Оҕуруотчут түбүгэ

Ааптар: 
29.05.2020
Бөлөххө киир:

— Оҕуруотчуттарга билигин саамай түбүктээх кэм. Тэпилииссэни бэлэмнээһин, буорун көбүтүү, арассаадалары тэпилииссэҕэ көһөрүү, олордуу, — диир оҕо уһуйааныгар педагог-психологынан үлэлиир Нам улууһун Аппааны нэһилиэгин олохтооҕо Нина Саввина.

— Тиэргэммэр үүнээйини олордуунан бэйэм сөбүлээн дьарыктанабын. Өрөспүүбүлүкэ оҕу­руотчуттарын батсаабынан бөлөҕөр баарбын. Онон улахан үөрүйэхтээх оҕуруотчуттартан ыйыталаһабын, хаһыакка бэчээттэммиттэри анаан ууруна сылдьан көрөбүн, интэриниэккэ тахсыбыттары ааҕабын.

Сыл аайы оҕуруоппар үүнээ­йилэрбин син биир кыралаан эппитим эрэ баар буолар. Үүнээйи саҥа арааһын көрдүм, иһиттим да булан олордорго кыһаллабын, — диэн этэр.

Мантан салгыы Нина Семеновна сүбэлэрин билиһиннэрэбит.

ТЭПИЛИИССЭ БУОРУН БЭЛЭМНИИБИТ

Тэпилииссэ буорун күһүн бэлэмниир ордук. Үүнэн тахсыбыт отун ыраастыыбын уонна хара буору күһүн кутан кэбиһэбин.

Хара буору маннык бэлэм­ниибин: ынах сибиэһэй эрээри хаппыт киитин (куру буолбатах) туттабын. 200 лиитирэлээх хара салапаан мөһөөччүккэ аан бас­таан киини толору хаалыыбын. Онтон 2-3 биэдэрэ сы­­лаас соҕус ууну кутабын. Итиэннэ эбии, киини буорга түргэнник кубулутарга көмөлөөх эбилиги — “Компостины” ууга суурайан баран кутан кэбиһэбин. Холобур, мин 10 лиитирэ ууга убаҕас “Компостин” аҥаарын кутан булкуйабын. Манныкка кии хара буорга кубулу­йара түргэтиир.

Салапаан мөһөөч­чүгү ыга баайан баран, сайын устата күн уотугар туруорабын. Көрөн сөп-сөп уу кутабын. Өссө ол ууга 1 лиитирэ курдук­таах “Фитоспоринтан” үс гыммыт биирин биир биэдэрэ ууга суура­йан баран, бу туруорар ­буоргар куттахха, ыарыыга бэриммэт. Эһиилигэр эмтэммит хара буор бэлэм. Бу буору арассаадаҕа туттабын уонна тэпилииссэҕэ эбии кутабын. Сыл ахсын оннук 5-6 куулу бэлэмниибин.

Оччоҕуна тэпилииссэбэр күһүн кутан бэлэмнээбит буорбар саас хаар кутан кэбиһэбин. Күн-дьыл сылыйан истэҕин ахсын, куппут хаарбыт ууллан, буору илитэр. Күн уотун кытары тэпилииссэ сылыйар, паарданар. Буор түргэнник ирэр.

Тэпилииссэҕэ үүнээйини олордуох иннинэ бас­таан маргаанкалаах итии ууну кутабын. Маргаанканы уу өҥө уларыйарын курдук (оруосабай) кыратык таммалатабын. Бу буорга баар үөн-көйүүр личииҥкэлэрин өлөрөр.

Ол кэнниттэн, кыратык тохтуу түһээт, “фитоспоринтан” кы­­маах курдугу ылан биэдэрэлээх ууга булкуйабын уонна кутабын. Эбэтэр “Роса” бытыылкатыгар бэлэмнээн кэбиһэн баран, илдьэ сылдьан бу суурадаһыммын туттабын. Маннык ньыманан туһаныы үүнээйини араас ыарыыттан, үөнтэн-кө­йүүртэн харыстыыр, буору эмтиир. Ол түмүгэр, үүнээйилэр ыалдьыбаттар.

АРАССААДАНЫ — ТЭПИЛИИССЭҔЭ

— Мин биир тэпилииссэбэр арассаада үүннэрэбин. Бу тэпилииссэм биһиэхэ саҥа тарҕанан эрэр “Светлица” диэн салапаанынан бүрүллүбүтэ. Иккис сылбын туһанабын, биһирээтим.

Оҕурсуну, кабачуогу, хаппыыстаны, сүбүөкүлэни тута тэпилииссэҕэ арассаадалыыр ордук дии санаатым. Киэҥ-куоҥ сиргэ олордуллар буолан, көһөрөргө табыгастаах. Уонна үүнээйи сырдыкка, сылааска үчүгэйдик, түргэнник үүнэр.

КӨРҮҮ-ХАРАЙЫЫ

Тэпилииссэҕэ арассаада быкпытын кэнниттэн, бас­таан “Байкал” уоҕурдууну эрэ туһанабын. Бу буорун эбии аһатарга көмөлөөх. Биир биэдэрэ ууга биир хаппах “Байкалы” толору ылан булкуйдахха сөп буолар.

Онтон кэлин, үүнээйилэрбин олохтоох миэстэлэрин буллартаан баран, үүнээйилэргэ бэйэлэригэр аналлаах уоҕурдууларынан туттабын. Холобур, умнастарын, силистэрин бөҕөргөтөрү.

ЭРДЭ СИИРИ ТУСПА

Оҕурсулары тэпилииссэҕэ уонна аһаҕас парникка олордобун. Эрдэ сииргэ оҕурсуларбын, холобур, “Изумрудный поток”, “Стелла”, о.д.а. муус устар бүтэһигиттэн олордубутунан барабын. Бу оҕурсулар астарын бэс ыйыттан биэрбитинэн бараллар.

Тууһуурга уонна утары үргээн сииргэ эмиэ хас да арааһы олордор ордук. Холобур, “Кураж”, “Бабушкин секрет”, о.д.а. ордоробун.

Бу сүбэлэр, баҕар, кимиэхэ эмэ көмөлөөх буолуохтара. Атыттартан эмиэ сүбэ-ама күүтэбин.

Бэчээккэ бэлэмнээтэ Сардаана Баснаева

Хаартыскалар Нина Саввина түһэриилэрэ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0