Саадьаҕай- тиҥэһэ оҕус буолла. Сүүһэ будьуруйан, муостара адаарыһан, сүнньэ сѳллѳстѳн, хааннааҕынан кѳрѳн, амырыын атыыр оҕус киэптэннэ. Күѳххэ үктэнээт кѳҥүл босхо барда. Айаатаан, ыһыытаан-хаһыытаан чугас эргиннээҕилэри атахтарынан куоттарда, кыахтаммытын билиннэ. Бэл, бииргэ үѳскээбиттэрин тоҕута-хайыта кэйиэлээн дэлби кэлэттэ. Оннооҕор ийэтин сүгүн хаамтарбат. Үѳртэн үѳргэ кѳһѳ сылдьан таҕылын ханнарар, таптаабытынан кѳрүлүүр, былааһы барытын бэйэтигэр ылла. Тѳһѳ ѳр айбардыа эбитэ буолла, биир үтүѳ күн орулаппытынан тэһээҥкэтин быһан кэбистилэр. Саадьаҕай оҕус сытар ынаҕы туруорбат буола сымнаата. Бэйэтин үѳрүгэр сыста сатаабытын чугаһаппатылар, кэлэйбиттэрэ бэрт. Үѳртэн тэйиччи туттар буолла, соҕотохсуйуу муҥун биллэ. Кырыа кыһын иһэрэ биллэн барда, сүѳһүлэр хотоҥҥо хонор буоллулар. Саадьаҕай хотоҥҥо киирээри ѳҥѳйдѳҕүнэ сирэйин быһыта сынньан таһаараллар. Таһырдьа хаар кыыдамныыр, арай, оҕус эрэйдээх хотон айаҕар ѳкчѳччү тоҥон, хараҥаҕа боруоран турара сүѳргү кѳстүү.
Оҕус тугу саныыра буолуой?.. Ааспыт кэрэ кэмнэрин дуу, эбэтэр олус айбардаан манныкка тэбиллибитин дуу?.. Ол эрэн, бу оҕуһу кѳрѳн «киһи бэйэтигэр күттүѳннээх түмүк оҥостуон сѳп эбит» диэн толкуйдаатым.
***
Билиҥҥи сайдыылаах үйэҕэ оҕуһу итинник үгэлээн хоһуйуохха сөбө эбитэ дуу?.. Онтон былыр, өбүгэлэрбит барахсаттар оҕуһу миинэр миҥэ, көлүнэр көлө оҥостон «һай-һат!» диэн кэллэхтэрэ. Оҕус хас ыал аайы баара. Хайдахтаах да тохсунньу томороон тымныытыгар, туйаҕа туллан түһүө да буоллар, «пууш» гына, туманы будулутан, сурдурҕаччы тыынан, лөглөччү тиэйиллибит оту кудуххайдык соһоро, тыаҕа мас көмнөх хаарын түһэрэн, тоҥуу хаары оймоон оттук маһы сыарҕа муҥунан аҕалара. Сайыннары-кыһыннары бурҕалдьытын устубакка, аа-дьуо лэппэрдээн үлэни барытын толороро. Хайдахтаах да оҕус майгыта үчүгэйинэн, сымнаҕаһынан биллэрэ. Сэрии, уот-кураан сылларыгар аччыктаан төһө да ырдар, бурҕалдьытын устан сытынан кэбиспэтэҕэ. Төһө да оргууйдук үнүөхтээтэр, киниэхэ сүктэриллибит үлэтин эрдээхтик толорон, саха балаҕанын уотун умуллаттарбатаҕа, сүөһүлэри аччыктаттарбатаҕа. Хор, оҕус барахсан, оннук эрэллээх көлө буоларын бигэргэттэҕэ. Оҕус билигин төһө да суолтата сүттэр, сүҥкэн өҥөтө умнуллуо суохтаах. Бу, Улуу Кыайыы 75 сылын көрсө, Бороҕоҥҥо буолуохтаах улахан тэрээһиҥҥэ, нэһилиэктэр оҕустары киллэрэн, кыайыыны уһансыбыттар кэккэлэригэр туруоран хаамтараллара буоллар, оҕуска сүгүрүйүү, ытыктабыл үөскүө этэ. Силигин ситэрэн, сырыһыннаран бырааһынньыгы киэргэттэр бэрт да буолуо эбит.
Алаас-сыһыы аайытын
Атыыр оҕус айаатааһына,
Ой дуораана буолан
Дуораһыйа көттүн.
Саха сайаҕас оҕуһун
Сайбаччы миинэн,
Сибэккилээх сыһыынан
Сэгэччи хаамтардын.
Сарсыардааҥҥы сииккэ
Саадьаҕай оҕус,
Сайгыччы соҕус
Сэгэлдьийэ сырыттын.
Сүөһү үөрүн оҕуһа
Сүтэн-оһон хаалбатын,
Сахам тыатын сиригэр
Сириэдийэ туруохтун.
Иннокентий Попов — Оҕуруоттаах
Уруһуй: pinterect.com