“ОБОТ ТҮҮТҮН ЫЛЛЫҤ ИНИ?”

Ааптар: 
04.02.2022
Бөлөххө киир:

Биир үтүө саас эмиэ хаһыа да буолан Халы Баалыбытыгар кустуу таҕыстыбыт. Тэрээһин туох да үчүгэйэ сүрдээх. Ким тугу ыларын, кумааҕы уйарынан испииһэк бөҕөтө. Оччолорго тойоммут абаҕам Төгүрүк Былаас. Кэтэһэн кэлтэгэй буолбут кэннэ, сандал сааспыт кэлэр кэмигэр кэллэ. Мин оччолорго ДТ-75 тыраахтардаахпын, онон сыарҕа тардарынан тиэнэн таҕыстыбыт. Дьэ, ол курдук үөрэн-көтөн икки көстөөх сири өр гыныахпыт дуо, начаас тигинэтэн тиийдибит.

Өрүү буоларын курдук, сыбаайбатааҕар эрэ кыра бырааһынньык буолла. Тыл эгэлгэтэ этилиннэ, былдьаһа-былдьаһа атыыр ырыа дьиэрэйдэ. Мөлтөх ырыаһыттар күөмэйдэрэ бүттэ. Арай Төгүрүктэр төгүрүччү ырыаһыт дьон, күөмэйдэрэ улам аһыллан, дөксө чөллөрүйэн барда.

Дьэ ол курдук күнү быһа түбүгүрэн, киэһээнэн оҥостон бүтэ быһыытыйдыбыт. Мин бу сырыыга Суккуна Дьөгүөр сүлбэтин баһыгар күөрэтэргэ диэн үрдэ аһыллар дугдаҕа сытар буоллум. Суккунам сүрдээх мэс­­киэр ыйытыылаах, ону билэр буолан соччо кыһамматым. Киэһээ кустуу кэлбит дьон быһыытынан дугдаларга утуу-субуу киирии буолла. Мин элбэх мончуугум суох. Уончаны онон-манан анньан сытабын. Киэһээ хараҥарыыта уу тыаһа “сыырк” гынна, көрбүтүм, биир кыра кус түһэн хоройон олорор эбит. Быйыл саҥа МЦ-12 аптамаат саа ылбытым, онон адьас тииспэр диэри сэбилэммит курдук сананан сылдьабын. Олордон эрэ ытыахпын син биир табабын дии санаан, көтүтэн баран аптамааттаан күөрэтэн ытыахха диэн буолла. Хаһыытыы түһэн баран ойон тураат, соһуйан ыһыкта-ыһыкта, көтөн тахсан иһэр куспун ытан куугунаттым.

Бастакы үс ытыыбын бөлөхтөттүм быһыылаах, сыыһан кэбистим. Төрдүс ытыыбар, дьэ, холкутуйан үчүгэйдик кыҥаат ыттым. Куһум табыллан үнтү кумаланан, үөһээ баҕайыттан ыраах дулҕа быыһыгар түстэ. Ону эт хараххынан, эт илиигинэн, атаххынан көрдөөн туһа суох. Дьиэҕэ хаалбыт кырдьаҕастарга борохуот хаһыытын хаһыытаатым. “Ыты Доҕору ыытыҥ, кус сүттэ”, — диэн Улукуччу сүнньэ дьиһигийиэр диэри хаһыытаатым. Саа тыаһын истибит ыт муҥунан түһэн кэллэ да, өр өтөр гыммата, куһу дулҕа сэтиэнэх быыһыттан начаас булан ылла. Охсуһуу аҥаардаах былдьаһыы кэннэ кус мин илиибэр киирдэ.

Дьэ, доҕоор, уҥуору дугдаттан бэйэтэ ыппыт курдук Суккуна Дьөгүөр ойон таҕыста, сүлбэ уутугар киириэх дьүһүлэннэ.

— Хайа тугу ыттыҥ? — диэн сыыбырҕаата.

— Мин куска сытар киһи куһу ытымына, куобаҕы ытыам дуо, — диэн буолла.

— Хаһыаларый?

— Соҕотох, соҕотох, тугу көрө сытаҕын, халлаан сырдык дии…

— Туох куһуй?

— Тууй сиэ, көрдөххүнэ хааһы тутан кэллим дуо, хараҕым букатын үчүгэй диэн киһиргиир этиҥ дии. Чуккуй, чыркымай, чирок.

— Ээ доҕор, эмиэ да соҕотох кус диэбитиҥ дии, аны хайдах үһүө буолан хааллылар?

— Соҕотох кус диибин дии, ити эйигин иһиттин диэн чуккуй ааттарын ааттаатым.

— Тыһыта дуу, атыыра дуу?

— Атыыр атыыр, кырааската өҥө үчүгэйэ сүрдээх.

— Оо дьэ абыраммыт да киһигин, мин хаһан дэҥниирим буолла. Эмис дуо?

— Бу да оҕонньору көр, ол мин кини эмиһин билээри үргээн үргэҥнэтиэм дуо. Хайа эмээхсиним: “Сатана уола киргили өлөрөн баран, соруйан кус өлөрдүм диэригин үргээтиҥ ини”, — диэҕэ. Акаары, сааскы кус хаһан хаһатын соһон кэлбитин көрбүккүнүй, түксү киһини мэскийэн бүт.

Киһим ону истибэтэх курдук:

— Обот түүтүн ыллыҥ ини? — диэн кимнээҕэр холку куолаһынан ыйытта.

— Оо, бу күтүрү көр, ол, бу хараҥаҕа хантан булан обот түүтүн тэһи тардан ылар үһүбүөн.

— Эмэһэтигэр, эмэһэтигэр баар ээ, саха оҕотоҕун буолбаккын дуо. Ылан, ылан кэбис, кырдьаҕас киһи тылын иһит. Обот түүтүн ылбатаххына, сыатын сыыһын оборон ылыа, оччоҕо кус миинэ барбат буолар.

— Хара сордоох, ылыам-ылыам, тохтоо, мэскийэн бүт, кус да көтөрө чугаһаата. Хаһыытыы сыттаххына, туох куһа түһэр үһү. Оҕонньор төрүт да истибэтэх курдук «кускун аттыгар тиэрэ уурдуҥ дуо?” диэн ыйыта сытта.

— Ууруом, ууруом, туох хара сордоох оҕонньорой.

— Чэ, кытаат, сыччыа, ханыы тардыһыннарар, таттарар баҕайыта тиэрэ, тиэрэ уур.

— Сөп, сөп барытын эн эппитиҥ курдук оҥордум, түксү лэбэйдээн бүт, харбыт быластыыҥка курдук буолума. Кус көтөн эрэр.

— Доҕоор, баарыҥҥыттан кус көтөн эрэр диигин да, ханна баалларый, биир да кэлбэт, көстүбэт дии. Хата, куһуҥ атаҕын көр эрэ. Хайа алҕаска биһилэхтээҕэ буолаарай?

— Бу хара сордоох, ол эн тарбаххар эмээхсиннээҕиҥ бэлиэтэ биһилэхтээҕин иһин, хас кус аайы кэтэппэтилэр ини. Уонна чороҥ соҕотох этэ, ол аата холостуой, сулумах, эмээхсинэ суох диэн.

— Ээ сыччыа, сүрэҕэлдьээбэккэ көр. Былырыын Куйбаахылар Аппанаастаах биһилэхтээх куһу ытан, соҕуруу ыытан, син ботуччу бириэмийэ харчы ылан күннээбиттэр этэ.

— Суох, суох атаҕа, сотото кубус кураанах.

— Кураанах буолбакка, көтөрүгэр уута салгыҥҥа куурдаҕа дии.

— Оо, бу да оҕонньор, быйыл төрүт сүгүн кустаппат киһи буоллуҥ. Эгэ уонча куһу өлөрүүм.

— Уон куһу өлөрдүм даа. Бай ыппакка сытан хайдах өлөрдүҥ?

— Ээ, бүт эрэ бу оҕонньор төрүт түөһэйбит буолбат дуо?

— Суох, төрүт түөһэйэ иликпин, илэ өйбүнэн сылдьабын. Хата, сыччыа, тыллаах-өстөөх киһи биир эмэ эмээхсини сыбааттыаҥ буолаарай?

— Чэ кэбис, сүгүн кустатыа суоххун. Аллараа диэки көҕөттөр саҥараллар, олору көрө бардым.

— Ол тоҕо көрдүҥ, мусуой чуучулаларын курдук ыппаккын дуо, муода булчут буоллуҥ.

— Чэ, оҕонньор, бүт, мин хаама бардым.

Дьэ, ити курдук ол саас бэрт сорунан кустаатаҕым үһү. Хас киэһээ аайы инник лэбэйдэһэн сааһаатыбыт.

Суккуна Дьөгүөр бэрт холку оҕонньор этэ. Үйэтин тухары булчут этэ. Суох буолбута хас да сыл буолла.

ӨЛӨКСӨӨН.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
2
+1
2