Оборуона министиэристибэтин быстах хомуур туһунан быһаарыыта
Оборуона министиэристибэтэ быстах хомуурга (мобилизация) сыһыаннаан тугу быһаарар эбитий?
▪️ туруоруллубут соруктары толорууга наадалаахтар ыҥырыллыахтара — бу, биллэн турар, бэргэн ытааччылар, танкистар, артиллеристар, суоппардар, мэхээнньик-суоппардар
▪️ саппааска сылдьааччыларга хомуурга ыҥырыыга уочарат диэн суох, ол эрээри сөптөөх байыаннай-учуоттанар идэҕэ сөп түбэһээччилэргэ ордук болҕомто ууруллар
▪️ ыҥырыллааччылар ахсааннара байыаннай чаастар штаттарын толорууга наадыйыынан быһылынна
▪️ сүрүн ирдэбиллэртэн биирдэстэрэ – бойобуой уопуттара
▪️ офицердары сэргэ рядовойдар уонна сержаннар ыҥырыллыахтара
▪️ сокуон быһыытынан хомуурга 35 саастарыгар диэри саастаах рядовойдар уонна сержаннар, 50 диэри саастаах младшай офицердар, 55 диэри ыстаарсайдар ыҥырыллыахтаахтар
▪️ сөптөөх байыаннай-учуоттанар идэлээх дьахталлар солбуйуохтарын сөптөөх дуоһунастар бааллар, холобура, медүлэһиттэр – ол эрээри бу исписэлиистэргэ соччо наадыйбаттар
▪️ сокуоҥҥа олоҕуран ыҥырыллыбаттар:
- броньнаах гражданнар, кинилэргэ оборона бырамыысыланнаһын үлэһиттэрэ киирэллэр
- доруобуйаларын туругунан быстах кэмҥэ сөбө суохтарынан билиниллибиттэр
- дьиэ кэргэннэрин чилиэнин биитэр бастакы группалаах инбэлииттэри бастайааннай көрөөччүлэр-ыарыылааччылар
- 16 диэри саастаах 4-тэн уонна онтон ордук элбэх оҕолоохтор
кинилэри сэргэ ийэлэрэ 4 уонна онтон элбэх 8 саастарыгар диэри саастаах оҕолордоох уонна кинилэри кэргэнэ суох иитэр буоллахтарына
▪️ олохтоммут бэрээдэгинэн тэрилтэҕэ броньнаах гражданнар ыҥырыы болдьоҕун уһаттарар бырааптаахтар, “Мобилизацияҕа бэлэмнээһин туһунан” сокуон 18 ыстатыйатын 1 пуунугар олоҕуран
▪️ байыаннай биэнсийэлээх сэбилэниилээх күүстэр биэдэмэстибэлэригэр сыһыаннааҕыттан тутулуга суох, астаапкаҕа олорор буоллаҕына (65 сааһын ааспыт эбэтэр доруобуйатын туругунан) уонна байыаннай учуоттан уһуллубут буоллаҕына, кини хомуурга ыҥырыллыбат
▪️ саппааска олорооччулартан ыҥырыллааччылар ахсааннарыгар кубуота олохтоммот, ыҥырыллар саппаас кээмэйиттэн таһааран хас биирдии эрэгийиэҥҥэ хомуурга туспа сорудах чопчуланна, ити эрэгийиэҥҥэ байыаннай учуокка турар дьон ахсааныттан тутулуктаах
▪️ Арассыыйа тас өттүгэр олохсуйбут уонна байыаннай учуокка турбат буоллахтарына, оттон кылгас кэмҥэ дойдуларыттан барбыттар уонна Арассыыйаҕа олорор сиринэн байыаннай учуокка турааччылар ыҥырыллыахтарын сөп
Бэлэмнээтэ Женни Стрюкова
Хаартыска: myslo.ru