары ылыммыппытын сөпкө өйдүүрүгэр уонна өйүүрүгэр көрдөһөбүт.
“Саха сирэ” хаһыакка, edersaas.ru саайтка
анаан Зоя ИГНАТЬЕВА.